Москвичтар «босхо гектарга» ымсыырдылар

Ааптар: 
16.02.2017
Бөлөххө киир:

Москва, Санкт-Петербург, Екатеринбург олохтоохторо Уһук Илиҥҥэ кэлэн дьиэ туттуохтарын баҕараллар эбит.

 Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru

“Уһук Илиҥҥи гектар” бырагырааматынан күннэтэ ортотунан иккилии тыһыынча сайабылыанньа киирэр, сирдэниэн баҕалаахтартан хас иккис киһи дьиэ туттар санаалаах. Бу туһунан Уһук Илини сайыннарыы министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Сүрүннээн, Москва, Санкт-Петербург, Екатеринбург курдук улахан куораттар олохтоохторо учаастактарын Приморьеҕа, Хабаровскай кыраайга, Сахалиҥҥа, Саха сиригэр ылыахтарын баҕараллар диэн буолар. Сайаапкаласпыттар 15 бырыһыаннара бөлөҕүнэн кэлэн сир быстаран ылар санаалаах. Ол тоҕото өйдөнөр – кэлэктиибинэн сирдэнээччилэргэ олохтоох былаастар суолу оҥорууга, уоту, ууну тардыыга көмөлөһүөхпүт диэн эрэннэрэллэр үһү. Уонна бииргэ тутуһа сылдьар бары өттүнэн барыстаах буоллаҕа эбээт.

Уһук Илиҥҥэ сир уларытан кэлээччилэр кэтэх хаһаайыстыба тэриниэхтэрин, туризмынан дьарактаныахтарын саныыллар эбит.

Санатар буоллахха, бу дьыл олунньу 1 күнүттэн дойду гражданнара, ханна олороллоруттан тутулуга суох, уокурук сиригэр-уотугар биир гектар иэннээх учаастагы биэс сылга болдьохтоон босхо ылыахтарын сөп. Билиҥҥитэ “Уһук Илиҥҥи гектар” бырагырааманан 60-ча тыһыынча сайабылыанньа киирдэ. Онтон үс гыммыт биирэ — атын регионнар олохтоохторуттан.

Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0