Муомаҕа икки ойуур баһаарын умуруорууга үлэ ыытыллар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Муома оройуонун баһылыга Иван Павлов иһитиннэрбитинэн, бэс ыйын 19-20 күннэригэр этиҥнээх ардахтан, биэс баһаар ойуурга турбут. Итинтэн үс баһаар тиийэргэ уустук суоллаах-иистээх буолан уонна нэһилиэнньэлээх пууннарга кутталы үөскэппэтинэн, ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйатынан  тохтотуллубут. Оройуоҥҥа бүгүҥҥү күҥҥэ икки баһаары умулларыыга үлэ ыытыллар.

Оройуон баһылыга бэлиэтээбитинэн, нэһилиэнньэлээх пууҥҥа саамай чугаһынан 1073 нүөмэрдээх  баһаар бэлиэтэнэр, Буор Сыһыыттан 3-4 км  сиргэ.
Санатан эттэххэ, эрдэ ойуур баһаара «Сахаэнерго» АУо  уот ситимигэр кутталы үөскэппитин туһунан иһитиннэриллэн турар. Бүгүн бу баһаары умуруорууга 24 киһи уонна икки тиэхиньикэ үлэлиир.
«Индигир национальнай нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ ойуур баһаарын умуруорууга уонна бохсууга үлэлииллэр. Уот быһа холуйан 49 га сири хаппыт. Эрдэтээҥи иһитиннэриинэн, 3-4  уот остуолба наһаа улахана суохтук сиэммит. Электричество уота бу линиянан баар. Бэлиэтээн эттэххэ, сэлиэнньэ өртүттэн баһаар бохсулунна диэххэ сөп, кутталы үөскэппэт«, — диир Иван Павлов.
Иккис баһаар Чуумпу Кытыл сэлиэнньэтиттэн 2,6 км  сиргэ турбут. Ойуур уота Индигир өрүс нөҥүө өттүгэр буолан, нэһилиэнньэҕэ куттал суоһаабат. Баһаары умулларыыга 30 киһи үлэлиир. «Түүн баһаары умулларбыттарын кэнниттэн, саҥаттан көүдьүйэн тахсыбыт. Дьон-сэргэ иккистээн тахсан умуруорар«, — диэн оройуон баһылыга этэр.
Маны таһынан, 1084 нүөмэрдээх ойуур баһаара Таас Үрэх өрүс таһыгар бэлиэтэнэр. Мантан 60 км. сиргэ нэһилиэнньэлээх пуун баар. Тиийэргэ суола-ииһэ уустук уонна уулар мэһэйдииллэр. 1086 нүөмэрдээх баһаар Индигир өрүс таһынан, Өймөкөөн оройуонун кытары кыраныыссалаһыыга бэлиэтэнэр.
«Баһаартан Чуумпу Кытыл 40 км тэйиччи баар. Үһүс — 1088 ойуур баһаара. Бу эмиэ уустук суоллаах-иистээх. Абый оройуонун кытары кыраныыссалаһыыга баар, улуус кииниттэн ырааҕа 120 км. Нэһилиэнньэлээх пууҥҥа куттал суоһаабат«, — диир Павлов.
Иван Павлов оройуоҥҥа ыам ыйыттан баһаары утары эрэсиим биллэриллибитин, этиҥнээх самыырдаах күннэр-дьыллар туралларынан, атын баһаардар буолуохтарын сөптөөҕүн эттэ.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0