Муома улууһун баһылыга Иван ПАВЛОВ: “Судаарыстыба көмөтүгэр эрэ сигэниэ суохтаахпыт”.

11.10.2019
Бөлөххө киир:

Саха сирин хотугулуу-илин өттүгэр, киин куораттан сиринэн 2000 килэмиэтир ыраах, тыа-туундара киэҥ киэлитигэр, Черскэй сис хайаларын муҥутуур үрдүк — “Победа” чыпчааллаах, 60 да кыраадыс тымныыга тоҥмот дьикти “Улахан-Күөллээх”,  былыргыттан аатырбыт “Ю” эмиэ хайалаах, таба, сылгы-сүөһү баайдардаах, көмүс, сибиньиэс, алтан, мыраамар, таас чох хостонор сирдэрдээх, хорсун үлэһит дьоннордоох, талааннаах ыччаттардаах, хатыламмат кэрэ айылҕалаах  Муома улууһа  тайаан сытар.

Муома олохтоохторо былырыын баччаларга, лаппа баһыйар куолаһынан,  өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханынан Айсен Сергеевич Николаевы, оттон улуус-оройуон  баһылыгынан Иван Петрович Павловы быыбардаабыттара.

Бүгүн Муома улууһун баһылыга Иван Павлов – биһиги ыалдьыппыт.

 

Өрөспүүбүлүкэҕэ федеральнай бүддьүөттэн көмө улаатта

— Иван Петрович, төрөөбүт-үөскээбит улууһуҥ — Муома дьоно-сэргэтэ эйигин баһылыгынан талбыта сыл буолла. Бу бэлиэ кэм туһунан  санааҕын, баһаалыста, үллэһин эрэ, хайдах сыл ааста?

— Былырыын күһүн Муома улууһун олохтоохторо, бастатан туран, Ил Дархан быыбарыгар Айсен Сергеевич Николаевка 86% кэриҥэ куоластарын биэрбиттэрэ. Оттон оройуон баһылыгар быыбардааччы 82,4 % куоластарын миэхэ биэрбиттэрэ, онон, итэҕэллэрин иһин биир дойдулаахтарбар махтанабын. Ил Дархан  үлэтин-хамнаһын, бииргэ үлэлэһэ сылдьар дьон, барытын өйбүтүнэн-санаабытынан, эппитинэн-хааммытынан билэн олоробут. Бу сылы Сомоҕолоһуу сылынан биллэрэн, биһигини, улуус, оройуон  баһылыктарын түмэн, сомоҕолоон, экологиябытыгар — айылҕабытын харыстааһыҥҥа болҕомтобутун туһаайан, Улуу Кыайыы 75 сыла туолуутун дьоһуннаахтык көрсөргө эмиэ сыаллаан-соруктаан, салайан, күүскэ үлэлэтэ сылдьар.

Бүддьүөт өттүгэр, бүддьүөппүтүн сөптөөхтүк туһаныыга туһуламмыт биир улахан үлэ ыытыллар. Айсен Сергеевич федеральнай министиэристибэлэри, бырабыыталыстыбаны кытта ыкса үлэлэһэн, өрөспүүбүлүкэ туһугар бөдөҥ форумнарга кыттан, болҕомтону тарта. Ол түмүгэр Саха сиригэр, холобур, доруобуйа харыстабылыгар улахан социальнай эбийиэктэр тутуллар буоллулар. Оҥорон таһаарыыны ыллахха – бу сыл устата Ил Дархан үгүс бырамыысыланнас оройуоннарыгар уонна тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар улуустарга сырытта. Итиннэ, биллэн турар, холобур, нолуок бэлиитикэтин кытта ситимнээн,  кэккэ кыһалҕалар баалларын билэбит эрээри,  хамсааһын тахсан эрэр.

Бу сылга Саха сиригэр федеральнай бүддьүөттэн көмө улаатта, эбии харчы киирдэ. Инвестицияны тардыыга ситиһиилээх үлэ ыытыллар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн суол оҥоруутугар, дьиэ тутуутугар федеральнай бырагырааматтан эмиэ үп-харчы кэллэ.

Уонна, биллэн турар, биир сүрүнэ – эбии 8 улуус, ол иһигэр Муома оройуона, Арктическай зонаҕа киирдибит. Манна өрөспүүбүлүкэ уһуннук, күүскэ үлэлэстэ.

Онон, бу сыл биһиэхэ биир бэлиэ сыл буолла.

Устуоруйабытын умнубаппыт

— Быйыл Саха сирэ бэйэлэрин нэһилиэстибэлэригэр болҕомтолоох эрэгийиэннэр ортолоругар киирдэ. Аҕа баһылыкпыт Айсен Николаев кэргэниниин Людмила Валерьевналыын  көҕүлээһиннэринэн, Сомоҕолоһуу сылыгар “Өйдөбүнньүктэри араҥаччылыаҕыҥ” бырагырааманы олоххо киллэрии саҕаламмыта. Муома улууһа бу көҕүлээһини хайдах өйүүрүй?

— Биһиги улууспутуттан Аҕа дойду Улуу сэриитигэр баран, Ийэ дойдубут иһин дьоруойдуу охтубут биир дойдулаахпытыгар Максим Черемкиҥҥа аналлаах өйдөбүнньүк Липецкэй уобалас Куликово дэриэбинэтигэр олохтоох оскуола аттыгар баар. Бу үйэлээх өйдөбүнньүк хайдах туруоруллубута бэйэтэ туспа устуоруйалаах…  Биһиги Муома улууһуттан 3 киһилээх дэлэгээссийэ бу саас Куликовоҕа анаан-минээн тиийэн, дьоруойбут пааматынньыгар сүгүрүйэн, олохтоохтору кытта көрсөн  кэллибит.

Итиэннэ Максим Черемкиҥҥа судаарыстыбаннай реестргэ киирбит соҕотох пааматынньык Хонууга баар. Ону улууспут кураатара, СӨ үлэҕэ уонна социальнай көмүскэлгэ миниистирин I солбуйааччы Иван Алексеев бу өйдөбүнньүгү көрөн-истэн, чөлүгэр түһэрэбин диэн этии киллэрбитигэр биһиги сөбүлэспиппит. Кини Кыайыы 75 сылын көрсө, манна өрөмүөн үлэтин ыытыаҕа.

Оттон биһиэхэ Муома улууһун сиригэр-уотугар турар Зашиверскэй—пааматынньык-куораппыт  (сорохтор “өлбүт куорат” дииллэр) төрүттэммитэ быйыл 380 сылын туолбутунан, улахан хамсааһыны тэрийэн, норуот күүһүнэн 600-чэ тыһыынча солкуобайы хомуйдубут уонна киирии дьиэтин – башнялаах, колокуонньалаах дьиэ туттубут, атырдьах ыйыгар астыбыт. Үбүлүөйдээх элбэх тэрээһини ыыттыбыт. Бу былыргы пааматынньык-куорат билигин “Хотугу Помпей» диэн ааттанан, археологтар да, туристар да интэриэстэрин тарда турар. Маннык тэрээһиннэри ыытыы — Ил Дархан Айсен Николаев дьиэ кэргэнин бачыымын өйөөһүн буолар. Итиэннэ алтынньы 4 күнүгэр биһиги улууспут Дьокуускайга ыытыллар “Арассыыйа – мин дьиэм!” научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ кыттыаҕа, онно Зашиверскэй устуоруйатыттан кэпсиир баай матырыйаал, сэдэх хаартыскалар дьон болҕомтотун тардыахтара дии саныыбын.

— Муоматтан, истэр тухары, сыыппара — айти-технологияларынан үлүһүйэн туран уонна ситиһиилээхтик дьарыктанар ыччаттар тахса тураллар. Ити туохтан дии саныыгыный?

— Дьиҥэр, биһиги, оптоволокно билиҥҥитэ кыайан тиийбэт Индигир баһыгар турар Муома, Абый, Аллайыаха, Үөһээ Халыма, Орто Халыма, Аллараа Халыма — хотугулуу-илин оройуоннарга — 5 бырыһыан иһигэр киирэн хааллыбыт быһыылаах. Онон, биһиги спутниктан интэриниэттэнэн олоробут, онтубут, биллэн турар,  олус ыарахан.  Онон, дьон-сэргэ ортотугар, сыыппара өттүгэр тэҥэ  суох балаһыанньалаахпыт, диэн санаа баар. Интэриниэппит олус бытаан. Сыыппара-тэлэбиидэнньэ киирбитэ, ол эрээри оройуон киинигэр эрэ баар. Улуус үксэ спутнигынан туһанар. Интэриниэт, суотабай сибээс олох суох диэбэппит эрээри, барыта олус бытаан. Нэһилиэнньэ саамай туруорсар боппуруоһа ол. Бары бэйэҕит билэҕит – интэриниэт мөлтөх, сыыппара  сайдыыта суох буоллаҕына, ыччат тохтообот. Төһөлөөх үчүгэй, эдэр исписэлиистэр кэлэ-кэлэ бара тураллара буолуой?!

Дьэ ол эрээри, ити эн ыйытыыгар ситэ хоруйдаатахха —  үгэс быһыытынан, киһи бэйэтигэр суоҕу баар оҥоро сатыыр дии, онно дьулуһар, талаһар, сыал-сорук оҥостон үлэлиир. Кыһалҕа эмиэ үөрэтэр. Биһиги оҕолорбут ютубка киирэннэр, араас роликтары көрөннөр, бэйэлэрэ үөрэнэллэр. Көмпүүтэр “тылын” ымпыгын-чымпыгын барытын хасыһан, билэргэ дьулуһаллар.  Ол иһин үчүгэй программистар, компьютерщиктар, айти-исписэлиистэр тахсаллар дии саныыбын. Билигин Муоматтан кырата 10-ча уол Саха сирин, аан дойду биллэр-көстөр фирмаларыгар айымньылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар. Холобур, ини-бии Алексей, Афанасий Ушницкайдар. “Майтонаҕа” элбэх ыччат үлэлиир. 

Биһиги билигин, 2 мөлүйүөн суумалаах үбү төлөөн туран, интэриниэппит тэтимин күүһүрдэн,  улуус дьаһалтатыгар  электроннай документацияны киллэрдибит. Кумааҕыта суох үлэлиибит. Оттон мин баҕа санаам, сыалым-соругум – 5 сыл иһигэр улууска, бастаан саатар улуус киинигэр интэриниэти, суотабай сибээһи күүскэ сайыннарыы!

— Эһиэхэ “Хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү”  бырагыраама хайдах олоххо киллэриллэр? 

Тутууга,  федеральнай бырагырааманан иккис түһүмэххэ киирэн олоробут – 6 тыһыынча кыбадыраатынай миэтэрэ иэннээх дьиэни үлэҕэ киллэриэхтээхпит. Сааһыыр, Улахан Чыыстай нэһилиэктэригэр, Чуумпу Кытылга уонна улуус киинигэр Хонууга – уопсайа 10 дьиэ тутуллуохтаах. 37 дьиэ көтүрүллүөхтээх. Манна улахан кыһалҕабыт – докумуоннааһын. Ааспыт приватизациялааһыҥҥа ситэ-хото оҥоһуллубатах.  150 хаарбах дьиэттэн 55 дьиэ докумуона суох. Онон, бу сыл устата ону бэрээдэктиэхтээхпит. Сирбит, бэдэрээтчиттэрбит быһаарыллан тураллар. Бырайыактарбыт оҥоһулла тураллар, кэлэр сылтан тутууну саҕалыахпыт.

Үөрэхтээһин эбийиэктэрин туһунан этэр буоллахха, барыта 17 оскуола, оҕо саада баар – барыта мас тутуулар. Өрөмүөн күүһүнэн, көрүүлэрэ-истиилэрэ үчүгэй эрэ буолан, тураллар. Ититэр систиэмэ, биллэн турар, киллэриллибитэ. Ол гынан баран, дьиэ-уот эргэрдэ. Нэһилиэктэрбитигэр оннооҕор 1941 сыллааҕы тутуу мас оскуолалар үлэлии тураллар.

Балыыһабыт эмиэ 1979 сыллааҕы мас тутуу – оройуон киинигэр 5 сиринэн үлэлииллэр. Балыыһа тутуутугар үлэлэһэбит. Бырайыак баар. Федеральнай бырагыраамаҕа киириэхтээхпит. Итиэннэ ДЭС-пит мөлтөх туруктаах, өрөспүүбүлүкэҕэ саамай эргэ — 1967 сыллааҕы тутуу буолар.  Уопсайынан, тутуу өттүгэр, биллэн турар, хамсааһын хайаан даҕаны тахсыан наада.

Ол да буоллар, олох хаамыытыттан хаалсыбаппыт. 2 сыллааҕыта Муома орто оскуолата үлэҕэ киирбитэ. Быйыл 30 мөлүйүөн солкуобай суумалаах саҥа стадион тутулунна. Национальнай бырайыакка “Точка роста” киирэн, саҥа офис астыбыт.

Улуус оскуолаларын бүтэрбит оҕолорбут быйыл 100 бырыһыан үрдүк, орто анал үөрэхтэргэ киирдилэр.

—Оттон ТКО – “Кытаанах хомунаалынай тобохтор” федеральнай сокуон төһө табыллан үлэлээн эрэр?

— Экология өттүгэр, бөҕү-сыыһы хомуйууга, тиэйиигэ үлэ барар. Нэһилиэктэрбитигэр ыйга икки күнү анаан,  субуотунньуктары тэрийэбит. Саҥа сокуон киирэн, бэйэбит оператордаахпыт – өрөспүүбүлүкэ ОДьКХ ГУП-у анаан турар. Бөх-сыыс барыта кэмигэр хомуйуллар. Ол гынан баран, манна сүрүн кыһалҕабыт – контейнернай былаһааккалары тэрийии. Биһиэхэ, 90 контейнернай былаһаакканы тэрийиигэ  11 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ үп наада. Бэйэбит бүддьүөппүт кыайан уйуммат. Кыһалҕаттан, туох көстөрүнэн — араас дьааһыктары, буочукалары туттан үлэлии сылдьабыт.  Онон, өрөспүүбүлүкэбит ити өттүгэр көмөлөһөрө буоллар диэн, сайаапкабытын эмиэ киллэрэн олоробут. Ити өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн турар кыһалҕа. Быһаарыллыа диэн эрэнэбит.

Муома табатын этин бренд оҥорорго дьулуһабыт

Таба, сылгы-сүөһү баайдаах, көмүс, сибиньиэс, алтан, мыраамар, таас чох хостонор сирдээх, диэн Муома улууһун билэбит…

— Тыа хаһаайыстыбата — улууспут сүрүн дьарыга. Быйылгы төрүөҕү кытта 1600-тэн тахса сылгылаахпыт, 13 тыһыынча табалаахпыт, 500-тэн тахса ынах-сүөһү баар. Нэһилиэк аайы куурусса, сибиинньэ иитэллэр, оҕуруот аһын – хортуоппуйу, хаппыыстаны, онтон да атын көрүҥнэрин хото үүннэрэллэр. Буор Сыһыы нэһилиэгэр итиэннэ Улахан Чыыстайга 2 агро-оскуолалаахпыт. Ити өттүгэр үлэ этэҥҥэ баран иһэр. Быйыл тыа хаһаайыстыбатыгар 4 киһи грант ылла.

Табаҕа 8 ууһунан олорор общиналаахпыт. Билигин тэрээһиннээх сүөһү, таба өлөрүүтүн сөргүтэн, ыытабыт. “Якутия” ФАПК-ны кытта бииргэ үлэлэһэбит. Судаарыстыба биэрэр көмөтүгэр эрэ сигэниэ суохтаахпыт. Сорукпут – табаһыт хамнаһа 60-тыһыынча солкуобайтан намыһаҕа суох буоларын ситиһии. Муома табатын этин, отонун, сугунун – өрөспүүбүлүкэҕэ бренд оҥорор туһугар үлэлэһэ сылдьабыт, онно дьулуһабыт.

Биһиги 2050 сылга диэри оройуоммут сайдыытын стратегиятын оҥорон, дьокутааттарбыт бигэргэтэннэр, ылыммыппыт. Бу стратегиянан сүрүн салааларбыт – тыа хаһаайыстыбата, туризм уонна бырамыысыланнас. Бу салаалар сайдыыга локомотив буолуохтаахтар.

Оттон бырамыысыланнас туһунан этэр буоллахха, оройуоммутугар 90 лицензия бэриллэн турар – көмүскэ, үрүҥ көмүскэ, нефриткэ, о.д.а., сэлии муоһугар тиийэ. Үс хампаанньа көмүс хостуу сылдьар. Кинилэрдиин, социальнай-экономическай боппуруостарга кыттыһалларын курдук, Сөбүлэһиигэ илии баттаспыппыт. Сылга, статистика көрдөрөрүнэн, 149 киилэ көмүс сууйуллар, судаарыстыбаҕа туттарыллар. Онтон биһиэхэ улаханнык үп-харчы киирбэт, сири  түүлэһэргэ эрэ бэрт кэмчи харчы киирэр. Сиртэн хостонор баай саппааһа 3 сыл үөрэтиллэн, чинчийиллэн баран, сөп буоллаҕына, хостонор. Уопсайынан, бу боппуруоска өссө күүскэ үлэлэһэр наада. Биһиги оройуоммутугар 2024-2025 сылларга бырамыысыланнас киириэн сөп, ол гынан баран, биһиэхэ суолбут кыһалҕата олус күүскэ турар. Кыһынын эрэ суоллаахпыт. Уу суола эмиэ суох. Өскөтүн бырамыысыланнаһы өрө тардар буоллахха – кыһыннары-сайыннары суол баар буолуохтаах. Эрэлбит онно!

Муома – эбээн култууратын биһигэ

 

— Төрөөбүт тылы үөрэтиигэ, сайыннарыыга уонна култуураҕа, духуобунаска туох үлэ ыытыллар, балаһыанньа хайдаҕый?

—Муома оройуонугар хотугу сахалар уонна эбээннэр түөлбэлээн олороллор. Төрөөбүт тылы үөрэтиигэ болҕомто ууруллар. Төрүт тылбыт сүппэтин туһугар араас өрүттээх үлэ, биллэн турар, ыытыллар, тэрийээччилэр, энтузиастар да бааллар, дьаныһан туран дьарыктаналлар. Урукку сылларга биһиэхэ өрөспүүбүлүкэ таһыттан элбэх омук кэлэн үлэлиирэ. Онон, кистэл буолбатах, оройуон киинин оҕолоро үксүн нуучча кылааһыгар үөрэнэллэрэ уонна нуучча тылынан саҥараллара. Билигин саха тылын үөрэтэр, сахалыы саҥарар саҥа көлүөнэ баар буолбута барыбытын үөрдэр. Маны сэргэ, олох уларыйан, эбээммин дэнэр,  эбээн култууратын сөргүтэр санаалаах, баҕалаах ыччат элбээбитэ кэскиллээх. Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар ассоциацияларын олохтоох тэрилтэтин көҕүлээһининэн төрүт тылы үөрэтиигэ анал куруһуоктар үлэлииллэр. Манна эбээн омук бэрэстэбиитэллэрэ эрэ буолбакка, тылы билиэн баҕалаахтар бары кэлэн билиилэрин-көрүүлэрин  хаҥатыналлар.

Муома – эбээн култууратын биһигэ. Биһиги улууспутуттан төрүттээх киэн туттар суруйааччыларбыт — Николай Тарабукин,  Василий Лебедев, Евдокия Бокова, Мария Федотова-Нулгынэт буолаллар. Улахан эдьиийдэрин батыһан Екатерина Герасимова-Айнадь эмиэ айымньылаахтык үлэлиир.

Итиэннэ билиҥҥи кэм суруйааччыларыттан  нууччалыы тылынан суруйар биир дойдулаахпыт Николай Магадан айымньылара ааҕааччыны сэҥээрдэллэр.

Улууспут хаһыата “Индигир уоттара” сахалыы-нууччалыы тылларынан тахсар. Эрэдээктэр Мария Старкова салалтатынан айар кэлэктиип бэркэ үлэлиир.

Хонууга “Радость тундры”,  Улахан Чыыстайга “Һээккуо” оҕолорбут ансаамбыллара араас улахан бэстибээллэргэ, куонкурустарга кыайыыларынан үөрдэллэр.

Төрөөбүт дойдубут кэрэ айылҕата хатыламмат хартыыналары дьүһүйэргэ угуйар. Манна аатырбыт худуоһунньуктарбыт өлбөт-сүппэт үйэлээх хартыыналары айан, аар саарга аатырбыттара. Билигин эдэр көлүөнэ ыччаттарбыт Айталина Голикова, Люция Иванова худуоһунньук идэтин ыланнар, олус кэрэ, киһи көрөөт үөрэр  хартыыналарын тыынныыллар.

—Иван Петрович, баһаалыста,  төрдүҥ-ууһуҥ, дьиэ кэргэниҥ туһунан кыратык билиһиннэрэ түс эрэ…

—Мин Муома улууһун киинигэр Хонуу сэлиэнньэтигэр 9 оҕолоох Павловтар дьиэ кэргэттэригэр 1965 сыллаахха ахсыс оҕонон төрөөбүтүм. Ийэм Тамара Иннокентьевна почта-сибээс эйгэтигэр үлэлээбитэ.  Аҕам Петр Иванович Павлов, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, Ленин уордьаннаах,  Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, партия ХХIV сийиэһин дэлэгээтэ. 17 тыһыынча табалаах, элбэх сылгылаах, ынах-сүөһүлээх “Муома” сопхуос дириэктэринэн 22 сыл үлэлээбитэ. Сопхуос Сойууска биллэрэ. Аҕам былырыын 97 сааһыгар өлбүтэ. Миигин дойдугар үлэлиэхтээххин диирэ. Уопсайа уон сыл Томпо оройуонугар үлэлээбитим. Тополинайга, аатырбыт Үлэ Дьоруойа Василий Михайлович Кладкинтан эстэпиэтэни тутан, дириэктэрдээбитим. Онон, бу  сыллар тухары үлэлээн мунньуммут уопуппун барытын туһанан, дойдубар күүс-көмө буолларбын диэн, баһылык быыбарыгар кыттан, биир дойдулаахтарым өйөөннөр, кыайбытым. Кэргэним Наталья Георгиевна быраас, идэтинэн 30-тан тахса сыл үлэлээтэ, 3 оҕолоохпут – икки кыыс, биир уол, икки сиэннээхпит.

— Истиҥ, интэриэһинэй кэпсээниҥ иһин махтал!

 

 

Ыспыраапка

 

Павлов Иван Петрович

1984-1986 сс. – Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр сулууспалаабыта. 1991 с. Дьокуускайдааҕы Тыа хаһаайыстыбатын институтун,

2003 с. Уһук-Илиҥҥи Судаарыстыбаннай сулууспа академиятын (ДВАГС) бүтэрбитэ.

1992-93 сс.—“Муома” сопхуос дириэктэрин солбуйааччы.1993-1996сс. —“Уимкан Тур” ТОО дириэктэрин солбуйааччы. 2002-2003 сс. –“Томпо” СПК (Ф) дириэктэрэ.

2003-2007 сс. —Томпо оройуонун Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга.

2008-2011сс. – СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Хотугу үгэс буолбут салаалар уонна балыктааһын  хаһаайыстыбатын департаменын салайааччы.

2011-2014 сс. —СӨ Тыа хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин миниистирин солбуйааччы.

2014-2018 сс. – Арктика дьыалаларыгар СӨ Судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы.

2018 сылтан – “Муома оройуона” МТ баһылыга.

Татьяна МАРКОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0