Саха норуотун таптыыр ырыаһыта Марфа Колесованы-Расторгуеваны ахтыы-кэнсиэр Саха циркэтигэр буолан ааста. Ахтыы буоларынан циркэ аренатын тула туруоруллубут остуол лаампалара умайан, хараҥаны сырдаталлар. Остуоллар тула Марфа Петровна чугас дьоно, аймахтара, доҕотторо, биир дойдулаахтара олорбуттар. Саала ыы быччары.
Ахтылҕан курус тыыныгар куустарбыт эрээри сэргэх киэһэни кэргэнэ Сергей Расторгуев уонна артыыска, аныгы кэм биһирэнэр суруйааччыта Куорсуннаах иилээн-саҕалаан ыыттылар. Хас да түһүмэхтээх кэнсиэргэ бастаан биллэр-көстөр артыыстар кытыннылар. Сорохтор опера аатырбыт ырыаһыта Иван Степанов Марфа Колесова аймаҕа буоларын соһуйа иһиттилэр быһыылаах. Чурапчы күөрэгэйэ Аграфена Кузьминаны билбэт киһи суоҕа буолуо. Ытыс тыаһа хабыллан олордо. Эмиэ Наахара оскуолатыгар үөрэнэ сылдьыбыт Нина Чигирева олус уйадыйан туран истиҥ ахтыы оҥордо. Бу киэһэ сонун арыйыытынан Нина Чигирева кэргэнэ Сергей Чигирев буолла. Кини уу сахалыы ”Сулустар” диэн ырыаны олус иэйиилээхтик ыллаан, саала кутун тутта. Бииргэ төрөөбүт убайа Юрий Платонов уо.д.а ырыаһыттар бииртэн биир ырыалаах-тойуктаах тахсан истилэр. Устудьуон кэмнэрин туһунан күлүүлээх түгэннэр… киһи иһиттэр истэ олоруон курдук. Артыыс Алексей Павлов Марфалыын үҥкүүлээбит түгэнин аҕынна. “Наһаа да күүстээх энергетикалаах этэ. Вальстыырбытыгар олох сиргэ үктэммэккэ эргичийэ сылдьыбыппыт дьикти этэ”, – диир. Кини 70-ус сылларга оскуолаҕа үөрэнэ сылдьар, артыыстары аан бастаан көрбүт уол “Смена” фотоаппараакка түһэрэн, кэлин ол хаартыскатын Расторгуевтарга бэлэхтээбитин аҕынна.
Дьон үксэ бииргэ төрөөбүттэрин толорууларын кэтэһэ олордо. Элбэх оҕолоох Колесовтар оҕолоро бары ырыаһыттарын туһунан номох тилийэ көппүтэ ырааппыт буолуохтаах. Эдьиийэ, “Наахара эмчитэ дуо?” диэн ааттыыр, аатырбыт норуот эмчитэ Александра Петровна Егорова олус истиҥник аҕынна. Кини күтүөтүгэр Сергей Васильевичка уонна кыра балтыларыгар Анастасияҕа Марфаны бүөбэйдээбиттэрин иһин бар дьон ортотугар махтанна. Уонна Сергей Васильевич баяҥҥа доҕуһуолунан “Ферма кыргыттара” ырыатын олус сэргэхтик толордо. Екатерина Петровна эмиэ эдьиийин Марфа Петровна курдук хамсанан ыллаабытыгар саалаҕа олорор сорох дьон: “Тыый, бу кыыстарын куолаһа олох Марфа Марфанан эбит”,– дэстилэр.
Кыра кыыс Анастасия Петровна Оленегорскай туһунан ырыатын олус өрө көтөҕүллэн, хотулуу эрчимнээхтик толорбутун, “Сюрприз” ансаамбыл үҥкүүһүт кыргыттара ситэрэн-хоторон биэрдилэр. Быйыл сайын үбүлүөйдээбит Оленегорскай олохтоохторугар бу ырыаны иһитиннэрбит киһи даа дии санаатым, хата, мин истэ олорон. Кыра уоллара Петр Петрович бэрт эрчимнээхтик хамсанан, толорбут ырыатын биһирээтилэр аҕай.
Циркэ тутуутугар кылааттарын киллэрбит,сүбэ-ама буолбут, көмөлөспүт дьон эмиэ кытыннылар. Альбина Поисеева бэртээхэй ахтыыны оҥордо.
Колесовтар сайын аайы Наахараҕа мустан, күргүөмүнэн оттоон, ким хайа иннинэ алаастарын бүтэрэр үгэстээхтэр. “Быйыл аттыбытыгар ким эрэ суох курдуга …. тапталлаах эдьиийим Марфа суоҕа”, – диэн хомойон аҕынна Анастасия Петровна.
“Марфа-аа, кытаат, кытаат!”
Ырыа-тойук быыһыгар тапталлаах ырыаһыппыт олоҕун туһунан кэпсиир киинэ улахан экраҥҥа көстө турда. Дьэ, онно арай Марфабыт ханаат үрдүнэн хааман барбата дуо!? Сорох сороҕор хайдах эрэ тыыннааҕын курдук санаан ыллыбыт быһыылаах көрөөччүлэр. Аны сууллан хаалыа диэх курдук, ыгылыйан да ыллыбыт.“Марфа-аа, кытаат, кытаат!” – диэн тапталлаах кэргэнэ Сергей Васильевич микрофоҥҥа саҥара олорбута даҕаны оннук санааҕа аҕалла. Киһи көрдөр көрө олоруон, сөхтөр сөҕө туруон курдук кутталлаах нүөмэрэ –ханаатынан хаамыы уонна ол быыһыгар “Туундара, туундара…” ырыата илэ дуу, түүл дуу курдуга. Кырдьык даҕаны, чугас дьоно ахтан аһарбыттарын курдук, хайдахтаах курдук хорсунун, сылбырҕатын, имигэһин көрдөрбүтүн ити киинэҕэ уһуллан хаалбыт түгэннэр өссө да саната, киһи талаана муҥура суоҕун көрдөрө туруохтара турдаҕа.
Биир дойдулаахтара суол хаайтарыытыттан иҥнибэккэ бөртөлүөтүнэн кэлбиттэрэ кэрэхсэбиллээх. II-с Наахара нэһилиэгин саҥа баһылыга Петр Никитин баһылыктаах дэлэгээссийэ киирбит. Наахаралар Расторгуевтарга нэһилиэк сайдыытыгар киллэрбит кылааттарын иһин махтаннылар. Учуутал Светлана Жиркова оскуола уонна оҕо саадын оҕолоругар циркэ оруолун, биир дойдулаахтара кинини кэриэстииллэрин, кининэн киэн тутталларын туһунан эттэ. Сахалартан бастакынан салгын гимнаһа буолбут циркэ артыыһа Владимир Куприянов убайа, Хочо талааннаах ыччата Николай Куприянов иэйиилээх ырыатын ыллаата.
Ити курдук, бииртэн биир сонун куоластары иһиттибит. Алексей уонна Дима Потаповтар… кылыһахтаах ырыаһыт кыыс – барыларын ааҕан сиппэккин. Марфа Колесова-Расторгуева сүдү талааныгар сүгүрүйээччилэр, кини үүннэрэн таһаарбыт, көмөлөспүт, сүбэлээбит үөрэнээччилэрэ махталларын бэлиэтин көрөөччүлэргэ ырыа бэлэхтээтилэр. Ону тэҥэ гостуруолга кэлэ сылдьар циркэ эдэр артыыстарын сэргэх нүөмэрдэрин көрдүбүт.
Уонна кэнсиэркэ сылдьан өссө биир бэртээхэй сонуну, үтүө холобуру иһиттибит. Нам сэлиэнньэтин дьаһалтата сыл аайы түөлбэлэрин бэтэрээннэрин, ытык кырдьаҕастарын босхо тиэйэн Дьокуускайга киллэрэр эбит. “Бу сырыыга эмиэ хомуллан кэллибит тапталлаах ырыаһыппытыгар анаммыт кэнсиэри көрөөрү”,–дэстилэр намнар.
Саха норуотун чаҕылхай талаана Марфа Колесова-Расторгуева ити курдук аата ааттана, ырыата ыллана, ахтылла туруоҕа.
Женни Стрюкова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru