Тыйаатыр — олох сиэркилэтэ. Үөрүүнү-көтүүнү, аһыыны-кутурҕаны артыыс маастарыстыбатынан өйдүөххэ сөп. Сүдү күүс, талаан диэтэххит. Ону таһынан, киһи күннээҕи эрэйин умуннаран, сүрэҕи-быары сымнатар. Тыйаатыр олох — дьаһах кистэлэҥин көрдөрөн үөрэтэр, өйү — санааны кэҥэтэр, дириҥэтэр. Ускуустуба биир саамай сүдү уонна уустук көрүҥэр хайдах дьон үлэлиир? Быйыл М.С. Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище (институт) алтыс саха устуудьуйатын оҕолоро кэллилэр!
Бэс ыйын 23-30 күннэригэр көрөөччүлэргэ У. Шекспир “Сайыҥҥы түүҥҥэ түүл” (“Сон в летнюю ночь”), Б.Шоу “Сакалаат саллаат” (“Шоколадный солдатик”), А.Островскай “Гроза”, Ж-Б Мо-льер “Дон Жуан или каменный пир”, А.Вампилов “Улахан уол” (“Старший сын”) испэктээктэри көрдөрбүттэрэ.
Санаан көрүҥ. Бэһис устуудьуйалар (Ильяна Павлова, Татьяна Легантьева, Ньургуйаана Шадрина, Елена Маркова, Дмитрий Шадрин, Геннадий Турантаев, Петр Макаров уо.д.а.) 2002 сыллаахха кэлбиттэрэ. Онтон быйыл 21 сыл кэнниттэн, саҥа “Щепкиннэр” үлэ үөһүгэр турунан эрэллэр.
Санатан аһардахха, 2019 сыллаахха 100 киһиттэн тургутан көрүү кэнниттэн 20 ыччат талыллыбыта. Дьэ, эдэр артыыстары кытта билсиэҕиҥ!
Айаана Егорова:
— Кэбээйи улууһун Мукучутуттан сылдьабын. Үөрэхпин бүтэрэн, Саха тыйаатырыгар үлэлии киирдим. Ыллыырбын, туойарбын сөбүлүүбүн.
Мичил Хомподоев:
— Дьоллоох Дьокуускай куоракка улааппытым, 21 саастаахпын. Дьокуускайдааҕы национальнай гимназияны бүтэрбитим. Түөрт сыл улуу театральнай үөрэх кыһатыгар үөрэммиппиттэн бэйэбит дьоллооҕунан ааҕынабын.
Уйгу Семенов:
— Өлөөн улууһун Дьэлиҥдэ нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. СӨ Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар тыйаатырдарыгар үлэҕэ анаатылар.
Сергей Эверстов:
— Дьокуускай куораттан төрүттээхпин. Куорат национальнай гимназиятын бүтэрбитим. Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар үлэҕэ киирдим. Үлэлииргэ бэлэммин.
Ньургун Никитин:
— Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээхпин. Бөлөхпөр биир дойдулаахтар элбэхпит. Майаҕа бастакы нүөмэрдээх оскуолаҕа үөрэнэн лиидэр хаачыстыбаларын ылбытым диэххэ сөп. Онон «Щепкиҥҥэ» үөрэнэ сылдьан бөлөх старостата этим. Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар анаатылар.
Петр Домотов:
— Уус Алдан улууһуттан сылдьабын. Саха тыйаатырыгар үлэлии киирдим. Островскай “Этиҥнээх ардаҕар” — Кулигин, Вампилов «Сильватыгар», Мольерга — Дон Жуан, Шекспиргэ – Тезей курдук оруолларбын бастыҥнарынан ааҕабын.
Александр Захаров:
— Мэҥэ Хаҥалас Хорообут нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Култуура, тыйаатыр эйгэтигэр 2014 сыллаахха сыстыбытым. Ону таһынан, бэйэм тустуунан утумнаахтык дьарыктанабын. Саха тыйаатырыгар эдэр артыыһынан үлэлии киирдим.
Юлия Санникова:
— Төрөөбүт дойдум – Мэҥэ Хаҥалас улууһун Табаҕа нэһилиэгэ. Быйыл этэҥҥэ үөрэхпитин бүтэрэн кэллибит. Тус бэйэм Саха тыйаатырыгар ананным. Кыратык долгуйабын. Москватааҕы уһуйааччыларбын, учууталларбын номнуо аҕынным.
Ефрем Татаринов:
— Мин дойдум – Горнай улууһун Бэрдьигэстээх нэһилиэгэ. Щепкин училищетыгар үөрэнэ барыам диэн оскуола саҕаттан быһаарыммытым. Бастаан Дьокуускайдааҕы култуура уонна ускуустуба кэллиэһин бүтэрбитим. Москваҕа төһө кыалларынан, үөрэҕи барытын сомсо, ылына сатаатым дии саныыбын. Ньурба тыйаатырыгар ананным.
Александра Михайлова:
— Амма улууһун Абаҕа нэһилиэгиттэн сылдьабын. Оскуолаҕа Ф.Ф.Потапов аатынан оҕо устуудьуйатыгар дьарыктаммытым уонна артыыс буолуохпун баҕарар эбиппин диэн толкуйданан, М.С.Щепкин аатынан театральнай училищеҕа туттарсан киирбитим. Ньурба тыйаатырыгар үлэлии бараары бэлэмнэнэ сылдьабын. Бэйэм ыллыырбын, хаартыскаҕа түһэрэрбин сөбүлүүбун. Ардыгар кэнсиэртэргэ, тэрээһиннэргэ ыытааччы буолааччыбын. Үлэбиттэн элбэх умнуллубат түгэннэри кэтэһэбин.
Сандаара Федотова:
— Үөһээ Бүлүү улууһун Далыр нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. 2019 сыллаахха оскуоланы бүтэрбитим. “Щепкиҥҥэ» түөрт сыл доҕотторбутун кытта бииргэ алтыһан, үөрэхпитин туйгуннук түмүктээн, быйыл П. А. Ойуунускай аатынан Саха Академическай тыйаатырыгар ананным.
Иван Кузьмин:
— Сунтаар улууһун Дьаархан нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Үөрэххэ барыам иннинэ тыйаатырга администраторынан үлэлээбитим. Онно сылдьан испэктээктэри көрөн артыыс буолуохпун баҕарарбын өйдөөбүтүм. Бу түөрт сыл устата үөрэнэрбэр артыыс маастарыстыбатыгар эбилинним дии саныыбын. Мин ордук саҥа (речь) биридимиэтин ордорорум. Саха тыйаатырыгар ананным. Саха тыла, култуурата, сахалыы өй–санаа сайдалларын туһугар кылааппын киллэрсиэм этэ.
Аида Еремеева:
— Сунтаар улууһун Дьаархан нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Саха тыйаатырыгар үлэлии киирдим. «Щепкабын” олус да ахтабын. Өссө да биир сыл эбии үөрэниэм этэ.
Алёна Пономарёва:
— Дьокуускайтан төрүттээхпин. «Сон в летнюю ночь» испэктээккэ Елена оруолун астынан оонньообутум. Үҥкүүлүүрбүн сөбүлүүбүн. Ньурба тыйаатырыгар ананным. Үлэни, оруоллары күүтэбин. Барыта үчүгэй буолуо диэн эрэнэбин.
Евгений Григорьев:
— Күөх Ньурбаттан төрүттээхпин. Үөрэхпин үс сүрүн оруоллаах бутэрбитим: «Старший сын» – Бусыгин , «Дон Жуан, или каменный пир» – Дон Карлос, «Сон в летнюю ночь» – Деметрий. Ньурба тыйаатырыгар үлэҕэ анаатылар. Хорутуулаахтык үлэлииргэ бэлэммин, ыарахаттары этэҥҥэ ааһыам диэн эрэллээхпин.
Василий Романов:
— Мэҥэ Хаҥалас Бэдьимэтиттэн төрүттээхпин. Москва куоракка үөрэхпит олус түргэнник ааста. Дойдубутугар төннөн бары араас тыйаатырдарга ананныбыт. Дьэ, күһүн бастакы театральнай сезоммутун арыйабыт. Саха тыйаатырыгар үлэлиир буолабын.
Нарыйа Колесова:
— Нам улууһугар төрөөбүтүм, улааппытым, үөрэммитим. Дойдубут тэбэр сүрэҕэр, Москваҕа, түөрт сыл этэҥҥэ үөрэнэн бүтэрдибит. Миигин уонна өссө 11 ыччаты Саха тыйаатырыгар анаатылар. Долгуйа күүтэбит.
Айталыына Яковлева:
— Горнайтан төрүттээхпин. «Щепкиҥҥэ” үөрэммит сылларбыт түргэнник да аастылар, билбэккэ да хааллыбыт. Үөрэппит уһуйааччыларбыт уонна кураторбыт Лена Васильевна көмөтүнэн этэҥҥэ үөрэхпитин бүтэрдибит. Саха тыйаатырыгар 5 испэктээк көрдөрбүппүт. Ол күннэр устата дойдубут көрөөччүлэрин биһирэбилин ылан астыммыппыт. Мин Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар үлэлиирбин долгуйа күүтэбин.
Тыйаатыр сүрэхтэри холбуур
Айар кэлэктииптэргэ дьиэ кэргэнинэн бииргэ үлэлээһин, биир сөбүлүүр дьарыктаах буолуу элбэх. Ол курдук, алтыс устуудьуйаҕа номнуо ыал буолбуттар бааллар.
Анастасия Иванова кэпсиир: “Нерюнгриттан төрүттээхпин. Оскуолаҕа уруһуйга, художественнай гимнастикаҕа, үҥкүүгэ дьарыктаммытым. Муусука оскуолатыгар флейта кылааһын бүтэрбитим. Аҕам Петр Скрябин – төрдүс устуудьуйа выпускнига буолар. Үөрэххэ саамай сөбүлүүр биридимиэппинэн сыанаҕа хамнаныы этэ. Саамай табыллыбыт оруолум Шекспир Гермията дии саныыбын”. Кэргэнэ Григорий Иванов: “Дьокуускай куораттан сылдьабын. Үөрэнэ сылдьан футболунан дьарыктаммытым. 10 кылаас кэнниттэн Автодорожнай тиэхиньикумҥа киирбитим. Аармыйаҕа сулууспалаабытым. 3 кууруска Настябынаан ыал буолбуппут. Үөрэнэ сылдьан гитараҕа оонньуурга үөрэммитим. Кэргэмминиин Саха тыйаатырыгар үлэҕэ киирдибит”.
Куратордара Лена Васильевна Тимофеева санаатын кытта үллэстэр: «Оҕолор бары — сахалыы куттаахтар. Төһө да эдэрдэрин иһин, дойдуларын иннигэр улахан эппиэтинэстээхтэрин билинэллэр. Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба институтугар «Щепкини» бүтэрбиттэр үөрэтэллэр, уһуйаллар. Бу институт даҕаны, Щепкин училищета даҕаны — иккиэннэрин оскуолалара биир. Ол эрээри, сүрүн уратынан буолар — Москва үөрэҕин нууччалыы эйгэтэ. Иккис куурустан сахалыы оонньуур, уратыларын көрдөрөр баҕалара күүһүрбүтэ. Онон оҕолорго сахалыы испэктээктэри оонньуур быдан чэпчэки. Быһа түһэн эттэххэ, билэргит курдук, Саха тыйаатырыгар биэс испэктээги көрдөрбүттэрэ. «Грозаны» нууччалыы оонньообуттара. Москваттан кэлэ сылдьар артыыстар: «Биһиги сорох эдэр артыыстарбытынааҕар үчүгэйдик саҥараллар», — диэбиттэрэ. Сарсыарда 9 чаастан киэһэ 9 чааска диэри үөрэнэллэр этэ. Биир эрэ өрөбүллээхтэрэ. Бары өттүнэн бэлэм исписэлиистэр кэллилэр. Оҕолорбор таһымнарын үрдэтэ туралларыгар, бэртээхэй оруоллары, айымньылаах үлэни баҕарабын!»
Артыыстар дьоҥҥо сабыдыаллыыр ураты айылгылаахтар. Ону көрөөччү эрэ өйдүүр, артыыс үлэтиттэн бэйэтигэр түмүк оҥостор кыахтаах. Киһи мутукча быыһынан тыкпыт күн хас биирдии сардаҥата уратылааҕын өйдөөн көрөрүн кэриэтэ. Дьэ, доҕоттор, эдэр артыыстарга, улуу Щепкин үөрэҕиттэн үөрэх–билии көтөллөөх кэлбит ыччакка, ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ. Сахабыт сиригэр театральнай ускуустуба сайдыытыгар саҥа түөрэҕи түһэрдэхпит буолуохтун!