Муома оҕолоро «Айылҕа күннүгүн» кылааһынан толороллор

Ааптар: 
18.05.2019
Бөлөххө киир:

«Мин чинчийээччибин» диэн кылааһы таһынан ыытыллар бырайыактыыр үлэ чэрчитинэн Муома улууһун Хонуу орто оскуолатын 1 «А» кылааһын үөрэнээччилэрэ балаҕан ыйыттан саҕалаан, «Айылҕа күннүгүн» кылааһынан толордулар.

edersaas.ru

«Айылҕа күннүгэ» оҕо төрөппүтү кытта бииргэ үлэлииригэр анаммыт буолан, күннэтэ күн-дьыл туругун кэтээн көрүү оҕоҕо да, төрөппүккэ да айылҕаҕа буолар уларыйыылары саҥаттан арыйар эбит. Ол курдук, оҕону болҕомтолоох буоларга, киэҥник ырытарга, тэҥнээн көрөргө, бэлиэтэнэргэ, билгэлииргэ үөрэтэр итиэннэ инникини былааннаан үлэлиир дьоҕуру сайыннарар. Бииргэ үлэлэһини тэрийэр буолан, оҕону төрөппүтүн кытары ыкса сибээстэһиир.

Биһиги балаҕан ыйыттан тохсунньуга диэри кэтээн көрүүбүт түмүгүнэн, научнай дакылаат оҥорон улуустааҕы уонна эрэгийиэннээҕи конференцияларга ситиһиилээхтик кытынныбыт. Өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиигэ кыттаммыт, бары сертификатынан бэлиэтэннибит, анал номинация кыайыылаахтара буоллубут. Бу үлэбит түмүгүнэн, Муома улууһугар салгын температуратын, тыал хайысхатын, былыт уонна сөҥүү түһүүтүн бэлиэтээбиппит, норуот билгэлэрин үөрэттибит, ыйдар сахалыы уонна нуччалыы ааттарын, ыйга хас күн баарын биллибит.

Саас биһиги Муомабытыгар хайдах кэлбитин бэлиэтээтибит: ылааҥы күннэр турууларын, хаар ууллуутун, саас уһуктуутун уонна сааспыт ситиитин. Ону таһынан бастакы харалдьык, бастакы ньургуһун хаһан тахсыбыттарын, ханнык көтөрдөр бастакы кэлбиттэрин, хайдах сиргэ хаар уһуннук ууллубакка сыппытын, саас элбэхтик ханнык күннэр буолбуттарын – барытын «Айылҕа күннүгэр» бэлиэтээн иһэбит. Бу барыта кэлэр сылы кытары тэҥниирбитигэр олус туһалаах буолуо. Онон, күн-дьыл туругун бэлиэтиир «Айылҕа күннүгэ» (ааптардар – Маргарита, Александр Герасимовтар) оскуола үөрэнэр оҕолорго итиэннэ кинилэр төрөппүттэригэр иитэр-үөрэтэр, билиини биэрэр сабыдыала улахан.

Муома улууһуттан Хонуу орто оскуолатын 1 «а» кылааһын үөрэнээччилэрэ, төрөпүттэрэ уонна кылаас салайааччытта М.Г. Местникова «Саха сирэ» edersaas.ru сайтка анаан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0