Ол туһунан СӨ Тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцев быһа эпиир кэмигэр иһитиннэрдэ.
Edersaas.ru
Бырайыак быһыытынан, Өлүөнэ өрүһү туоруур муостаны тутуу эһиилгиттэн саҕаланан баран, 2025 сылга бүтүөхтээх диэн этэ.
— Уонча хонуктааҕыта РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Марат Хуснуллин ыыппыт мунньаҕар федеральнай тырааныспар министиэристибэтэ Өлүөнэ муостатын тутуу туһунан боппуруоһу көтөҕөн, ырытыһыы буолла. Онон муоста ыйыллыбыт болдьоҕуттан биир сыл эрдэлээн, 2024 сыл от ыйыгар тутуллан бүтүөн сөп.
Кэлиэгэлэрбитин, федеральнай министиэристибэни, “Росавтодоры” кытары бу боппуруоска күүскэ үлэлэһэ сылдьабыт. Кинилэр тыйыс усулуобуйабытын, саас-күһүн сырыы тохтоон хааларын барытын учуоттаан, маннык быһаарыныыны ылыннылар, — диэн Владимир Сивцев кэпсээтэ.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа: Өлүөнэ муостатын бырайыага.