Атырдьах ыйын 20-21 күннэригэр Саха сирин үөрэҕин үлэһиттэрин күһүҥҥү сүбэ мунньаҕа буолаары турар. Мунньахха сүрүн болҕомтону туохха ууруллуохтааҕыттан аттаран, тиэмэтэ сыллата уларыйан иһэр. Быйылгы – “Консолидация в образовании: новые модели механизма”.
edersaas.ru
Кырдьык, үөрэх, уопсастыба бары араҥатын таарыйар — ким эрэ оҕолоох, ким эрэ инилээх, балыстаах, ким эрэ сиэннээх. Итиэннэ үөрэхтэн киһи бүтүн олоҕо тутулуктаах. Дойду үрдүнэн хас даҕаны хос бырагыраамалаах, бары салааны хабар “Үөрэх” национальнай бырайыак үлэлээн эрэр, бэрэсидьиэн Владимир Путин, Ил Дархан Айсен Николаев улахан болҕомтолорун уураллар. Аҥаардас саҥаны киллэриинэн эрэ муҥурдаммакка, дьон үөрэххэ сыһыана уларйыахтаах диэн этэллэр. Онтон аттаран быйыл “Үөрэххэ сомоҕолоһуу: механизм саҥа модела” диэн тиэмэлээх, 700 педагог кыттыылаах атырдьах ыйынааҕы мунньах ыытыллаары турар. СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Владимир Егоров: “Үөрэх тула уопсастыба барыта сомоҕолоһор. Бүгүҥҥү олохпут туоһулуурунан, киһи олоҕун тухары үөрэниэхтээх. Оскуола иннинээҕи үөрэхтээһини ылан көрдөххө, өскөтүн, биһиги оҕолору 3-7 сааһыгар диэри уһуйаанынан хааччыйбыт эбит буоллахпытына, билигин үс саастарыгар диэри хааччыйар соруктаахпыт. Онтон уопсай үөрэхтээһинтэн бүтүн уопсастыба тутулуктаах. Аны түргэн тэтимнээхтик сайдар олоххо илиинэн да үлэлиир, өйдөөх, киэҥ билиилээх, сатабыллаах үлэһиттэр ирдэнэллэр. Кинилэри бэлэмниир орто, үрдүк үөрэххэ эмиэ болҕомтону уурабыт. Онон бүгүҥҥү олоххо күөн күрэстэһэр кыахтаах киһини иитэн таһаарыахтаахпыт. Биэнсийэ иннинээҕи саастаах дьон, үһүс көлүөнэ дьон үөрэнэллэригэр араас бырагыраамалар бааллар, квалификацияларын уларыталлар. Сааһыттан тутулуга суох ким баҕарар үөрэниэн сөп. Дьолго, кыах барыта баар. Ол иһин үөрэх тула сомоҕолоһуу улахан суолталаах”, — диэн иһитиннэрдэ.
Итинэн сибээстээн, араас бырайыактар, толкуйдар бааллар. Атырдьах ыйынааҕы мунньахха педагогическай уопсастыбаннаһы кытта бу тула кэпсэтэр былааннаахтар.
Үөрэх үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы мунньаҕын бырагырааматын СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин саайтыттан, бу ыйыллыбыт https://minobrnauki.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3054528 ссылаканан киирэн көрүөххүтүн сөп.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА) хаартыскаҕа түһэриитэ.