Хараҥа хос: Муммут оҕо

29.05.2018
Бөлөххө киир:

Чурапчыга Оҕо Ытаабыт диэн иччилээх алаас баар. Ол алааска өрдөөҕүтэ биир дьулаан түбэлтэ буолбута үһү.

Кырдьаҕастар кэпсииллэринэн, бу алаас урукку дьиҥнээх аата Куоҕастаах диэн эбитэ үһү. Былыр ол Куоҕастаахха биир саха ыала сайылыктанан олорбут. Туох аньыылаахтара-харалаахтара эбитэ буолла, ол гынан баран оҕо букатын турбат ыала эбит. Дьахтар эдэригэр сэттэтэ-аҕыста төрүү сатаабыт да, биир да оҕото кыайан быыһамматах. Кырдьар сааһыгар бүтэһигин, дьэ, эмиэ хат буолбут. Эрэ бүөбэйдээн-бүөбэйдээн кэргэнин этэҥҥэ төрөппүт. Оҕо төрөөтүн кытта саха былыргы үгэһин тутуһан, оҕону абааһыттан күрэтэн, түннүгүнэн куоттарбыттар. Ол иннинэ ыал аҕа баһылыга алааһын атын уһугар саҥа балаҕан туттубута эбитэ үһү. Аймахтара оҕону ол саҥа балаҕаҥҥа илдьибиттэр. Дьиэлээхтэр бэйэлэрэ эмиэ түүн оройо түннүгүнэн саҥа балаҕаннарыгар күрээбиттэр. Ол кэннэ ыал олус дьоллоохтук олорон киирэн барбыт. Сүргэтэ көтөҕүллүбүт аҕалара үлэлээн-хамсаан, сүөһүтүн-аһын балачча элбэппит. Дьахтар күнэ-ыйа барыта ол оҕотуттан тахсар эбит. Оҕолоро мэник-тэник баҕайы уол үһү. Оннук байан-тайан олорбуттар. Оттон алдьархай хаһан баҕарар эмискэ ааҥныыр.

Күһүөрү, от-мас хагдарыйарын саҕана, куула тыаҕа отон ситэр кэмигэр, дьахтардаах эр киһи түөртүүр ыамнарыгар үлэлээн буһа-хата сылдьыбыттар. Орой мэник уоллара оччолорго биэстээҕэ эбитэ үһү. Ийэлээх аҕата сүөһү көрөр кэмнэригэр аттыларыгар хотонун тула сүүрэкэлии, ньирэйдэри кытта оонньуу сылдьыбыт. Саҥаран чуопчаара, күлэн лыһыгырыы сылдьарын истэ-истэ, төрөппүттэрэ титииктэрин иһигэр үлэлии сылдьыбыттар. Арай биирдэ өйдөөбүттэрэ, уолларын саҥата-иҥэтэ мэлигир үһү. Таһырдьа сүүрэн тахсан, чугаһынан көрдөөн көрбүттэр да, булбатахтар. Дьахтар айманан, ытаан-соҥоон барбыт. Сүөһү-ас умнуллубут. Иккиэн чугастааҕы эбэлэрин, арыы тыаларын, ойууру хаһыытыы-хаһыытыы кэрийбиттэр. Уоллара тааһы ууга бырахпыт курдук сүппүт. Киэһэ хойукка диэри ытаһа-ытаһа оҕолорун көрдөөбүттэр. Онтон аҕалара атыгар олорон баран аттынааҕы алааска ыалларыгар барбыт. Санаатыгар, “оҕобун онтон булуом” дии санаахтаабыт. Ол гынан баран ыаллара оҕону көрбөтөх буолан биэрбиттэр:

– Тыаҕа муна сылдьара буолуо. Сарсыныгар элбэх буолан тахсан көрдүөхпүт. Санааҕытын түһэримэҥ, көстүөҕэ, – диэбиттэр. Эр киһи балаҕаныгар төннөн иэрийэ-иэрийэ ытыы олорор кэргэнин уоскута сатаабыт да, анараата олох уоскуйбатах. Оннук түүнү быһа айманан, сотору-сотору тахсан, уолларын хаһыытаан хоммуттар.

Сарсыныгар аттаах диэн, ыттаах диэн, атас-доҕор, аймах-билэ дьонноро чугас алаастартан хомуллан кэлбиттэр. Куоҕастаах алаас тыатын, ойуурун бүтүннүүтүн бараабыттар. Уол олох көстүбэтэх. Хас да хонук дьон санааларын түһэрбэккэ көрдүү сатаабыттар да, туһа тахсыбатах. Төрөппүттэрин төһө да аһына санааталлар, кэлбит дьон биирдиилээн тарҕаһан киирэн барбыттар. Күһүн саха ыалын кыстыкка бэлэмнэнии үлэтэ күүтэр буоллаҕа.

Куоҕастаах дьоно уолларын аһыйан букатын буорайбыттар. Дьахтар суос-соҕотох оҕотун сүтэрэн, ыалдьан, орон-тэллэх киһитэ буолан хаалбыт. Эр киһи сүөһүтүн-аһын, дьиэ ис-тас үлэтин бөрүү сатаабыт да, туга да сатаммат буолан хаалбыт. Хаһаайыстыбалара улам ыһыллан барбыт. Дьахтар санаа-оноо, хомолто ыарыытыттан өрүттүбэтэх, сотору буолаат, анараа дойдуга күрэнээхтээбит. Эр киһи, дьонун сүтэрэн, аас-туор олохтоммут, аһыы утахха умньаммыт. Оннук сылдьан уһаабатах, кыстык ортото ханна эрэ үлүйэн өлбүт сураҕа иһиллибит.

Сыл-хонук ааһан испит. Куоҕастаах дьонун суорума суолламмыт түбэлтэлэрэ дьон өйүттэн умнуллубут. Ол гынан баран алаас иччилэммитин туһунан сурах-садьык тарҕанан барбыт.

Күһүөрү отонньуттар ойуурга оҕо ытыырын истэр буолбуттар. Оҕо ытыыр, ийэтин ыҥырар саҥата субу чугас кэлэ-кэлэ сүтэн хаалан, киһи бөҕөтүн куттаабыт. Дьиктитэ диэн, ол ойуурга отон олус өлгөмнүк үүнэрэ эбитэ үһү. Чугастааҕы бөһүөлэк дьоно, төһө да ымсыырдаллар, ол сиргэ баран отоннообот буола сылдьыбыттар.

Арай биирдэ, 80-с сыллар бүтүүлэригэр, бөһүөлэккэ күтүөт уол кэлбит. Хотуттан төрүттээх үһү. Сааһыт бэрдэ. Күһүҥҥү куска ол Куоҕастаах эбэтигэр киирэн, дурда оҥостон сыппыт. Кус бөҕөтүн бултуур үһү. Инньэ гынан эргэ өтөхтөрдөөх алааһы сүрдээҕин сөбүлээбит. Иччилээх эҥин диэтэхтэринэ, олох итэҕэйбэтэ үһү. Хата, “эбэбэр кус түһэрин билэн, сирбин былдьаары, олохтоох сааһыттар ол-бу сураҕы-садьыгы тарҕаталлар” дии саныыра үһү.

Күтүөт биир сарсыарда идэтинэн кус маныы олорбут. Арай сарсыардааҥҥы чуумпуга хантан эрэ оҕо ытыыра иһиллибит. “Хайаларын оҕото бачча ыраах кэлэн ытаатаҕай?” диэн муодаргыы санаабыт. Бүнүөкүлүн хостоон таһааран оҕо ытыыр сирин диэки көрбүт. Бастаан туох да көстүбэтэх. Саһарбыт хомустарга, ол кэннигэр хойуу тыа баарыгар хараҕа хатаммыт. Оннук одуулаһа турдаҕына, күөл уҥуор эмискэ салгыҥҥа илдьирийэн хаалбыт, былыргылыы таҥастаах-саптаах, сирэйин-хараҕын омооно биллибэт кып-кыра оҕо баар буола түспүт. Ол оҕо кини диэки көрө-көрө “кэл” диир курдук илиитин даллаҥнатар үһү. Күтүөт саатын ылан оҕо көстүбүт сирин диэки барбыт. Оҕотугар чугаһаан истэҕин аайы, анараата хайдах эрэ тэйэн, ыраатан иһэр курдуга үһү. Оннук тыаҕа киирдэр киирэн испит. Оҕо иннигэр элэҥнии сылдьыбыт уонна биир аарыма тиит аттыгар кэлэн баран сүтэн хаалбыт. Хоп-хойуу көтөҕөнү үктээбитигэр арай туох эрэ “харк” гына тыаһаабыт. Төҥкөйөн көтөҕөнү ыраастаан көрбүтэ, оҕо дьардьамата сытар үһү.

Бөһүөлэккэ кэлэн дьоҥҥо тыллаан ол дьардьаманы киһи сиэринэн харайбыттар. Онтон ыла уруккута Куоҕастаахха, билиҥҥитэ Оҕо Ытаабыт алааһыгар туох да баар сибикитэ биллибэт. Дьиҥэр, ол оҕо эрэйдээх отон сии бараахтаабыта эбитэ буолуо уонна, бука, аччыктаан, тоҥон-хатан суорума суолланнаҕа. Күтүөт уол “ол оҕо төрөппүттэрин өтөҕүттэн адьас чугас сытара, хайдах кыайан булаахтаабатахтара эбитэ буолла?” диэбитэ үһү.

ЧУРАПЧЫ КЫРДЬАҔАҺЫН КЭПСЭЭНЭ.

Батсаап бөлөҕүттэн.

+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0