Муммут уол кэпсээнэ: 46 хонук тайҕаҕа (олоххо буолбут түбэлтэ)
Саха уола ыараханы этинэн-хаанынан билэн, тымныыны-итиини амтаһыйан улаатар. Амма улууһун Өнньүөс нэһилиэгиттэн төрүттээх Ким Колесов 6-с кылааска үөрэнэ сылдьан, аҕатын кытта тыаҕа балтараа ый муна сылдьыбыттарын туһунан 14 сыл буолан баран кэпсээтэ.
Оскуолата суох кыһын
Бу кэпсиир түбэлтэм 2003 сыллаахха буолбута. Ахсынньы ыйга алтыс кылаас иккис чиэппэрин бүтэрэ иликпинэ эһэм оҕонньор Өнньүөскэ кэлэн, Кутана диэн Алдан дэриэбинэтигэр үөрэттэриэм уонна сайыҥҥы сынньалаҥар ыстаадаҕа сылдьыһыа диэн илдьэ барбыта. Оскуолаттан көҥүл ылан, туох баар докумуоннарбытын хомуйан, дьэ, айаннаатыбыт. Кыһын массыынанан түргэнник тиийэр эбиккин. Бастаан тиийбиппэр, ыстаадаҕа үчүгэйэ сүрдээх этэ. Айылҕатын олус сөбүлээн, сүүрэн-көтөн, оҕо-оҕо курдук мэниктээн аралдьыйан киирэн барбытым. Ол сылдьан оскуолам умнуллан хаалбыта. Кыһыны этэҥҥэ туораатыбыт, саас тугуттар төрүүр кэмнэрэ кэллэ. Ол тухары мин оскуолаҕа бара иликпин. Дьоммуттан уолу оскуолаҕа биэрбэккэ сылдьар үһүгүн, түргэнник оскуолаҕа киллэрэ оҕус диэн сурук кэлэр этэ. Эһээм суруктары көрөрө уонна улаханнык кыһаммата. Уһун күнү быһа сүүрэ-көтө сылдьар үчүгэйэ бэрт буолан, мин эмиэ аахайбатым. Алтынньы ый саҕана аҕам биир Илларионов Куоста диэн доҕорун кытта атынан ыстаадаҕа тиийэн кэлбиттэрэ. Кэлээт, миигин оскуолаҕа киллэрэр туһунан кэпсэппиттэрэ.
Эһээбин кытта бырастыыластым
Ол саас эһээм куһаҕан буолбута. Чугастыы турар Маар Күөл диэн дэриэбинэҕэ илдьэн харайбыппыт. Аҕам аах эһээм хаһаайыстыбатын дьаһайан, табаларын көрөр дьону булбуттара. Ол кэннэ аҕам Куосталыын миигин төттөрү Аммалатарга санаммыттара. Саас буолан, суол сабыллан турар кэмэ. Массыына кыһын эрэ сылдьар буолан, сатыы барарга сананныбыт. Кэбиликээн диэн сиргэ баар эһээм үүтээнигэр тиийэн хоммуппут. Онтон 200 км ыраах сытар Белькачи бөһүөлэккэ диэри сатыы бардыбыт. Трассанан үс күн хаампыппыт. Суолбут аҥаарыттан массыына тохтоон олордон бөһүөлэккэ диэри быраҕан биэрбитэ. Ити ыам ыйын маҥнайгы күннэрэ этэ. Ол сыл дьыл олус эрдэлээбитэ. Алдан өрүс бүтүннүү уунан көрө сытара. Сэрэнэн тааҥнаабыт сирдэрин тэйэ туттунан туораабыппыт. Белькачига тахсан билэр дьоммутугар хоммуппут, таҥаспытын куурдуммуппут. Сарсыныгар чугастыы турар Кутанаҕа тиийбиппит. Биир киһиттэн айаас атыыр аты ылбыппыт. Аһыыр аспытын, саабытын, малбытын хомунан баран, ыам ыйын 9 күнүгэр айаҥҥа туруммуппут.
Атын үрэҕи батыстыбыт
Былаан быһыытынан, чугастыы сытар Белькачи үрэҕи өксөйөн, Амма сиригэр киириэхтээх этибит. Аппыт аттамматах буолан, аһаабат буолбута. Баран иһэн булчуттар үүтээннэригэр тохтоон сынньанан, дьону-сэргэни кытта кэпсэтэн, таарыйа аппытын сынньатан ыларбыт. Икки ыт оҕолоох этибит. Оннук баран истибит. Онтон, дьэ, үрэх көһүннэ. Белькачига кэллибит диэн буолла. Биир үүтээн турарын таба көрөн, онно тохтоон хоннубут. Бу кэмнэргэ Белькачи үрэх олох туолан турара. Сарсыарда туран үрэхпитигэр кэлбиппит, хата, уута түһэн турар эбит. Элбэҕи толкуйдуу барбакка, болуот оҥостон баран туораатыбыт. Үрэхпитин өксөйөн бара турдубут. Хааман истэхпит аайы үрэхпит синньээн киирэн барда. Биир сарсыарда утуйан турбуппут, үрэхпитин киһи хардыылаан туоруур буолан хаалбыт. Дьонум кыһын сылдьыбыт буоланнар, бачча уолар эбит дуу диэн дьиктиргээтилэр. Онтон толкуйдаан баран, атын үрүйэни батыспыттарын өйдөөтүлэр. Белькачи үрэх буолбатаҕын биллибит.
Аччыктааһын
Аппыт олох мөлтөөн, сиэтии күүһүнэн эрэ хааман иһэр. Хааман иһэн Дьүүттэ уута диэн тарыҥҥа (сир анныттан тахсар ууга) кэллибит. Уутун ыһар күүһэ улахана бэрт буолан, үс миэтэрэ үрдүккэ фонтан курдук тыга турара. Ол сиргэ кэлэн баран, аппыт охтон өлөн хаалла. Ыҥыырын маска баайдылар. Ол кэннэ биир үрэххэ тиийэн кэллибит. Дьэ Белькачибытын буллубут дии санаан үрэҕинэн үөһэ бардыбыт. Үрэҕи батыһан иһэн, олох атын сиргэ тахсан кэллибит. Белькачинан барбатахпыт биллэр этэ. Аҕам аах кыһын сылдьыбыт буоланнар, от-мас тыллыбытын кэннэ буккуллубуттар быһыылааҕа. Туох даҕаны муннарбатах буоллаҕына. Күн-дьыл ааһан истэҕин аайы, аспыт бүтэн аччыктааһын буолла. Аны туран, бултаан аһыахпытын, дьөрү чыычаах даҕаны көстүбэт буолла. Мин аччыктааммын, сэниэм да суох буолла. Дьоммуттан хаала сылдьабын. Дьонум көстүбэт буоллахтарына, биирдэ сүүрэн эккирэтэбин. Кэтэһэн олорор буолаллар. Аччыктааммын талахха үүнэр сибэккини, былырыыҥҥы кур уҥуохтаах отон ордон хаалбытын булан сиир этим. Биирдэ үгүрүө сымыытын булан сиэбитим. Аччыктаан ааппын да өйдөөбөт буолбут кэммэр, маска мэкчиргэ олорорун өйдөөн көрбүтүм. Дьоммор мэкчиргэни ытан сиэххэ диэн көрдөстүм. Дьонум тыҥырахтаах көтөрү сиэбэттэр, аньыы диэтилэр. Аһары аччыктаабыт буоламмын, күүскэ нуойдаатым. Онтон, дьэ, аҕам саа туттарда уонна баран ытан кэл диэтэ. Мин тиийбиппэр, мэкчиргэм сыта да суоҕа. Абаран ытыы сыспытым.
“Тыыппыт киһи бэйэҥ кэмсиниэҥ…”
Үрэх уҥуоргу өттүгэр үүтээни таба көрөн биһиги саҕа дьоллоох дьон суох буолбута. Туоруурга сананныбыт. Үрэхпит сүүрүгэ олус күүстээх буолан биэрдэ. Кыра болуот оҥостубуппут, күүстээх сүүрүккэ оҕустарда, аҕам лабааттан иҥнэн хаалан, ууга охтон түстэ. Саас буолан, тыбыс-тымныы муустаах уу. Болуот кэннигэр ууга тимис гынан хаалла. Мин куттанан баран олоробун. Ууттан уруккуттан куттанабын. Онтон дьэ, аҕам уу анныттан тахсан кэллэ. Болуоппут быата соһулла сылдьар буолан, онтон тардыһан болуокка ытынна. Сүүрүктээх да буоллар, уҥуоргу кытылыгар тигистибит. Үүтээҥҥэ киирэн, санаам чэпчээн олох охтон хаалбытым. Дьонум эмиэ сыта түспүттэрэ. Кутана булчуттарын үүтээнэ эбит. Иһигэр ким да суоҕа. Остуолга тэтэрээт сытара. Биһиги дьолбутугар, тэтэрээккэ ханнык сиргэ сылдьарбыт, ханнык үрэх хайдах уста сытара суруллубут. Лаппа диэн үрэх устун баран испит эбиппит. Белькачи үрэхпитигэр тиийбэккэ сылдьыбыппыт. Бастааҥҥы үрүйэ уута элбээн, онно балыйтаран мунан хаалбыппыт. Булчуттар аһылыктарын кистиир буочукаларын булбуппут. Буочуканы арыйбыппытыгар, сурук баар этэ. “Тыыппыт киһи бэйэҥ кэмсиниэҥ” диэн. Аччыктаан өлбөт туһуттан, айахпытыгар батар аһылыгы ылбыппыт уонна “Кыһалҕаҕа түбэһэн аскытыттан бэриһиннэрдибит” диэн сурук хаалларбыппыт. Аҕам тымныйан ыалдьан хаалан, үс күн үүтээҥҥэ сытан сынньанна. Ыалдьа да сытан, миигин ириэрэр аймалҕаннааҕа. Бэттэх кэлбитин кэннэ, суолбутун билбит дьон быһыытынан, сэниэлээх соҕустук айаммытыгар туруннубут. Аара суолга аҕам аах таба өлөрдүлэр. Мин улар ыттым. Аччыктааһын эрэйин билбит дьон, эти төһө кыалларынан хаһаанныбыт.
Дьиэбитин буллубут
Хас да күн хааман Белькачибытыгар тиийдибит. Болуотунан туораатыбыт. Үрэхпитин өксөйөн баран иһэн аҕам аах тайах өлөрдүлэр. Ол кэмҥэ эппит бүтэн эрэр кэмэ этэ. Баайтаһыннаабыт эмис баҕайы тайах түбэспит этэ. Улахана бэрт буолан, этин барытын кыайан ылбатыбыт. Кыылга-көтөргө хааллардыбыт. Баран иһэн, үүтээҥҥэ түбэһэн хонон аастыбыт. Тайах этиттэн хатаран, күһүн булчуттарга диэн хаалларбыппыт. Сотору кэминэн, Амма эбэҕэ тахсыбыппыт. Үс биэрэстэ үөһэ хаамтахха, Өнньүөскэ тахсар сиргэ сылдьар этибит. Дьиэбитигэр тиийбиппитигэр, дьоммут сүтэрэн, санаалара түһэн олороллор этэ. Айаннаабыппыт балтараа ый буолбут эбит. Биһигини көрдөтө бөртөлүөт ыыппыттар. Көрдүү сатаан баран, көстүбэтилэр диэн буолбут. Ийэм барахсан миигин көрөн үөрүүтэ муҥура суох буоллаҕа дии. Онно ийэм кууһар сылааһыттан ордук бу дойдуга туох да суоҕун кытаанахтык өйдөөбүтүм.
Розита Попова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru