Муосчут Дьуур

06.02.2017
Бөлөххө киир:

Киһи элбэхтэ айаннаатаҕына араас талааннаах ыччаты кытары билсэр. Улуус аайы оннук ыччат үгүс. Хомойуох иһин бука барыларын билбэппит, бэйэлэрэ даҕаны биллэ-көстө сатаабаттар. Талааннаах киһи судургу майгылаах, киһиргэнэн кэпсэнэ сылдьыбат, дьонугар-сэргэтигэр өрүү үтүөнү эрэ оҥорор. Муоһунан, көмүһүнэн уһаныы талаан биир ураты көрүҥэ. Араас кыыл муоһуттан дьэрэкээн быһыылаах-таһаалаах, ойуулаах-мандардаах оҥоһуктары оҥорон таһаараллар.

Станислав ИОВЛЕВ, “Саха Сирэ” хаһыат, edersaas.ru

«Эдэр саас» хаһыакка Юрий Корякин диэн муос ууһа идэлээх уол ыалдьыттаата. Кини уон сааһыттан саахалга түбэһэн, истэр уорганын эчэппит. Куһаҕан хаһан баҕарар үчүгэйдээх дииллэринии, истибэт буолбутун кэннэ, ураты дьоҕура арыллыбыта.

— Юрий, ааҕааччыларбытыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ.

— Мин 1986 сыллаахха Сунтаар улууһугар төрөөбүтүм. Сунтаар үһүс нүөмэрдээх оскуолатынгар ахсыс кылааска үөрэнэ сылдьан, Нерюнгри куоратыгар баар реаблитационнай киин оскуолатыгар көспүтүм. Оскуолабын бүтэрээт, 2006 сыллаахха Дьокуускайдааҕы художественнай училищаҕа муоһу быһарга үөрэтэр салааҕа туттарсан киирбитим. Муоһунан уһанарга онно үөрэммитим, интэриэстэммитим. Учууталларым бары кэриэтэ муос оҥоһуктары оҥорор маастардар этэ. Төрдүс, бэһис куурустарга эдэр уус Олег Соловьев эбии дьарыктыыр буолбута. Кини үөрэҕиттэн элбэҕи туһаммытым. Ону таһынан, бэйэм эмиэ толкуйдаан, айан араас эскииһи оҥорорум. Быыстапкаларга кыттарбыт.

— Уһанаргар ханнык истиили тутуһаҕын? Оҥоһуктарыҥ туох ис хоһоонноохторуй?

— Мин сүрүннээн сувениры, ытарҕаны, араас киэргэллэри, харысхаллары оҥоробун. Матырыйаалларбын дьонтон атыылаһабын эбэтэр хотуттан билэр дьонум ыыталлар. Ойуутун-мандарын барытын бэйэм оҥоробун. Ардыгар сакаастыыр киһи хайдаҕы баҕарарын көрдөстөҕүнэ ойуулаан биэрэбин. Билигин “Уран-Саха” ювелирнай фирмаҕа үлэлиибин. Үлэбэр көмүс оҥоһукка таас олордобун, алдьаммыт оҥоһуктары өрөмүөннүүбүн, уулларан кутабын. Оттон муоһунан киэһээҥҥи өттүгэр, үлэм кэнниттэн дьиэбэр уһанабын.

Ордук хайдах кэмнэргэ уһанаҕын, дьоҕуруҥ арылларый?

 — Мин тэрилтэҕэ үлэлиир буоламмын оннук күнү кэтэһэн олорбоппун. Сакаас киирдэ даҕаны да сонно тута оҥорон иһэбин. Кырдьык, сорох уус дьон иэйиилэрэ сүтэн хаалбыт кэмигэр кылгас кэмҥэ уһаналларын тохтотоллор. Санааларын уһугуннараары араас ньымны туһаналлар. Холобур, ким эрэ айылҕаҕа барар, сорохтор атын идэнэн дьарыктаналлар. Кэлин чааһынай тэрилтэ арыныахпын баҕарабын. Араас талааннаах дьону мунньан дьэрэкээн ойуулаах оҥоһуктары атыыга таһаарыахпын баҕарабын. Билигин барыта илиинэн эрэ үлэлиибин. Сүрүн үнүстүрүмүөннэрбинэн лобзик Саҥа оборудования атыылаһыахпын баҕарабын. Күн аайы саҥаттан-саҥа оҥоһугу оҥоробун. Иллэҥ кэммэр саҥа оһуордары, халыыптары толкуйдуубун, уруһуйдуубун. Ону таһынан, оҥоһуктарбын дьон дьүүлүгэр таһаараары быыстапкаларга кыттары былаанныыбын.

— Эн санааҕар уус киһи хайдах хаачыстыбалардаах буолуохтааҕый.

— Мин уус киһи чопчу маннык буолуохтаах диэн этэр кыаҕым суох. Тоҕо диэтэххэ, хас биирдии уһанар киһи оҥоһуктарыгар ураты буочардаах, албастаах буолар. Барыларын биир халыыпка уган сыаналыыр сатаммат. Мин оҥоһуктарбын оҥорорго, ойуулуурга биир эрэ ньыманы туһаммаппын. Сакаас биэрбит киһи баҕа санаатын толорорго дьулуһабын.

Станислав ИОВЛЕВ, “Саха Сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0