Муома модун санаалаах ырыаһыт уолана — Егор Слепцов

Ааптар: 
09.12.2020
Бөлөххө киир:

Егор Слепцов ырыатын истибит киһи кини ыраас чочуллубут куолаһыгар болҕомтотун уурар. Маҥнай кинини ырыаһыт, күүстээх санаа холобурун быһыытынан көрөрүм. Оттон кэпсэтэн баран туохха барытыгар сыстаҕаһын, дэгиттэр талааннааҕын бэйэбэр арыйдым. Бу саас социальнай ситиминэн онлайн кэнсиэрин көрөн, киһи санаатын көтөҕөр ырыалардаах, айылҕаттан ыраас куоластаах Егор Слепцов ырыаларын истибитим.

«Өрүү дьарыктанабын: Былчыҥ үүннэрээри буолбатах — кыанар буолаары»

Егор Муома улууһун Орто Дойду нэһилиэгэр Слепцовтар дьиэ кэргэҥҥэ төрдүс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ ЗОБ диэн ыарахан ыарыыга ылларан, Егору ыарахан сылдьарын билбэккэ, уустук эппэрээссийэни ааспыт. Күүстээх эмп, наркоз саҥа үөскээбит оҕоҕо сабыдыаллара, хомойуох иһин, улаханнык дьайбыта… Күн сирин көрбүт уолчаан илиитэ-атаҕа хамсаабат буолан, уон икки сыл кэриэтэ босхоҥноон сыппыт. Ол эрэн уолчаан булгуруйбат бөҕө санаатын, олоххо тардыһыытын күүһүнэн бэйэтэ бэйэтин дьарыктаан илиитинэн тутуһары, хаамары ситиспитэ.

Тастыҥ быраата Василий Осипов мас тардыһыытынан дьарыктанара, кинини кытары күүскэ эрчиллэн илиитин кыаҕынан сытан эрэ гиирэ анньыытыгар бастакы сырыытыгар үһүс, онтон иккистээн күрэхтэһэн иккис миэстэлэри ылаталаабыт. Дьокуускайга кэлэн теннискэ иккис миэстэни ситиспитэ. Билигин дьарыктанар «Былчыҥ үүннэрээри буолбатах — мин дьарыгым кыанар буолуу» диир.

Ырыа алыптаах абылаҥа

Устудьуоннуу сырыттахпына лиссиэй иһинэн хор ыллыыра. Миигин, урут хаһан да ыллаабатах киһини, «саатар айаххын хамсатаар» диэн ылбыттара. Хору Алексей Калининскай-Луҥха үөрэтэрэ. Сыл аҥаара курдук хорга ыллаабытым.

Хорга дьарыктана сырыттахпына, Алексей Калининскай сүбэтинэн, Айыы Уолун ырыаларыгар күрэскэ баран кыттыбытым. Финалга киирбэтэҕим. Онтон түөрт сыл буолан баран «Ыам ыйа» диэн ырыанан уонна биир көҥүл ырыаҕа Никииппэр Сэмэнэп репертуарыттан «Кыталыктар» ырыатын ыллааммын гран-при буолбутум.

Дьиэ кэргэммитигэр ийэм — култуура эйгэтин үлэһитэ, куоластаах эрээри, ыллыы сатаабат. Биирдэ эмит ыллааччы. Улахан убайым үчүгэйдик ыллыыр эрээри, ырыаһыт буолар баҕата суох. Эдьиийим — уруһуйдьут, балтым — блогер.

Сольнай кэнсиэрдэр

Бастаан ыллыырбар үс эрэ ырыаны субуруччу ыллаан баран, куолаһым «олорон» хаалара. Онтон тыыммын эрчийэн, ханна да буолларбын өрүү ыллыы сылдьар буолбутум. Биир сүгүрүйэр, ырыаларын сөбүлээн истэр, ыллыыр ырыаһыппынан Анатолий Горохов буолар. Кини миэхэ «сольнай кэнсиэрдэ оҥор» диэн сүбэлээн, санаабар күүс эбэн, ыра санаам туоларыгар кыым саҕан — дойдубар кэнсиэр оҥорбутум. Онно уопсайа 16 ырыаны ыллаабытым. Ол курдук, сольнай бырагыраама толкуйдаан дойдум, улууһум дьонугар кэнсиэртээбитим. Былырыын Саҥа дьыл иннинэ Муома улууһун киинигэр Хонууга, онтон Соболоох, Победа нэһилиэктэригэр сылдьыбытым. Кэнсиэрбин бэйэм ыытабын, уопсайа 16 ырыаны ыллыыбын. Ырыаларбын барытын тыыннаах куоласпынан ыллыыбын. Плюсовканан ыллаан дьону албынныам кэриэтин, тыыннаахтыы ыллыы туран тылбын умнубутум ордук.

Ыллыырбар диэн түөрт көстүүмнээхпин, ол аата киэһэ устата үстэ таҥас уларыттабын, ол бириэмэҕэ олохтоох ырыаһыттартан үс нүөмэр көрдөһөбүн. Кэнсиэрдээбиппин истэн Улахан Чыыстайга анаан ыҥыран, суолбун-ииспин уйунан, хамнастаан кэнсиэртэппиттэрэ.

Тэтимнээх ырыалары толорбун, киһи утуйар санаа түһүүлээх ырыалар суохтарын тэҥэ.

Харантыын кэмигэр «Инстаграм» ситимин нөҥүө быһа эпииргэ быйыл иккитэ кэнсиэрдээбитим: саас уонна ыһыахха бэс ыйын 21 күнүгэр. Нэдиэлэҕэ биирдэ быһа эпииргэ тахсабын. Күн ахсын сүүстэн тахса сурук киирэр, хайдах сатанарынан барыларыгар эппиэттиибин. Дойдубар 2016 сыл түмүгүнэн «Сыл киһитэ-2017» анал ааты сүкпүтүм, ол кэннэ бу анал ааты биэрии тохтообута. Нэһилиэк историятыгар бүтэһик «Сыл киһитэ» буолбутум.

Муос оҥоһуктар

Мамонт муоһуттан кыһан брелок, четка, браслет оҥорооччубун. Муос сэдэхтик көстөр буолан, өрүү дьарыктанар кыаллыбат. Лиссиэйгэ атыы-эргиэн эйгэтигэр коммерсант идэтигэр үөрэммитим. Төһө даҕаны ылбыт идэбинэн үлэлээбэтэрбин, бэйэм оҥорбут муос оҥоһуктарбын атыылыырбар көмөлөспүтэ. Онтон ордубут оҥоһуктарбын кэнсиэрдэрбэр лотереяҕа оонньоппутум.

Нивалаах уолаттар

Сайыҥҥыттан доҕорбунаан Василий Аммосовтыын вайн устуутунан дьарыктанан эрэбит. Билигин «Нивалаах» уолаттар ханна да суохтар, ол иһин аатын сэбиэскэй тиэхиньикэ аатынан толкуйдаабыппыт. Доҕорбун кытары мунньахтаан баран уопсай сүбэнэн сценарий суруйабыт, онтон устабыт. Көрөөччүлэрбит олус күүтэллэр, сюжет толкуйдаан ыытааччылар кытары бааллар.

Инники былааннар

Пандемия буолан харантыын кэмигэр элбэх былаан ыһылынна. Анатолий Горохов ырыа суруйан биэрбитэ, ону уһултарыахтаах этим, киин сирдэргэ тиийэн гостуруоллаан сири-дойдуну кэрийиэхпин баҕарабын. Дьокуускайга, Намҥа ыҥыраллар. «Зодиакка» кэнсиэрдиэҥ дуо?» диэн ыҥырааччылар эмиэ бааллар.

Саха сатаабатаҕа суох

Төрүт үгэс сиэринэн бултуубун, кустуубун. Тиэхиньикэҕэ эмиэ быһаарсабын. Интэриниэттэн араас ас ырысыабын булан астыыбын. Олоххо «туохтан да толлубакка инниҥ диэки» диэн санаанан олоробун!


Ити курдук ырыа дууһалаах Егор Слепцов бэрт сэргэх кэпсээннээх буолан биэрдэ. Кини күүстээх санаа тыыннаах холобура буолан эргиччи дэгиттэр буолара саарбаҕа суох.
Уһулуччу дьоҕурдаах уол оҕо ис сүрэхтэн тахсар ырыатынан-тойугунан бар дьонун сүрэҕин үөрдэ, айымньылаах үлэтэ таһаарыылаах буоларыгар баҕара хаалабын!

Надежда Ильина, edersaas.ru

Хаартыскалар — дьоруой архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0