Муус устар ый биир чаҕылхай күнүгэр, Муома энтузиастара улуус дьаһалтатын салалтатынан, былыргы Зашиверскэй куорат турбут сиригэр, башняҕа киирэр ааны саҥаттан оҥордулар.
edersaas.ru
Ону улуус уопсастыбаннаһа үбүлээтэ. Хаар түһэ турар кэмэ да буоллар, хоту дойду хоһууннара онтон толлон турбатылар. Ыарахан уйуктаах тиэхиньикэ кыайан тахсыбат кытылыгар маһы “Бураннарынан” тастылар.
Ааспыт үйэлэргэ Индигир кыраайын аартыга буолбут Зашиверскай куорат башнятын аанын чөлүгэр түһэрэр бырайыагы Сибэтиитэл Николай сиэркэбин иерейэ Е.Б.Райков ырытан оҥорбут, башняны С.В.Неустроев туппут, матырыйаалы таһар тиэхиньикэнэн Д.И.Сухомясов хааччыйбыт. Дьаһалта бу үлэҕэ кыттыбыт дьоҥҥо итиэннэ история комплексын чөлүгэр түһэриигэ үп хомуйбут тэрилтэлэргэ, биирдиилээн дьоҥҥо махталын биллэрэр диэн Муома улууһун дьаһалтатын пресс-киинэ и7итиннэрэр.
Ил Дархан Айсен Николаев ыам ыйын 5 күнүгэр бэйэтин социальнай ситимигэр култуурунай нэһилиэстибэ эбийиэктэрин чөлүгэр түһэриини саҕалыырга ыҥырбыта. Итиэннэ кэргэнин кытары 1932 сыллаахха Чурапчы улууһун Сылаҥ нэһилиэгин уустара оҥорбут, билигин Таатта Чөркөөҕөр, мусуой-комплекска турар оҕус үктүүр миэлиҥсэтин чөлүгэр түһэрэргэ быһаарыммыттарын туһунан эппитэ.
Муомалар бу ыҥырыыны биир эбийиэги саҥаттан тутан көрүстүлэр.
Раиса СИБИРЯКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru