Муомаҕа Өймөкөөн уонна Мэҥэ Хаҥалас сылгылара тиийдилэр

Ааптар: 
05.04.2020
Бөлөххө киир:

Муома улууһугар тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын муниципальнай бырагырааматын биир сүрүн соруга сүөһү-сылгы ахсаанын элбэтии буолар.

edersaas.ru


Бырагыраама чэрчитинэн, бу күннэргэ Муома улууһун алта нэһилиэгэр (Хонууга, Индигииргэ, Чыбааҕылаахха, Соболооххо, Төбүлэххэ уонна Улахан Чыыстайга) сылгы хаанын уларытар сыалтан, Өймөкөөн улууһун Томторуттан Мирон Егоровов салайар сылгы иитиигэ племенной «Өймөкөөннөөҕү» ХЭТ-тэн отут, 23 тыһы, сэттэ атыыр тыйдары илдьэн, тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга биэрдилэр. Муома улууһун дьаһалтата сылгыга үлэлиир хаһаайыстыбалары өйөөн, сылгыны атыылаһыы уонна тиэйэн илдьии ороскуотун аҥаарын, оттон тустаах нэһилиэктэр ороскуот 30 бырыһыанын үбүлээннэр тирэх буоллулар.

Ону таһынан, былырыын Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин чэрчитинэн “Агростартап” гранын ылбыт Хонуу сэлиэнньэтин олохтооҕо, бааһынай хаһаайыстыба баһылыга Петр Слепцов Мэҥэ Хаҥалас улууһун Балыктаах нэһилиэгиттэн уон, ол иһигэр аҕыс биэни, икки атыыр сылгыны тиэйэн илтэ. Ити курдук , ыраах Муомаҕа сылгы иитиитэ кэхтибэт, сайдан-үүнэн иһэр. Билиҥҥи туругунан, улууска тоҕус бааһынай хаһаайыстыба, «Байҕал» аҕа ууһун общината итиэннэ үс кэпэрэтиип («Сис», «Чысхаан», «Дабаан») сылгы иитиитинэн дьарыктаналлар.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0