Сунтаарга муҥхалаан баран олоҥхо иһиттилэр

11.11.2017
Бөлөххө киир:

Сунтаар улууһун Кутана сэлиэнньэтигэр сонун тэрээһин буолан ааста. Былыр-былыргыттан олохтоохтору балыгынан аһатан олорор Сымалыыр күөллэригэр муҥхалаатылар уонна сибиэһэй балыгы сии-сии олоҥхо иһиттилэр.

edersaas.ru

Кутанаттан 10 килэмиэтирдээх сиргэ сытар Сымалыырга сүүсчэ киһи мустан муҥха бырааһынньыгын тэрийдилэр. Үөрэ-көтө, көхтөөхтүк үлэлээн, кэлбит киһи барыта  биирдии куул балыктанан, өттүк харалаах, илии тутуурдаах төнүннэ.

Онтон киэһэ нэһилиэк дьоно сөбүлээн мустар Николай Иванов-Куола Учуутал балаҕаныгар кэллилэр. Манна Олоҥхо декадатын чэрчитинэн «Муҥха олоҥхото» диэн олоҥхо дьоро киэһэтэ ыытылынна. Аан бастаан ыытыллар маннык тэрээһини олонхо дьиэтин салайааччыта  Мария Афанасьева, эдьиийдии-балыстыы Туйаара уонна Александра Андреевалар, Айсен Фёдоров көҕүлээтилэр. Олоҥхону Мария Павловна Афанасьева уһуйар оҕолоро, 4 кылаас үөрэнээччилэрэ, толордулар.

Муҥха уонна олоҥхо киэһэтин кыттыылаахтара саҥа муҥхаламмыт собо миинин иһэ-иһэ оҕолорун олоҥхотун истэн, астынан тарҕастылар.

ЫСПЫРААПКА:

Былыр балыгы күкүр охсон сытытан сииллэрин «сыма» диэн ааттыылларынан, байанайдаах күөл Сымалыыр дэммит буолуон сөп.

Сымалыыр уруккуттан өлгөм уонна минньигэс балыктааҕынан сураҕырар.

Кутаналар 60-тан тахса күөллээхтэриттэн Сымалыыр биир саамай улаханнара. Сымалыыр кэнниттэн Сүөдэр Уус Үҥкүрэ, Күһүт, Тыылаах уо.д.а. күөллэр кэлэллэр.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0