Муома улууһугар табаны ааҕыы түмүктэннэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Улуус хаһаайыстыбалара күһүҥҥү хараалы, табаны ааҕыыны, сэтинньи 9 күнүттэн саҕалаан, сэтинньи 26 күнүгэр түмүктээтилэр. Бу кэм устата “Саха Өрөспүүбүлүкэтин эпизоотологическай мониториҥҥа уонна бухгалтерскай өҥөҕө киинэ” хааһына тэрилтэтэ бэтэринээр быраас Иван Винокуров биир идэлээхтэригэр табалары бруцеллезка чинчийиигэ, эмтиир-сэрэтэр үлэни тэрийиигэ көмөлөстө.

Ол курдук, бруцеллеһу утары дьаһалга 5 тыһ. 500 табаттан хаан боруобата ылыллан чинчийилиннэ. Улуус бэтэринээрдэрэ Мотрена Терехова салалтатынан «Магир», «Нэгэин», «Андыгычан», «Эрикит», «Худи Харючи” аҕа ууһун общиналарыгар, “Соболоох”, «Победа», «Саркичан» кэпэрэтииптэр ыстаадаларын табаларын Розбенгал боруобатынан чинчийдилэр итиэннэ Индигир, Муома, Соболоох, Чыыбааҕылаах нэһилиэктэригэр көнньүнэн өлбүт сүөһү-сылгы уонна таба кырамталара хайдах дьаһайыллалларын бэрэбиэркэлээтилэр. Дьаһалталар сүөһү өлүгүн, атын да тобоҕу-ибэҕи дьаһайарга туспа учаастагы сыһыаралларыгар итиэннэ ону нэһилиэнньэлээх пуун кадастровай картатыгар киллэрэллэригэр эттилэр.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0