Аллайыаха олохтоохторо Петр уонна Татьяна Стрюковтар Камышково диэн учаастакка сыаҕааны күрүчүөгүнэн хаптара сырыттахтарына, хантан эрэ эмискэ хопто оҕото көтөн кэлбит. Ити сэтинньи 2 күнүгэр этэ. Онуоха эргэ мэҥиэлэрин бырахпыттарын хап гынан, сиэн кэбиспит уонна тоттум “тойон оҕото буоллум” диэбиттии төттөрү көтөн куйаара турбут.
Оттон сэтинньи 8 күнүгэр хоптолорун оҕото нэһиилэ хааман кэлэн соһуппут. Кынаттара барыта муус буолбутун көрөн уйан сүрэхтээх балыксыттар олус аһыммыттар. Петр Христофорович хопто оҕотун тутан биэрэллэригэр көрдөспүт. Көһүппэтэх ыалдьыттарын дьиэлэригэр аҕалан ириэрбиттэр. Атахтара иһэн хаалбытын көрөн, атаҕа суох хаалыыһы дуу диэн бэркэ куттана санаабыттар. Атаҕын тириитэ сараланан түспүт эбит.
Хоптону аһатан-сиэтэн олорбут ыал уоллара Евгений бу нэдиэлэҕэ буранынан дьонугар тиийбитигэр Чокуурдаахха ыытарга быһаарыммыттар. “Бачча тыыннаах хаалбыт көтөр аны сааска диэри тыыннаах сырыттар”, — диэн бу 90 км. кэриҥэ тэйиччи сытар Камышково учаастагыттан хоруопкаҕа уган, таҥаһынан дэлби бүрүйэн баран улуус киинигэр атаарбыттар. Онон, дьэ, сэдэх пассажир айан бөҕөнү айаннаан кэлбит.
Билигин көтөр Айылҕа харыстабылын улуустааҕы инспекциятыгар инспектор уолаттар көрүүлэригэр турар. Бэтэринээрдэр көтөртөн ирдэнэр бары анаалыһы ыллылар. Барыта чуолкайданнаҕына, хопто оҕотун Чокуурдаах орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ ылан биэбэйдиэхтэрэ.
Бу бургомистр диэн ааттанар муора хоптото улааттаҕына, үп үрүҥ буолуоҕа. Билигин оҕо буолан, сиэрэй дьүһүннээх.
Женни СТРЮКОВА.
http//edersaas.ru//