Муниципальнай реформа туһунан өссө биирдэ

Ааптар: 
10.02.2022
Бөлөххө киир:

Муниципальнай реформа аала хоҥунна. Олохтоох бэйэни салайыныы тутулун бэрээдэктииргэ туһуламмыт саҥа сокуон Судаарыстыбаннай Дуумаҕа бастакы ааҕыытын ааста. Эрэгийиэннэр сокуон барылын билигин күүскэ ырыта сылдьаллар. Ил Түмэн кэлэр нэдиэлэҕэ бэйэтин көрүүтүн бигэргэтэн, Госдуумаҕа ыытыахтаах.

Олохтоох салайыныы билиҥҥи сокуона

Олохтоох бэйэни салайыныы чэрчитинэн билигин “Олохтоох бэйэни салайыныыны тэрийии уопсай бириинсиптэрин туһунан” диэн 131-с нүөмэрдээх сокуон үлэлиир. Бу сокуон 2003 сыл­лаахха алтынньыга ылыныллыбыта.

Муниципальнай тэриллиилэргэ үрдүкү дуоһунастара баһылык буолар. Муниципальнай тэриллии баһылыктара быһаччы куоластааһынынан талыллыылара 2006 сылтан саҕаламмыта. Ол иннинэ баһылыктар ананаллар этэ. Аны туран сокуонунан манна хас да барыйаан көрүллэр буолбута. Быһаччы быыбары таһынан, баһылыктар дьокутааттар истэриттэн эмиэ талыллыахтарын сөп. Манна даҕатан эттэххэ, нэһилиэк таһымыгар муниципальнай быыбары ыытыы Арассыыйа үрдүнэн олох аҕы­йах эрэгийиэҥҥэ хаалбыта. Үгүстэр баһылыктарын дьокутааттар истэриттэн талаллар.

Билиҥҥи сокуонунан, аҕыс көрүҥ муниципальнай тэриллии баар. Ол курдук, оройуон (улуус), куорат уокуруга, федеральнай суолталаах куораттар иһинээҕи түөлбэ, куорат эбэтэр нэһилиэк, куорат иһинээҕи түөл­бэлэргэ арахсыбыт куорат уокуруга, куорат иһинээҕи оро­йуон уонна муниципальнай уокурук. Арассыыйа үрдүнэн билигин 20303 муниципальнай тэриллии баар. Ол иһигэр 1606  муниципальнай оройуон, 100 муниципальнай уокурук, 630 куорат уокуруга, 19 куорат иһинээҕи оройуоннар, 267 куорат иһинээҕи түөлбэлэр (Москваҕа, Санкт-Петербурга, Севастопольга), 1346 куорат уонна 16332 нэһи­лиэк бааллар. Саха сиригэр барыта 600-тэн тахса нэһилиэнньэлээх пуун баарыттан 409 муниципальнай тэриллии баар.

Муниципальнай уокуруктар диэн аан бастаан 2012 сыл­лаахха Москваҕа киирбитэ. Кэлин Санкт-Петербурга, Севастопольга тэриллибиттэрэ. 2019 сыллаахха манна сокуон уларыйан, Тверь уобалаһыгар, Красноярскайга, Белгородка, о.д.а. эрэгийиэннэргэ киирбитэ.

Туох уларыйыы киириэҕэй?

  • Бастатан туран, бу саҥа со­­куон киириитэ судаарыстыбаннай былаас уонна олох­тоох салайыныы боломуочуйаларын тыырсыытыгар туһуланыаҕа. Билигин муниципальнай тэриллиилэр боломуочуйалара хас биирдии улууска, нэһилиэккэ тус-туһунан. Билэргит курдук, аҕыйах сыл­лааҕыта үөрэх, доруобуйа харыстабылын курдук тутаах эйгэлэргэ боломуочуйалары тыырсыы кыаллыбакка, кыһалҕа тахса сылдьыбыта. Онон саҥа быраабыла киирдэҕинэ, бу боппуруос дьэҥкэ буолуохтаах. Ханнык боло­муочуйаны хайдах эбии биэрэри өрөспүүбүлүкэ, а.э. Ил Түмэн сокуонунан быһаарар.
  • Иккиһинэн, улуус баһылыгар улахан эппиэтинэс сүктэриллэр. Кини муниципальнай уонна су­­даарыстыбаннай сулууспаны ик­­киэннэрин тутан үлэлиир кыахтанар. Ол эбэтэр улууһун, уокуругун таһынан кини дойду, эрэги­йиэн ыытар бэлиитикэтин олоххо киллэрэр, эрэгийиэн бүддьүөтүн тыырсыытыгар тэҥҥэ кыттыһар буолар. Ити нэһилиэнньэ тирээн турар кыһалҕатын быһаарыыга биир көдьүүстээх суол. Ити биирэ. Аны баһылык муниципальнай уонна судаарыстыбаннай сулууспалаах буоларынан, эрэгийиэн салалтатыгар быһаччы эппиэттээх буолар. Эрэгийиэн баһылыга киниэхэ быыгабар биэриэн эбэтэр үлэтиттэн устуон сөп.
  • Үсүһүнэн, олохтоох бэйэни салайыныыга дьокутааттар оруоллара үрдүөхтээх. Муниципальнай тэриллии баһылыга уонна дьокутааттара бары биир болдьоххо биэс сылга талыллаллар. Билиҥҥи курдук, биир сыл баһылык, иккис сыл дьокутааттар талыллыбаттар. Нэһилиэк таһымыгар муниципальнай быыбар буолбат. Олохтоох сала­йыныы биир таһымҥа, ол эбэтэр куорат биитэр муниципальнай уокурук таһымыгар көһөр. Судургутук эттэххэ, улуустарга биир дьаһалта тэриллэр. Оттон нэһилиэктэргэ муниципальнай уокурук территориальнай уорганнара баар буолаллар.

Манна даҕатан эттэххэ, биһиэхэ эрэ буолбакка, үгүс эргийиэҥҥэ баһылык дьокутааттарын эбэтэр улуус баһылыга нэһилиэктэрин салайааччыларын кытары биир тылы булбакка улууска, нэһилиэккэ үлэ-хамнас бытаарыыта тахсыталаабыта баар суол. Аны туран, нэһилиэктэргэ быыбарга кыттар хандьыдаат үлэтэ, үөрэҕэ, уопута буолбакка, бастакы уочарат ким туох аймахтааҕынан, доҕоттордооҕунан быыбарданара мэлдьэх буолбатах.

  • Төрдүһүнэн, олохтоох салайыныыга эрэгийиэннэр бэйэлэрэ сокуон киллэрэн хайа баҕарар үлэ хайысхатын уларытар, сайыннарар бырааптаналлар. Биллэн турар, Төрүт сокуоҥҥа, федеральнай со­­куоннарга, нуормаларга олоҕуран.
  • Бэсиһинэн, нэһилиэктэр дьаһалталарыттан кэллиэгийэ диэн саҥа уорган тэриллиэн сөп. Кэллиэгийэ чилиэннэрэ уокурук социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын стратегиятын оҥорсууга уонна бүддьүөтү тыырыыга быһаччы үлэлэһэр буолаллар.
  • Алтыһынан, өскөтүн 131-с сокуонунан билигин аҕыс көрүҥ муниципальнай тэриллии баар буоллаҕына, саҥа сис­тиэмэҕэ үс эрэ көрүҥ хаалыаҕа: куорат уокуруга, муниципальнай уокурук уонна куорат түөлбэлэрэ.

Билигин Госдуумаҕа бу сокуон барыла бастакы ааҕыытын ааста.  Саҥа сис­­тиэмэҕэ көһүү 2028 сылга диэри салҕанан барыаҕа. Сокуон быйыл олоххо киирэн, сорох пууна эһиилгиттэн тохсунньуттан үлэлээн барыахтаах. Улуустар, нэһилиэктэр бу саҥа уларыйыылар хаамыыларын араастык ылыннылар. Үөһээ Бүлүүгэ уонна Горнайга реформа хаамыытыгар дьаһалта хайдах санаалааҕын «Саха сирэ» олунньу 10 нүөмэригэр ааҕыҥ.

Аграфена Кузьмина, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0