Муора, баҕа эттээх бэрэски уонна хаҥас кулгаах туһунан

Ааптар: 
08.11.2021
Бөлөххө киир:

2017 cыл бүтэрэ иккиэйэх эрэ ый хаалбыта. Сэтинньи саҥатыгар, «сайыммытын уһатабыт» диэн ааттаан, Кэскил күһүҥҥү уһун өрөбүлүн кэмигэр Григорьевтар Соҕуруу Кореяҕа Пусан куоракка барбыттара.

Кэскил быйыл төрдүс кылааска үөрэнэр, «улахан киһи». Балтын, үстээх Күннээйкэни, эбэлэрэ көрө хаалбыта.

Дьокуускайтан ТУ-154 лайнерынан Владивосток (аҕалара Дьулус Петрович этэринэн «Владик») Артем аэропордугар көтөн тиийбиттэрэ. Онно балтараа чааһы баксаалга атааран баран, «Боинг» лайнерга олорон Сеулга куугунаппыттара.

Сеулга интернетинэн эрдэ билсибит, квартираларын биир хоһун суукканан куортамныыр, нууччалыы барбах билэр ыалларыгар удамыр сыанаҕа хонон тураат, оптуобуһунан Пусаңңа элээрдибиттэрэ.

Григорьевтар аара суолга утуйан ылбыттара. Онон сымнаҕас олбохтоох, тыаһа-ууһа суох, сыыдам көлө хас да чаастаах айанын билбэккэ хаалбыттара. Хата, Дьоппуон муоратын кытылыгар сытар куоракка – Пусаҥҥа —   бэркэ чэбдигирэн, сэниэлэнэн тиийбиттэрэ.

Саһархайдыңы – тэтэркэй,  үрдүк куорпустаах баараҕай «Турист» отель онус этээһигэр үс миэстэлээх «семейнэй»  нүөмэргэ түспүттэрэ. Кэскил ийэтэ Луиза Николаевна омук тылын учуутала буолан, наадаларын ааҕылыйалыы додо курдук быһаарсыбыта. Оттон аҕалара омук сирдэринэн сылдьа үөрүйэх буолан, отель кондиционерын, телевизорын, онтон да атын тэриллэрин кытта «уопсай тылы» кэбэҕэстик булбута.

Кэскил хосторун иһигэр сылытар батарея суоҕун дьиктиргии көрбүтэ. Киирэр аан аттыгар, эркиңңэ, хос температуратын көрдөрөр бүлүүһэ түгэҕин саҕа датчик баара. Ол тэрил Цельсийинэн +17 кыраадыһы көрдөрөрө. Сылаас салгын дьиэ үрдүгэр баар кыра, горох саҕа,  хайаҕастартан үрэрэ.

— Сөрүүн буолсу дуу? – Луиза Николаевна хаңас ытыһынан чуолкатын уҥа диэки силэйэн баран, дьагдьайбыттыы ыгдаҥнаан ылбыта. — Таһырдьа 18 кыраадыс сылаас диэн олохтоох ханаал көрдөрөр дии. Ол аата, хоспут температурата таһырдьатааҕар биир кыраадыһынан намыһах эбит.

Кэскил телевизорга элэҥниир былыргы кэриэйдэр олохторун көрдөрөр сериал геройдарын мааны сирэйдэрин аннынан тахсар иероглифтары көрбүтэ. Иероглифтар кэннилэриттэн тута ааҕылыйалыы сурук тахсара.

—  Кэриэйдии тугу суруйбуттарын тылбааһа быһыылаах? – Дьулус Петрович кэргэнин диэки ыйытардыы көрбүтэ.

— Оннук. Көр, бу, сыыппаралар биирдэр дии. – ийэлэрэ экран аннын диэки кытархай шеллактаах илиитинэн ыйбыта.

— Туох диэбиттэрий? – аҕалара, төһө да суруктар ис хоһооннорун удумађалаатар, чуолкайдыан бађарбыта. Кэскил эмиэ ийэтин диэки хайыспыта.

— Вот. Дьиэҕитигэр 17 кыраадыһы тутуң. Кыра оҕолоох буоллаххытына 18 кыраадыс гыныаххытын сөп. Таһырдьа 18 кыраадыс сылаас, муора уутун температурата уон аҕыс аҥаар эбит, — Луиза Николаевна улгумнук тылбаастыы охсубута.

— Уу температурата салгыннааҕар ичигэс эбит. Тоҕо үчүгэйэй! Оттон эн, Киргиэлэйэп,  тугу өйдөөтүҥ, доҕоор, — Дьулус Петрович уолуттан эйэ – дэмнээхтик ыйыппыта уонна санныттан кууспута. Кэскил успуортуу канаадкалаах оройун имэринэн ылбыта:

— Сыыппаралары өйдөөтүм уонна уу – water, муора – sea диэн тыллары.

— Оҕом өй хата буоллађа дии! – ийэлэрэ Кэскили чанчыгыттан сыллаан ылбыта. Таптатан, хайҕатан, уоллара сүрдээҕин астыммыт көрүңнэммитэ.

Пусан үс аңаар мөлүйүөн нэһилиэнньэлээх улахан куорат эбит. Сарсыарда отель рестораныгар  брекфэстээн баран, чугастааҕы ураты архитектуралаах тутуулары, баараҕай дьиэлэри, небоскрёбтары кэрийэн көрбүттэрэ. Муора лайнерын үтүгүннэрэн тутуллубут аарыма дьиэни сонурҕаан, ол фонугар селфилээбиттэрэ. Онтон күн үөһэ ойуута акыйаан кытылыгар киирбиттэрэ.

Аҕалара акыйаан чэбдик уутугар сөтүөлээн бэркэ астыммыта. Кэскил Чуумпу Акыйаан хомотугар чомполонуон бэркэ баҕарбыта эрээри, саараабыта, ууга киирбэтэҕэ. Ийэтэ да көҥүллүүрэ саарбах этэ. Кыра тыаллаах буолан, жакеттаах, пуловердаах сылдьыбыттара.  Хомоҕо тыһыынчанан кус, хаас  болуот курдук уста сылдьалларын көрөн аҕалара долгуйбута:

— Барахсаттарыа! Төһөлөөх элбэх дурдалаах күөллэри, сааһыттардаах сирдэри туораан, көтөн кэлбиттэрэ буолуой! Аара хастара эрэ хаалан, кусчуттар бултара, трофейдара буолан, күөскэ киирдэҕэ…

— Оттон бэйэң эмиэ кустуугун дии! – ийэлэрэ тэллэйбит, кэтит сырдык сэлээппэтин өрө анньыммыта, сэлээппэтин аннынан хара таастаах,  дифрейм кылдьыылаах муодунай ачыкыта килбэҥнээбитэ.

— Мин сылга биири – иккини бултаабытым кэпсээҥҥэ киирбэт ини… — аҕалара ботугураан кэриэтэ хардарбыта. – Урут, эдэрбэр, дьэ, кырдьык даҕаны, харса суох бултуур этим. Өйдүүгүн, Кэскил иккилээҕэр Иккис Хомустаахха  табаарыстарбар тахсан, икки хонон  отучча кустаах кэлбиппин?  Билигин, бу отут биэспин туолуохпуттан, түспэтийэн дуу, барахсаттары аһынар буоллум ээ. Инньэ Кытайтан, Ииндийэттэн, Кэриэйэттэн, тыһыынчанан биэрэстэлэри уңуордаан,  сайылыы, төрүү – ууһуу тиийбит котокулары «халлаантан кырбас эт түстэ» дии – дии доруобунан көрсөрбүт, аны санаатахха, сүрдээх эбит. Кус этин сиэн баҕалаах киһи дьиэ куһун ииттэн күһүн идэһэлэннин эбээт.

— Паапа, отой «зелёнай» буолбуккун дуу? – Кэскил үөрэн чаҕылыңнаабыта.

— Оннук, экологияҕа ураты болҕомто уурдахха сатанар буолбут кэмҥэ олоробут, —  аҕаларын оннугар ийэлэрэ оттомноохтук хардарбыта.

Муора кытылынан дьаарбайа түһэн баран, хомоттон чугас турар  кафеҕа эбиэттии киирбиттэрэ. Иллэҥ остуолу булан олороотторун кытта, ис киирбэхтик мичимээрдээбитинэн официантка кыыс баар буола охсубута, менюну үҥүлүппүтэ. Ким-чи хаппыыста, ыһаарыламмыт эттээх ириис, бэрэски, ууга буспут быычыкаа кальмар оҕолорун, утахха сибиэһэй клубника суогун, үүттээх кофены сакаастаабыттара.

Остуолларын ортотугар турар түөрт муннуктаах чаалбаан иһит анныгар  гаас хомпуорун уматан баран, официантка кыыс хара куйаха тутаахтаах улахан кыптыыйынан иһит сууйар миискэ курдукка уган аҕалбыт этин кырыйан барбыта. Кыратык олива арыытын таммалатан биэрбитэ уонна бэйэтин тылынан тугу эрэ саңаран чобугураабыта. Луиза Николаевна мичээрдээн баран:

— Экскьюз ми, — диэбитэ, кыыс бейджигин суругун аахпыта уонна ааҕылыйалыы эппитэ, — Күндү И – Пуп — Су, биһиги Россияттан сылдьабыт. Тугу эппиккитин өйдөөбөтүбүт. Бука,  хатылыаң дуо?

Кыыс тэтэр гыммыта. Онтон, олуттаҕас соҕустук да буоллар, быһаарбыта.

— Эппитин бэйэбит булкуйан биэрэ — биэрэ, сөбүлүүрбүтүнэн туустаан – тумалаан буһарынар үһүбүт, — ийэлэрэ тута дьонугар быһаарбыта. Атын астарын И – Пуп – Су көрүөх бэтэрээ өттүнэ аҕалтыы охсубута.

— Көр, Кэскил, ити кытылга туран кус – хаас, булт туһунан кэпсэттибит дии, — Дьулус Петрович «площадка» кыргыылаах баттаҕын уҥа ытыһынан өрө имэриммитэ, — улааттаххына эн эмиэ булчут буолуоң. Билэҕин дуо, булчуттар үгүстэрэ хаҥас кулгаахтара уҥаларынааҕар мөлтөхтүк истэрин?

— Суох, билбэппин, — уола бөдөңнүк кырбастаммыт хаппыыста сэбирдэин  икки паалачыканан тута сатыы – сатыы хардарбыта.

— Дьэ, ол маннык. Ытарга саа олус күүскэ тыаһыырын бэркэ билэҕин. Саа тыаһа 170 децибелгэ тиийэр. Ити наһаа улахан тыас. Доруоп уоһа төһө да сааһыт кулгаађыттан тэйиччи курдугун иһин, саа тыаһа ытар киһи хаңас кулгааҕар ордук биллэрдик дьайар. Кылгас кэмңэ киһи хаңас кулгаађынан истибэт буолан ылар. Оттон мэлдьи бултуур, элбэхтик ытар киһи хаҥас кулгааҕынан дөйүҥү буолар. Ол иһин сыал ытарга, ытыы күрэҕэр, спортиҥҥа кулгааҕы харыстыыр наушник эбэтэр беруши кэтэллэр. Оттон булчут киһи тула көрө – истэ сылдьыан наада. Онон  кулгааҕын бүөлэммэт. Түмүгэр, хаҥас кулгааҕынан дөйүҥү буолан хаалар. Дьэ, онон, улаатан, бултуур буоллаххына, итини учуоттаар, — Дьулус Петрович хаппыысталаах салаатын үрдүгэр тэтэркэйдиҥи дьэҥкир, хойуу соҕус, туох эрэ сиэмэлэрэ уста сылдьар, уксуус сыттаах  соуһу куттубута.

— Сөп, — Кэскил тута сөбүлэспитэ.

Салааттарын сиир кэмнэригэр сырдьыгыныы сылдьар, бефстроганов курдук кырбастаммыт, эмис эттэрин эргитэ – урбата сылдьан саһарчы ыһаарылаабыттара. Салааттара аһыы этэ да, хата, сөбүлээбиттэрэ. Онтон буспут эттэрин тэриэлкэлэригэр кылбаа маҥан ирииһи кытта ууруммуттара. Ийэлэрэ соя соуһунан, аҕалара кыһыл «чили» биэрэһинэн тумаламмыттара. Кэскил майаныас куттубута. Олус минньигэс, киһи тылыгар ууллуох айылаах, эт буолан биэрбитэ.

— Кэскил, паапаң хаҥас кулгааҕынан мөлтөхтүк истэр, булчут буолан, — аны Луиза Николаевна кэпсээн барбыта. – Ол иһин кэккэлэһэ хаамсарбытыгар уңа өттүттэн тутуһабын. Дьэгин өттүнэн аргыстастахпына, улаханнык, доргуччу саҥарыахпын наада, кыра саҥаны хаас кулгааҕынан истибэт. Уҥа өттүнэн лаппа чуор.

«Чуор» диэн үгүстүк туттубат тылын санаан кэлэн кыбыппытыттан ийэлэрэ ымайан ылбыта, Кэскил аҕатынаан туох эрэ көрдөөҕү истибиттии күлсэ түспүттэрэ. Аттынааҕы остуолга соҕотоҕун аһыы олорор, субуруйбут уһун лапсаны паалачыкаларынан кытаахтаан бэрт имигэстик сыпсырыйар, сырдык халлаан күөх джинса кууркалаах саас ортолоох, куударалаах баттаҕа хаччаҕайданан эрэр  киһи кинилэр диэки хайыспыта. Сыа –арыы ньылҕарыйбыт уостарын салфетканан соттоот ымайбыта, тойон эрбэҕин көрдөрбүтэ. Кэскил аҕата хардаран төбөтүн кэҕис гыммыта, аламаҕайдык мичээрдээбитэ.

Ириистээх эт кэнниттэн сылаас бэрэскилэрин ылбыттара. Ол астарын начыыңката баҕа этэ буолан биэрбитэ. Кэлин атахтара бэйэлэринэн сылдьаллара. Балык этин курдук эрээри, эрэһиинэҕэ дылы  уунаңныыра. Ийэлэрэ бэрэскитин ситэри сиэбэтэҕэ.

Луиза Николаевна ити олорон: «Кэскилгэ ыт этин сиэтибит диэн этиэххэ дуу, суох дуу? Кэриэйэҕэ ыт этэ национальнай бүлүүдэ диэн быһаарыахха баар эбит, эрдэ», — дии санаабыта. Онтон: «Оҕом аны аҕынньыта төллүө, бакаа этиэ суохха наада», — диэн быһаарыммыта.

Кальмар оҕолорун «экзотика» дии – дии амсайбыттара. Тымныы, мүлүрүңнэс, сиикэй таба хараҕар дылыны Кэскил ыстаабакка кэриэтэ ыйыстыбыта уонна: «Ситэ буспатах кальмары сиэтим быһыылаах», — дии санаабыта.

Суоктара хойуу, минньигэс этэ, дьэдьэн амтаннааҕа. Оттон кофелара туох эрэ, эриэхэ курдук, хос амтаннааҕа. Кафеттан бэркэ астынан тахсыбыттара.

Уон күн «баай ис хоһоонноохтук» ааһа охсубута. Эмиэ Сеулунан, Владигынан эргийэн, Дьокуускайга көтөн кэлбиттэрэ.

Иккис чиэппэр саҕаламмыта. Кэскилээххэ нуучча тылын уруогар учууталлара Аксинья Васильевна «Как я провёл осенние каникулы» диэн темаҕа өйтөн суруйтарбыта. Кэскил бэрт түргэнник суруйаат, чуораан тырылыан иннинэ туттара охсубута.

Кини маннык суруйбута: «Осенние каникулы я провел миравецки. С родителями ездил в Корею, город Пусан. Вы, наверное, видели рекламный баннер на улицах нашего города «Лечебный Пусан ждёт Вас»? Вот, в этом городе и отдохнули. Океан бесподобен, нет слов, не смогу его описать. Теперь я понимаю, почему главный герой фильма «Взрыв из прошлого» описался при виде океана.

Очень много птиц. Сотни кораблей в порту. Плотно застроенные небоскрёбы. Вежливые и дружелюбные жители. Легенды о Чингис – Хане, завоевавшем Корею много веков назад.

Но, самое главное, что я понял из этой поездки, это то, что мальчики должны беречь свое левое ухо».  Оттон тоҕо хаңас кулгаађы харыстыыр наадатын ситэри суруйбатах этэ.

Киэһэ Аксинья Васильевна кылааһын оҕолорун өйтөн суруйууларын бэрэбиэркэлээбитэ. Кэскил үлэтин ааҕан баран, төрөппүттэр бассаап бөлөхтөрүттэн Луиза Николаевна нүөмэрин булан, личкатыгар суруйбута: «Кэскил «уол хаҥас кулгааҕын харыстыахтаах» диэн суруйбут. Тоҕо?» «Кулгаахтааччыгыт дуо?» — диэн чуут ыйыта сыспыта.

Төрөппүт Григорьева Л.Н. бэрт сотору хардаран, аудио эппиэт ыыппыта. Онно барытын сиһилии быһаарбыт этэ.

Максим Ксенофонтов

(Кэпсээн)

Максим Ксенофонтов сэргэх кэпсээнин аа5ыҥ.

2017 cыл бүтэрэ иккиэйэх эрэ ый хаалбыта. Сэтинььи саҥатыгар, «сайыммытын уһатабыт» диэн ааттаан, Кэскил күһүҥҥү уһун өрөбүлүн кэмигэр Григорьевтар Соҕуруу Кореяҕа Пусан куоракка барбыттара.

Максим Ксенофонтов.

Ааптар арпагыраапыйата уларытыллыбата.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0