Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа 1906 сыллаахха тохсунньу 6 күнүгэр Таатта улууһугар төрөөбүтэ.
Николай Егорович — саха норуотун олоҕо тосту уларыйар кэрдии кэмин киэҥник, дириҥник хабан көрдөрөр “Сааскы кэм” аатырбыт арамаан ааптара. Бу сүдү айымньы сахалыы, нууччалыы уончалыыта тахсыбытын таһынан, украинскай, венгерскэй, чех тылларыгар тылбаастаммыта. Амма Аччыгыйа маны сэргэ, oҕo биллэр суруйааччыта, публицист, очеркист, литература сыанаһыта уонна тылбаасчыт бастыҥа этэ. Сүгүрүйэр сүдү киһибит, Амма Аччыгыйа, төрөөбүтэ 113 сылынан, ааҕааччыларбытыгар кини дьон сүрэҕин улаханнык долгуппут “Мотуо” диэн кэпсээниттэн бүгүн быһа тардан таһаарабыт.
(Кэпсээнтэн быһа тардыы)
Мин, биэс кылаас үөрэхтээх уон сэттэлээх уол, биир кыһын учуутал буолбуттаах этим.
“Ыйаахтаах” оскуолаттан тэйиччи быыкаайык эргэ дьиэни биэрдилэр, иккис кылааһы анаатылар. Туспа буруо таһааран, ыал буоллум.
Биирдэ, кыһыҥҥы түптэлэс тымныыга, оһохпун олус эрдэ сабаммын, угаардаан, төбөбүн былаатынан бобо тардынан, кылааһым аанын тэлэччи аһан баран, оҕолорбор диктант суруйтара олордум.
Арай, тирии бүрүөлээх тас аан аһыллан, тымныы тумана өрүкүс гына түстэ. Матрена Романовна кыыс киирэн кэллэ.
Мин, этэн испит тылбын ситэрбэккэ, кэлэҕэйдээбитинэн ойон турдум.
Матрена аан холуодатыгар үктэнэн туран, икки илиитин кэннинэн уунан, халҕаны чиҥэтэ тардан кэбистэ. Онтон кырса тыһа муус маҥан бэргэһэтин илиитин көхсүнэн оргууй силэйэ охсон, кырыатын сотунна. Кырыа кыырпаҕа сыстыбыт уһун кыламаннарынан кэрэлэммит ып-ыраас ыас-хара харахтарынан кылаас диэки көрөөт, тымныыга ордук хойдо тэтэрбит сирэйэ кэтирээн, оҕолуу чэбдик уостарын ньимиччи туттан, килбиктик мичээрдээбитинэн ааһа турда.
Ити барыта сүрдээх сымсатык, нарыннык, этиэх бэтэрээ өттүнэн дөбөҥнүк буолла.
Мин хайдах буоларбын, тугу гынарбын билбэккэ, булкулуннум. Диктаным икки-үс тылын сыыһа-халты этитэлээтим. Уруокпун бүтэрэ охсуохпун – сибилигин саҥардыы саҕалаабытым. Кыһамматах учуутал быһыытынан үөрэтэ олоруохпун – кини баран хаалыыһык, сатаан үөрэтиэ да суохпун быһыылаах. Хайыырбар сөбүй?..
Онтон, — “бэйи эрэ” диэн дуу, “олоро түһүҥ” диэн дуу, — тугу эрэ быһаарыыта суох ботугураан баран, кылаастан тахсан бардым.
Көрүдүөр түгэҕэр баар остуолга төҥкөйөн, испиискэ маһын төбөтүнэн тугу эрэ суруйа турар эбит. Оргууй чугаһаан кэллим.
— Кэпсээ, Матрена Романовна.
Кини соһуйан, эмискэччи көнө түстэ, суруйа турбут сирин ытыһынан саба баттыы оҕуста. Онтон дьэ уоскуйан, остуолтан оргууй халбарыйда, испиискэтин хаатыгар төттөрү уган кэбистэ.
— Суох… Эн кэпсиэ.
— Суох.
— Төбөҥ туох буолла? Хата, киһини куттаатыҥ…
Кини дьиэтиттэн кэлбит. Оскуолаттан биэрэстэ олохтоох эдьиийигэр баран иһэр эбит.
— Манна тоҕо сырыттыҥ? – диэн толоостук ыйытар дууһа буоллум.
Кини саҥата суох турбахтаан баран, оргууй эттэ:
— Манна киһи сылдьыбат сирэ үһү дуо?.. Эн оскуолаҕын көрөн бараары. – Тохтуу түһэн, ыас харанан мэндээриччи одуулаһан турбахтаата уонна абаламмыт куолаһынан эбэн эттэ: — Эйигин көрөн бараары… Эн бэйэлээҕи… Былааккын бырах!
Өс киирбэх былааппын төбөбүттэн сулбу тардан ыллым.
— Угаардаан, төбөм алыс ыарыйда дии. Өлөөрү гынным быһыылаах. Өллөхпүнэ аһыныаҥ дуо?
— Ким билэр… Бука… — Ситэ эппэккэ тохтуу түһэн, кылааска олорор оҕолор күүгээннэрин иһиллээн турбахтаата. Онтон эттэ: — Ол эрээри, өлбүт киһини аһынан да диэн. Кини онтон син абыраммат…
Ол кэннэ хайдах эрэ санаарҕаабыттыы умса көрөн турда.
— Мотуо! … — диэн тэбэнэттээхтик эмискэччи ыҥырбыппын кулгааҕым истэн хаалла.
Кини сүр түргэнник: “Тугуй?” — диэбитинэн көрө түстэ, онтон өйдөнөн, мичээрдээтэ уонна эттэ:
— Мин аны Мотуо буолбатахпын ээ. Моту-руо-на буолтум икки-үс сыл буолла… Чэ бар кылааскар…
Көрүстэххэ дорооболоһор, арахсарга бырастыылаһар, ыалдьыты олордор сүдү культура сыста илик киһитэ – мин кылааһым диэки талырдыы турдум.
— Маны мин ыллым…
Эргиллэн көрбүтүм: кини намчы тарбахтарын төбөлөрүнэн ыллаан тарыкыныы сылдьар күөрэгэй чыычаах ойуулаах испиискэ хаатын күөрэччи тутан турар эбит!
— Чэ ыл… Бэлэхтиибин, Мотуо-Мотуруонаа!…
Кылааспар киирдим.
Матрена аһаҕас аанынан кылаас диэки сиэлийэ көрөн мэндээрис гыннаран ааста. Тымныы тумана өрүкүс гынан киирдэ, тирии бүрүөлээх аан тыаһа суохтук сабылынна…
Этэр тыл эриэккэһэ уонна сүрэх иэйиитин эрчимэ тус-туспа төрүттээх буолуохтарын сатаммат. Ол эрээри олус кыыһырбыт эбэтэр олус үөрбүт киһи сатаан ыпсарыылаахтык эгэлгэлээн эппэт эбээт. Ити Мотуо кыыс, Матрена Романовна, миэхэ көстө түһэн ааспыта 20 төгүрүк сылын быйыл туолла. Умнубаппын ээ ону мин. …
Бу уонна да атын кэпсээннэри
Амма Аччыгыйа “Кэпсээннэр, очеркалар” кинигэтигэр сиһилии ааҕыҥ.