«Муоста тутуута — барыбыт үөрүүбүт»

19.11.2019
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан Төҥүлү нэһилиэгин үҥкүүһүттэрэ Дьокуускайга «Саха» НКИХ «Үҥкүүлээ»  куонкуруһугар кыттаары, Өлүөнэ эбэни сатыы туораан иһэр хаартыскалара батсаабынан тарҕаммыта. Кэрэҕэ тардыһар хорсун санаалаах тыа сирин үлэһит дьонун киһи барыта сөхпүтэ, хайҕаабыта. Ол быыһыгар «хаһааҥҥа диэри бу курдук эрэйи көрүөх бэйэккэбитий?!» диэн ис сүрэхтэриттэн санааларын үллэстэн суруйааччылар эмиэ бааллара.   


Бүгүн Төҥүлүтээҕи «Эйгэ» култуура киинин дириэктэрэ Александра Баишеваны кытары кэпсэттим.

—«Ситим» үҥкүү бөлөҕүн 10 киһитэ, бары оҕолоох-уруулаах ыал ийэлэрэ, аҕалара, күөн күрэскэ кыттар туһуттан, Өлүөнэ эбэни сатыы туораабыппыт. Кыһалҕаттан. «Ирбис» олбохтоох суудунанан туоруохпутун, сыаната ыарахана салыннарбыта. Оттон күөн күрэскэ анаан бэлэмнэммиппитин халтайга хаалларарбыт, туһугар, кыһыылаах курдуга.  «Кыттабыт» диэн бигэтик быһаарыммыт дьон, кэннибитинэн кэхтэр санаабыт суоҕа. Аар айылҕабыт барахсантан «эбэбит барахсан турдун. Биһигини этэҥҥэ туораттын» диэн  көрдөһө-ааттаһа сылдьыбыппыт. Хатаһынан айанныыр күммүтүгэр истээх ыстаан, уу саппыкыта кыбыныылаах туруммуппут. Уолаттарбыт, эр дьоммут инникилээн, тоҥуу хаарга суол омоонун таһааран, тоҥмут мууһу ыраастаан, биһиги наһаа сылайбакка-элэйбэккэ тиийэрбит туһугар кыһаллыбыттара. Ол курдук, чаастан ордугунан хааман дьоллоох Дьокуускай сиригэр этэҥҥэ үктэммиппит.

Оттон бэҕэһээ, Өлүөнэ эбэбитин туоруур муоста тутуллара быһаарыллыбытын туһунан истэн наһаа үөрдүбүт. Илин эҥэрдэр айаммытыгар өр сылларга эрэйи көрбүппүт, дьэ, тохтуо буоллаҕа! Бука барыбытыгар тыын боппуруос буолбут муостабыт дойдубут сайдыытыгар сүҥкэн оруолу ылыаҕа. Далааһыннаах тутууга дьоһун хардыы оҥоһулунна.

Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Сүрүн хаартыска батсааптан ылылынна

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0