Мурманскай экстремал-туристара Арктика устун бураанынан айанныыллар
Бу күннэргэ Анаабыр улууһун Үрүҥ Хайатынан Мурманскайтан үс экстремал-турист айаннаан аастылар.
edersaas.ru
Омос санаатахха, күн аайы кэриэтэ төһөлөөх үгүс экстремальнай айаны сөбүлүүр дьон Сахабыт сирин усталаах-туоратынан айанныыллара буолуой? Ол эрээри мурманскайдар киһи болҕомтотун тардыахтарын тардар айанньыттар буолан биэрдилэр. Ол курдук, тохсунньу 11 күнүгэр Мурманскай куораттан үс экстремал-турист «Ямаха» бурааннарын собуоттаат, Арассыыйа Арктикатын туһаайыытын тутуспуттар. «Бойобуой» похуоттарын уолаттар «Хотугу ыллык» («Северная тропа») — 2019» диэн ааттаабыттар. Кинилэр кимнээҕий? Уолаттар бары Челябинскай уобалас Магнитогорскайын олохтоохторо. Бөлөҕү 50 саастаах предприниматель, суруналыыс Александр ТАБАКОВ салайар. Кинини кытта штурманынан 33 саастаах предприниматель Геннадий ЧЕРНУХА, механигынан 41 саастаах инженер-конструктор Евгений БЕРДНИКОВ айанныы сылдьаллар.
Экстремал-туристар бары хотугу усулуобуйаҕа айанныы үөрүйэх дьон. Ол курдук, 2013 сыллаахха бөлөх бу састаабынан Мурманскайтан Чукоткаҕа диэри 11 600 км айаннаабыттаах. Быйыл бу рекорду тупсарар соруктаахтар.
«Хотугу ыллык» — 2019» айан бырайыагын Игорь СМОЛИН сүрүннүүр. Кини экстремал-туристар тохтуур куораттарынан сылдьан суруналыыстары кытта кэпсэтэн, бу айаны сырдатар, бырайыак кыттааччыларын араас боппуруостарын быһаарар.
— Бүгүҥҥү туругунан айан бырайыага этэҥҥэ баран иһэр. Айан Мурманскайтан саҕалаан Паанаярви Национальный паарканан, Кеминэн, Беломорскайынан, Архангельскайынан, Нарьян-Марынан, Диксонынан, Челюскин мыыһынан, Тиксиинэн, Чокурдааҕынан, Уэленынан, Анаадырынан сылдьан, Петропавловскай-Камчатскайга түмүктэниэхтээх. Ол эбэтэр, Арассыыйа аҕыс регионунан: Мурманскай, Архангельскай (+ Ненецкий АО), Тюменскай (ЯНАО) уобаластарынан, Карелия, Саха Өрөспүүбүлүкэлэринэн, Красноярскай (Таймырскай (Долгано-Ненецкэй АО), Камчатскай кыраайдарынан (+ Корякский уокурук). ), Чукотскай АУо үс ыйы быһа айанныахтара. Айан уһуна — 17 000 км. Балтараа ый устата 7 тыһ. км бардылар. Сүрүн таһаҕастара — уматыктара.
Айан саамай уустук учаастагынан Таймыыр буолла. Ямало-Ненецкэй автономнай уокурукка өрөмүөҥҥэ тура түһэн баран салгыы айаннаатылар. Диксонтан Челюскин мыыска тиийиилэригэр буурҕа мэһэйдээн, үс күн оннугар нэдиэлэ айаннаатылар. Онно тохтоон буурҕа тохтуурун кэтэһэ түстүлэр. Хоту сиргэ саас чугаһаан иһэр. Сотору ириэрии буолуоҕа. Оччотугар айан атахтаныан сөп. Ол иһин уолаттар айаннарын тиийиэхтээх сирдэригэр, Петропавловскай-Камчатскайга муус устар ортотугар түмүктүүр былааннаахтар, — диэн кэпсиир бырайыагы сүрүннүүр Игорь Смолин.
Бырайыагы Нуучча географическай уопсастыбата уонна М. Ломоносов аатынан Москватааҕы судаарыстыбаннай университет өйүүллэр. Бырайыак кыттааччылара билигин Арктикаҕа улахан болҕомто ууруллубутунан сибээстээн, айанньыттар хотугу дойду усулуобуйатыгар таҥаһы, аһы-үөлү, тиэхиньикэни бэрэбиэркэлээн, экэниэмикэ сайдыытыгар өйөбүлү оҥоруохтарын сөп диэн бэлиэтииллэр.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска — интэриниэттэн.