Муома улууһугар, Хонууга, «Кэнчээри» уһуйаан кырачааннара улуус киинин бөдөҥ тэрилтэлэригэр сылдьан араас идэлээх дьону кытта көрүстүлэр.
«Идэни билиһиннэрии нэдиэлэтэ» тэрээһин чэрчитинэн ыытыллыбыт көрсүһүүлэргэ тэрилтэ салайааччылара эппиэтинэстээхтик сыһыаннастылар.
Улуустааҕы «Индигир уоттара» хаһыат эрэдээктэр-дириэктэрэ Мира Старкова суолталаах тэрээһин туһунан маннык сырдатта:
— Дойдуга үлэлии турар федеральнай үөрэх стандартын ирдэбилэ оҕону бары өттүнэн сайдыылаах, киэҥ билиилээх, ситиһиилээх аныгы үйэ дьонун бэлэмнээн таһаарар соругу туруорар. Ол чэрчитинэн Муома улууһун киинин кырачааннара — оскуолаҕа киириэн иннинэ саастаах оҕолор дьиэҕэ олорон хартыынанан араас идэни билсибэккэ, төрөөбүт сэлиэнньэлэригэр үлэлиир тэрилтэлэринэн сылдьан, үлэни-хамнаһы көрбүттэрин биһиги, тэрилтэ салайааччылара, олус биһирээтибит.
Биһиги эрэдээксийэбитигэр кырачааннар саҥа хаһыат бэчээттэнэрин көрдүлэр. Кинилэр буруолуу сылдьар сибиэһэй хаһыаты илиилэригэр тутан хаартыскаҕа түстүлэр.
Баһаарынай чааска сылдьан быыһааччылар, баһаарынайдар түбүктээх, эппиэтинэстээх үлэлэрин билистилэр. Үлэһиттэр кырачааннары үөрэ көрүстүлэр, таҥастарын, туттар тэриллэрин көрдөрдүлэр. Оҕолор барахсаттар кинилэртэн сөҕөн-махтайан тарҕастылар.
Маҕаһыыҥҥа сылдьан, атыыһыт үлэтин кэтээн көрдүлэр. Оҕолор болҕомтолоро атыылаһааччы уонна атыылааччы сыһыаннарыгар, табаары талан ылан төлүүргэ хатанна.
Тэрилтэлэргэ сылдьан, араас идэни кытта билсэн баран, кырачааннар бэйэлэрин уһуйааннарын куукунатыгар киирэн, асчыт Лена Афанасьевна үлэтин көрдүлэр, күннэтэ сиир минньигэс булочкалара, бэчиэнньэлэрэ буһан тахсар оһохторо улаханын сөхтүлэр.
Биллэн турар, оҕону олоххо чугаһатан, маннык үөрэтии олус көдьүүстээх. Бу курдук араас идэни кытта эрдэттэн билсибит оҕо билиитэ-көрүүтэ хаҥыыра чахчы.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: «Индигир уоттара» хаһыаттан.