Муома улууһугар бэйэ дьыалатынан хамаҕатык дьарыктаналлар
Аҕыйах сыллааҕыта Саха сиригэр социальнай хантараак ньыматынан үлэ миэстэтин тэрийии киирбитэ. Бу бырагыраама көдьүүстээҕин Муома улууһун олохтоохторо өссө төгүл дакаастаатылар.
Билигин киһи бэйэтин сөбүлүүр дьарыгын бизнескэ кубулутан хайа баҕарар дохуоттанан олоруон сөп. Бу туһунан Муоматтан сарыынан, таба тириитинэн, оҕуруонан дьарыктанар Айталина Попова кэпсиир.
– Билигин, тыа сиригэр үлэ миэстэтэ мээнэ көстүбэт кэмигэр, бэйэ дьыалатын тэринэн үлэлиир табыгастаах. Бэйэм уруккуттан ииһинэн дьарыктанабын. Онтубун сайыннаран билигин сакааска үлэлиибин. Улууспутугар дьиэҕэ-уокка сыһыаннаах киэргэллэри, оҕуруонан киэргэтиини сакааска оҥорор киһи аҕыйах, онон бу чааһыгар ырыынак аһаҕас, – диэн бэлиэтиир кини.
Иискэ бэйэтэ мастарыскыайдаах Татьяна Забирова бастакы кэмҥэ киһи бэйэтин дьиэтигэр да олорон үлэлиэн сөбүн этэр.
– Бэйэ дьыалатын саҕалыырга саамай сүрүнэ иҥнэн-толлон турумуохха наада. Үлэлиир сириҥ суох буоллаҕына, бастаан бэйэҥ дьиэҕэр да олорон сакаастары ылыахха сөп. Социальнай хантараак ньыматынан бырайыак көмүскээн, иистэнэр массыына, оверлок, таҥас ылыммытым. Онон билигин бэйэ дьыалатын тэринэн үлэлии олоробун. Түгэнинэн туһанан, “Мин бизнеһим” тэрилтэ Муоматааҕы салаатын сэбиэдиссэйигэр Наталья Добрянцеваҕа сүбэтин-аматын иһин махталбын тиэрдэбин, – диэн этэр кини.
Санатан эттэххэ, социальнай хантараак ньыматын бэйэ дьыалатын арыйыыга эрэ буолбакка, үлэтэ суох сылдьар кэмҥэ анал куурустары, үөрэҕи барарга, кэтэх хаһаайыстыбаны тэриниигэ, ону сэргэ олох уустук түгэннэригэр түбэстэххэ биир кэмнээх көмө быһыытынан эмиэ туһаныахха сөп.
Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат