Хобордооххо сырдьыгыныы буһар саһархай алаадьылары биир-биир хотортолоон улахан кытыйаҕа өрөһөлүү ууран баран, эмискэ тырылыы биэрбит суотабайын өрүһүйэ, дьахтар саала диэки хаамта. Бу Марина Тимофеевна диэн саас ортолоох дьахтар.
Улахан кыыһа дойду тэбэр сүрэҕэр үөрэнэ барыаҕыттан, күн аайы төлөпүөнү эрэ маныыр. Икки кырата бакаа оскуола оҕолоро. Дьахтар арыылаах илиитин аа-дьуо халаатын эҥээригэр соттон баран, төлөпүөнүн күөх кунуопкатын баттаата. Сибээс анараа өттүгэр кыысчаанын чаҕаархай куолаһа иһилиннэ. Ол эрээри, өрүү чаҕаархай куолас уларыйбыкка дылы… Долгуйбут дуу ыгылыйбыт дуу курдук саҥарар Сардаанатын саҥатын ама ийэ хайаан билиэ суоҕай?
— Алло, Сардаана, — диэн ийэ киһи оҕотун аатын хатылаата…
— Ийээ, дорообо. Олороҕун дуу, тураҕын дуу?. – диэн соһуччу ыйытыыны ийэ өйдөөмүнэ: “Дьыбааҥҥа олоробун,” диэн судургутук эттэ. Онуоха кыыһа:
— Ийээ, мин академ ылан тиийэр буоллум, ыал буолан эрэбин… Оҕо күүтэбин, — диэтин кытта, ийэтэ эрэйдээх киэҥ-куоҥ саалатын иһигэр муммуттуу, хайдах да буолуон билбэккэ, дьыбааныгар дьөлө хатанан хаалла. Нэһиилэ аат-харата, бобуллан хаалбыт куолаһынан: “Сардаана, туох буоллуҥ, бастакы эрэ куурускун дии, үөрэммитиҥ үс эрэ ый буолла, Москваҕа хаал, хаал..”, — диэмэхтээтэ. Сибээс анараа өттүгэр кыыһа тугу эрэ айманар. Дьахтар өйө букатын көттө. Төлөпүөнү арааран баран, саҥата суох сүүрэр хараҕын ууларын көҥүл ыыта олордо. Атын кэм эбитэ буоллар, бу сонунтан үөрүө этэ. Өскөтүн, кыыһа номнуо идэ ылан, ыал буолан баран, “ийээ, оҕо күүтэбит” диэбит буоллун. Ама, кыыһын атаарарыгар элэ-была тылын барытын эппэтэҕэ дуо. Бэрээдэктээхтик, өйдөөхтүк сырыт диэн. Билигин кэргэнэ кэллэҕинэ туох диир. Аҕалара кыыһы ыраах Москваҕа ыытыан соччо баҕарбатаҕа. Оҕобут чугастыы куоракка сырыттын дии сатаабыта. Онуоха дьахтар Дьокуускай үөрэхтэрин кыһаларын барытын сирбитэ. Хайыай, куорат мааны дьахтара буоллаҕа. Дьүөгэлэрин оҕолоро бары киһилии үөрэнэ сылдьаллар. Ким даҕаны үөрэҕин кыайбакка эбэтэр хат буолан төннүбүтэ иһиллибэт. Кэм буолуо биһиэнэ. Уола ким эбитэ буолла? Арааһа, били Ньурба уола буолара дуу, бэркэ кыыспын батыһан Москваҕа туттарсыбыт сурахтааҕа. Саатар, омуммар ситэ кэпсэппэтим, ити акаары кыыс аны куттаан тугу гыныа биллибэт.., — дии санаат, ийэ барахсан иккистээн, абырал көрдүүрдүү төлөпүөнүн хаһыста. Кыыһа туруупканы ылаатын кытта ыксаабыт куолаһынан:
— Сардаана, оҕоҥ аҕата били уол да. Ньурба уола дуо, — дии-дии үрүт- үөһэ ыйытта. Куруук холку, наҕыл бэйэтэ, эмискэ ийэтэ ити айылаах ыксаабыт куолаһын кыыс соһуйа да иһиттэр:
— Ийээ, Саша миигин таптыыр. Мин туспуттан манна, Москваҕа кэлбит. Санаан көр, миигин батыһан. Эн кинини билэҕин, биһиги “Шаг в будущее” билсибиппит дии…
Ити саҥаны истэн, Марина Тимофеевна дьэ, уоскуйбуттуу ах барда. Ол аата, кини эбит. Тоҕо эрэ кини кыыһыгар төлөпүөннүүр, электроннай почтатыгар, социальнай ситимҥэ өрүү сибээскэ тахсар сырдык, бааһынай уолу иһигэр хара маҥнайгыттан киллэрбэтэҕэ. Уолчаан Ньурба улууһун биир уһук нэһилиэгиттэн сылдьара. Тоҕо эрэ ол кэмпириэнсийэҕэ кэлэн баран, кини кыыһыттан арахпатаҕа. Аны билигин кэргэн ылар үһү! Дьахтар санаатын мучумаана, дьиэ аана эмискэ тэлэллэн аҕалара киирбитигэр, ыһылынна.
— Хайа, доҕоор, бу туох айылаах буруотай. Алаадьыгын уокка сиэппиккин дии, — диэн кэргэнэ эппитигэр биирдэ өйдөөн көрбүтэ, чахчы, куукуна иһэ барыта буруо буолан, хас да алаадьы харааччы уокка сиэтиллэн, хобордооххо барбах сырдьыгыныы сыталлар эбит. – Оо, чахчы даҕаны, хайа эн бүгүн тоҕо эрдэлээтиҥ?, — диэн кэргэниттэн утары ыйытта.
— Ээ, уолаттар волейболлаан бүтүөхтэрэ ыраах. Аны икки чааһынан баран аҕалтыам. Чээйдиэх эрэ, — диэн баран куукуна түннүгүн арыычча сэгэппитигэр, тымныы туман бургучуйан киирдэ.
— Артур, кыыспыт эрийэ сырытта… — дьахтар чэй кута-кута хайдах сааһылаан саҥарарын толкуйдаабыттыы умса көрдө. Кэргэнэ өрүү үөрэ-көтө сылдьар бэйэтэ, бүгүн эмискэ санааҕа ылларбыттыы умса көрбүтүн дьиибэргээн эр киһи: “Доҕоор, туох буолла? Сардаанчык үчүгэй ини?”, — диэн дьахтар сирэйин өҥөйдө. Онуоха Марина өрө тыынан баран:
— Оҕобут оҕо күүтэр үһү, үөрэҕин быраҕан кэлиэ үһү…—диэт, ытаан санна титирэстээн барда. Аҕа киһи истиэм эрэ диэбэтэҕин истэн ах барда. Кэргэнэ ытаатаҕына урут уоскутар бэйэтэ, соһуйан, таастыйа быһыытыйан олордо. Дьахтар ытаан сыҥсыйа-сыҥсыйа: “Били Ньурба уола, өйдүүр инигин, Саша диэн… Кыыспытын батыһан Москваҕа тиийбитигэр, эн өссө үөрбүтүҥ, көрө, көмүскэһэ сылдьыа диэн, ити баар”, — диэн дьахтар устунан эрин буруйдаабыттыы саҥарда. – Хайдах, Сардаанабытын оттон кэргэн ылар ини, оҕолоон баран быраҕар дуу?!, — аҕа киһи тута сибилигин Москваҕа тиийэн саахсалаан кэбиһиэх айылаах ойон турда.
— Ылар үһү, ол ылбыта диэн… оҕо иигэр-сааҕар буккуллан дьэ, хаһан уонна үөрэнэр? Эн ону саныыгын дуо? Академ ылыа үһү… Уол үөрэнэ сылдьыа. Аата кини оҕону иһигэр илдьэ сылдьыа буоллаҕай. Биһиги акаары кыыспыт үөрэхтэн матар чинчилээх, — дии-дии ытыстарынан сирэйин саптан олордо.
— Уоскуй, Марина, кэбис, оҕоҕун куһаҕаннык саҥарыма. Кэргэн ылар буоллаҕына үчүгэй. Умуннуҥ дуо, биһиги хас сааспытыгар ыал буолбуппутун, — диэн эр киһи кэргэнин санныттан кэлэн кууста. Эдэр сааһын санаан мүчүк гынан ылла.
Сэтинньи саҥата. Хаар чиҥээн, номнуо хаачыгырыыр буолбут. Куорат иһэ ыыс-быдаан туман. Бүгүн кыыстара кэргэн тахсыахтаах уолун кытта Москваттан көтөн кэлэллэр. Сардаана академ оҥорторбут үһү. Оттон Саша үөрэҕин бырахпыт. Ити сураҕы ийэлээх аҕа истэригэр хомойо уонна кыһыйа истибиттэрэ. Үөрэҕин бырахпыт эр киһи тугу үлэлээн кэргэнин дьэ, иитэр?
Марина остуол хотойорунан ас астаан, сарсыардаттан күн солото суох. Артур ол күн үлэтиттэн көҥүллэтэн, кыыһын тоһуйа пуорка киирбитэ. Икки кыра уол Женялаах, Дима хосторугар оонньууллар. Дьиэ иһэ уу-чуумпу. Бу түөрт хостоох куорат киинигэр турар улахан кыбартыыра иһигэр эмиэ да бырааһынньык, эмиэ да көрсүһүү буолуохтаах. Аата, диплом да сууйуута буолбатах ээ, академ сууйуута… диэн Марина сотору-сотору бэйэтин санаатыттан бэйэтэ абаран, хараҕын уутун соттор. Иһигэр оҕотун Сардаанатын аһынар. Аһынан да төһөнү аһыныай, ама, ийэ киһи быһыытынан ити туһунан баҕас балачча кэпсээмэхтээбитэ. Хайа баарый, үөрэнэ тиийээт, хат буолбут. Марина кыыһа оскуоланы бүтэриэн иннинээҕи сыл ити кэмпириэнсийэҕэ кыттар буолбутугар олус үөрбүтэ. Кыыһын арыаллаан сырыттаҕына, бэрт сытыы-хотуу сырдык уол кини кыыһыттан хараҕын араарбат этэ. Онно Марина улаханнык болҕомто уурбатаҕа. Кэлин кыыһа Саша диэн уолу кытта суруйсабын диэн бэйэтэ аһыллан кэпсээбитигэр, буолуохтааҕын курдук истибитэ. Уоллаах кыыс суругунан, төлөпүөнүнэн кэпсэтэллэр этэ. Ити уолу кытта билсиэҕиттэн, кыыһа куоракка кылааһынан көрсүһүүлэргэ, кафеларга сылдьара аҕыйаабыта. Марина иһигэр үөрэ саныыра. Онто ити баар. Олох кини кыыһын кэргэн ыларга сорук оҥостон батыһан тиийбит эбит диэн дьахтар биир санаанан быһааран кэбистэ.
Аан звонога тыаһаабытыгар кыра уол Женя тиийэн ааны арыйбыта, аҕалара кыыһын кытта уонна күтүөт уол киирэн кэллилэр. Марина хайдах эрэ кыыһын көрөн ахтыбытын дьэ, өйдөөн кууһа түстэ. Кыысчаан саҥа хат буолбут буолан, иһэ төрүт да биллибэт. Уруккутунуу кыаһаан сирэйин имнэрэ тэтэрэн, үөрэн чаҕылыйан турара. Күтүөт уол кыбыстыбыт, буруйдаммыт быһыыта суох. Дьиэлээх киһилии туттан сонун ыйаат саалаҕа ааста. Сардаана сырдык пуховигын аҕата ылан ыскаапка ыйаата.
Ийэлээх кыыс утарыта көрсүһэн турдулар. Дьиэ иһигэр туора киһи баарыттан кыайан кэпсэппэтилэр. Арай остуолга олоруу буолбутугар Сашалаах Сардаана кыракый дьыбааҥҥа кэккэлэһэн кэбистилэр. Аҕа киһи Артур Иванович дьоһумсуйан олорон күтүөт диэки көрөн баран: “Дьэ, үөрэхтэн маппыттар, мантан антах туох былааннааххыт?”, — диэн ыйытта. Онуоха Сардаана килбигийбиттии Сашатын диэки көрдө. Онуоха Саша: “Оттон ыал буолар буоллахпыт дии…”, — диэтэ уонна саһархайдыҥы тбльпан люстра диэки мэндээриччи көрдө.
— Сардаана, срогун олох кыра дии, тоҕо академ ыллыҥ, — ийэ киһи мааҕыҥҥыттан ыйытыах буолбутун дьэ, ыйытта.
— Саша антах таах сылдьыа дуо, мин син биир сотору иһим улаатар. Ол иһин эрдэ сылла академ оҥоттордум. – диэн бэрт судургутук хоруйдаата.
– Оттон эн тоҕо үөрэххин бырахтыҥ, тугу салгыы былаанныыгын?, — диэн Марина Тимофеевна күтүөтүн утары көрдө.
— Суох, тугу былаанныамый, — диэн ып ырааһынан утары көрбүт эдэр уолу дьахтар иһигэр эмискэ абааһы көрө санаата. Туох даҕаны былаана, соруга суох килэччи көрбүт киэҥ харахтардаах сырдык уол кини кыыһын былаанын ыһыа үһү! Дьахтар кыйахаммытыгар эрэ кыһаммакка уол аһаан кимиритэ олордо. Сардаана буоллаҕына, ийэтэ тугу санаабытын сэрэйбиттии, буруйданан, умса көрөн чэйин сыпсырыйбахтаабыта буолла. Артур Иванович ах баран олордо. Аныгы таптал атын эбит буоллаҕа диэн иһигэр саныы олордо. Кини Маринатынаан иккиэн усутдьуоннуу сылдьан ыал буолбуттара. Ол эрээри ким даҕаны академ ылан дуу, үөрэҕин хаалларан дуу, дьоннорун хомоппотохторо. Саахсаланаат, салгыы үөрэммиттэрэ. Үөрэхтэрин бүтэрэр сылларыгар Сардаанчыктара төрөөбүтэ. Онтон ити уолаттары кэлин, сыры-сыллата субуруппуттара, номнуо үлэлээх-хамнастаах дьон буолан баран…
Киэһээҥҥи бырааһынньыктааҕы остуол хаһааҥҥытааҕар да курус курдук этэ. Эдэрдэргэ Сардаана бэйэтин кэҥэс хоһун анаабыттара. Марина Тимофеевна күнү күннүктээн үлэтигэр сылдьар буолта. Артур Иванович улахан тэрилтэ дириэктэрин солбуйааччыта буолан, дьиэҕэ олох көстүбэт этэ. Онон Сардаана кэргэнин кытта күнү быһа дьиэҕэ олороллоро. Уолаттар оскуола кэннэ дьарыкка сылдьан киэһэ хойут кэлэллэрэ. Марина толкуйдаан баран, хайаатар даҕаны кыра да буоллар кыыс иһэ улаата илигинэ уруу тэрийэргэ санаммыта. Ити санаатын бииргэ үлэлиир дьүөгэтигэр Айталинаҕа кэпсээбитэ. Айталина номнуо хас да урууну тэрийбит дьоһун дьахтар, ханна үчүгэй менюлааҕын, сырдык саалалааҕын сүбэлээбитэ. Аҕа киһи Артур уол дьонугар эрийэн көрсө-билсэ кэлэллэригэр ыҥырбыта. Эт лахса кыра уҥуохтаах, соччо улахан быһаарыыта суох көрүҥнээх сырдык дьахтар уһун суптугур эр киһини кытта кэлэн хоноһолообуттара үһүс хонуктара. Тыа сириттэн кэлбит дьон диэтэххэ, саҥа аймахтарыгар биир ытыс отону, кырбас эти аҕалбатахтар этэ. Хата, ол оннугар дьахтар күнү быһа маҕаһыын кэрийэн сыбаайбаҕа кэтэр былааччыйатын, бүрүчүөскэтин бэлэмнэммитэ. Уруу харчытын лоп курдук аҥаардаспыттара. Куорат биир биллэр-көстөр рестораныгар урууну тэрийиэхтээхтэрэ. Уруу иннинээҕи киэһэ Мариналаах Артур сүбэлэһэн баран, остуолга олорон күтүөтү үлэлэтэр туһунан кэпсэтиини таһаарбыттара. Онуоха уол ийэтэ: “Саша мин көрдөхпүнэ олус илистибит көрүҥнээх. Дойдутугар тахсан сыбаайба кэннэ сынньаныа этэ” диэн соһуппута.
— Онто суох манна курорт кэриэтэ олорор ээ оҕоҥ, — диэн Марина хатыылаах соҕустук саҥарбытыгар анараа дьахтар:
— Чэ, буоллун даҕаны, манна куорат таас дьиэтигэр соччо киһи сынньаммат усулуобуйата, биһиэхэ Ньурбаҕа….” диэн кэпсээн унаарытан барбыта. Мариналаах Артур ити курдук кэпсэтээри гыммыттара сатамматаҕа. Сатаан тапсан кэпсэппэтэх төрөппүттэр уруу эрэ күнүн күүтэллэрэ. Хайдах эмит сыбаайбаны саба туттарбыт бу аймахтары кытта ачаах маһыныы арахсабыт диэн санаалаах Марина сылдьыбыта.
— Ийээ, фатабын өссө көннөрүүй… Сардаана куба курдук буолан сиэркилэ иннигэр турбута. Арай кэннигэр ким эрэ: “Сардаана, ыксаама, тохтоорууй” диир курдуга. Кыысчаан кэннин хайыһан көрбүтэ, ийэтэ ороҥҥо олорон кыыһын букетын бэрийэрэ. Ким ыҥырдаҕай… Мин ама ыксаан ыал буолан эрэбин дуо? Уон аҕыс сааспар… Саша дьиҥнээхтии таптыыра буолуо дуу… Ыал буолаары сылдьар, субу кэргэн тахсаары турар кыыс саарбахтыыр санааларыттан оннооҕор бэйэтэ соһуйбута. Тоҕо маннык санаатым. Тоҕо академ ылан кэлбитим буолла… Дьүөгэлэрим ыксаама дии сатаабыттара. Тоҕо кими да истибэтэҕим буолла…
Ол киэһэ Сардаана кыргыттарын кытта театрга сылдьан баран метрога тахсаары турдахтарына, Саша уолаттары кытта тиийэн кэлбитэ. Кини Сардаананы рестораҥҥа ыҥырбыта. Куруук харчылаах, элбэх саҥалаах-иҥэлээх кыраһыабай уол тула ыччат мустара. Сардаана санаатыгар уолу үгүс кыыс сэҥээрэ. Ымсыыра көрөр курдуга. Оттон Саша Сардаана таһыттан арахпат этэ. Кини күнү-күннээн Сардаананы батыһа сылдьар буолта. “Эн үөрэммэккин дуо?”, — диэн кыыс ыйыттаҕына, күлэн эрэ кэбиһэрэ. Устунан кыыс уопсайыттан тахсан Сашалыын бииргэ олорор буолбута. Улахан истиҥ кэпсэтии бу санаатахха, суох эбит. “Сардаана мин эйигин таптыыбын” диэн сибэкки дьөрбөтүн тутан туран тапталыгар билиммитэ. Ол кэннэ бастакы уураһыы, киинэҕэ сылдьыы. Сиэттиһэн баран Москва устун күүлэйдээһин. Хаартыскаларын барытын “Инстаграмҥа”, “В контакте” сайтарга таһааран элбэх лайк хомуйара. “Вы самая красивая пара” диэн доҕотторо хайҕаан суруйалларыгар бүк итэҕэйбиттэрэ. Хас ханна аһаабыттарын, сылдьыбыттарын отчуоттуур түннүктэрэ төлөпүөннэрэ этэ. Дьиҥ аһаҕас кэпсэтиини кыыс улаханнык суохтаабат этэ. Арай биирдэ Сардаана оскуолаҕа бииргэ үөрэммит уолун Германы кытта аргыстаһан үөрэҕиттэн тахсан истэҕинэ, Саша ойон кэлэн уолу сыҥаахха биэрбитэ. Сардаана соһуйан, Сашатын илиитигэр иилистэ түспүтэ. Онуоха уол кыыһы илгэн кэбиспитэ да уол уолугар түспүтэ. Ол түгэни санаатаҕына, Сардаана сүрэҕэ ыалдьар. Арахсар эбиппин диэн санааттан кыргыттарыгар төттөрү кэлбитэ. Хас да хонон баран ыйдааҕыта кэлбэтэҕэр бэрэбиэркэллэммитэ, оҕо күүтэр этэ. Саша биллэн турар, кэлэн Герман иннигэр бырастыы гыннарбыта. Күнүүлээн охсубутун билиммитэ. Сардаана сааһыгар итинник быһыыны көрбөтөх буолан, иһигэр Сашаттан куттана санаабыта. Ол эрээри, аны соҕотох ийэ буолан хааларыттан эмиэ да куттанара. Икки куттал икки ардыгар соҕотох хаалбыт курдуга. Саша таптыыбын дии-дии сибэккилээх кэлэрэ. Оҕо күүтэрин билиммитигэр олус үөрбүтэ. Тута академ ыларыгар сүбэлээбитэ. Дьиэтиттэн тэйэн, ийэтин-аҕатын суохтуу сылдьар кыысчааҥҥа Саша саҕа чугас киһи суох курдуга. Ол да иһин улахан быһаарыныы ылынан, үөрэҕэр академ ылаат, төрөөбүт куоратыгар төннөн кэллэҕэ…
Ыраах санааҕа ылларан турар кыыска ийэтин саҥата: “Сардаана, массыына кэллэ, бардыбыт” диэн уһугуннарбыта. Кыысчаан кылбаа маҥан былааччыйатын субуруппутунан, сонун бүрүнээт, ийэтин кытта дьэрэкээн саарыктарынан, лиэнтэнэн киэргэтиллибит массыына таһыгар турар маҥан көстүүмнээх Сашатыгар утары хаампыта…
Марина Тимофеевна бу күн тоҕо эрэ үөрүүттэн, дьолтон буолбакка, оҕом туох ханнык киһиэхэ эргэ барда буолла диэн сүрэҕэ ытырбахтаан, долгуйбута. Эдэрдэр массыынанан күүлэйдии барбыттара. Марина кэргэнин Артуры кытта бэйэлэрин массыыналарынан рестораҥҥа кэлбиттэрэ. Уол ийэтэ аах тоҥуй соҕус дьон буолан, улахан кэскиллээх кэпсэтии тахсыбатаҕа. Марина оҕотун сыбаайбатын маннык суһаллык, ыксалынан оҥоруон баҕарбат этэ. Олох эн баҕарбытыҥ курдук салаллыбат эбит. Дьахтар дьылҕата кыһаннаҕына дьэ, уустугурар эбит. Ама да Марина бэйэтэ холку, дьоллоох олоҕу олорбутун иһин, тоҕо кини кыыһа ити уолга эргэ барбыта буолла. Дьиҥ ыраас таптал баара дуу суоҕа дуу, диэн сыбаайба да кэннэ кэтэнэ, хайдах эрэ иһигэр сэрэнэ сылдьыбыта. Сэрэйбит сэрэх. Биир үтүө күн Марина Тимофеевна төбөтө ыалдьан үлэтиттэн эрдэ кэлбитэ. Уолаттара оскуолаттан кэлэ илик этилэрэ. Кэргэнэ үлэтигэр. Кыыһын аах хосторугар ар-бур дэсиһии иһиллэрин дьиктиргии санаабыта. Ама, саҥа ыал буолбут дьон туохтарын былдьаһан иирсэр буоллахтарай диэн санаан аһарбыта. Эмискэ улахан тыас иһиллибитэ. Ону кытта кыыс сарылаабытынан хостон сүүрэн тахсыбыта. Ийэ киһи соһуйан саала иннигэр турдаҕына, Сардаана кэлэн ийэтин кэннигэр сөрүөстүбүтэ. Кыыс кэнниттэн бабыгыраабытынан, сутуругун туппутунан күтүөт уол Саша ойон кэлэн иһэн, Марина Тимофеевнаны көрөн тохтоон хаалбыта.
— Хайа, бу туох буоллугут. Саҥа сыбаайбалаат сутуругунан биэртэлиир буоллуҥ дуо?,- диэн күтүөтүн өтөрү-батары көрөн туран саҥарбыта.
— Оттон бэйэтэ кыҥкыйдыыр, үөннүрэр буотта. Киһи тэлэбиисэр көрө сыттаҕына…
Оттон кыыс буоллаҕына, ытаан сыҥсыйа-сыҥсыйа ийэтин кууһан турбута. Марина Тимофеевна ол күнтэн санаата барыта Сардааната этэ. Үлэтиттэн эрдэ бүтэн кэлэргэ дьулуһара. Холку, нуурал олоҕо ыһыллыбыта. Күтүөт буолуохсут үлэлээбэккэ, бэлэми аһыы-аһыы тэлэбиисэр иннигэр сытара. Сардааналыын этиһэллэрэ элбээбитэ. Ити быһылааны Марина кэргэниттэн Сардаана көрдөһүүтүнэн кистээбитэ. Төһө да иһигэр күтүөтүн абааһы көрдөр, хайыыр да кыаҕа суоҕа. Сардааналаах Саша сыһыаннара улам алдьанан, Саша дьиэҕэ хоммот буолбута. Оннооҕор арыгы иһэн баран кэлэр буолбута. Биир улахан айдаан кэнниттэн Артур Иванович күтүөтүн үүрбүтэ. Ол маннык этэ. Артур Иванович хаһыат ааҕа саалаҕа олордоҕуна, кыыһа сарылаабытынан эмиэ хостон куоппута. Бу сырыыга сирэйин саба туттан ытыы-ытыы ийэтин аах хосторугар куоппута. Артур Иванович ойон тураат саҥата-иҥэтэ суох кыыһы кырбаары эккирэтэн тахсыбыт Сашаны уолугттан харбаабыта да таһырдьа анньыбыта. Онуоха аны Сардаана аҕатыгар саба түһэн: “Тоҕо үүрдүҥ, тоҕо үүрдүҥ?” дии –дии ытаабыта. Сардаана сирэйэ көҕөрбүт этэ. Ийэлэрэ кэлэн бүтэһиктээх туочуканы туруорбута. Эдэрдэри араарбыттара.
Ол түмүгэр Сардаана билигин Москваҕа үөрэнэр. Оттон кырачаан Валерияны эбэ, эһэ иитэллэр. Марина Тимофеевна сиэнин көрөр буолан үлэтиттэн тохтообута. Төһө да төрөппүт оҕотун дьылҕатын көмүскүү-харыстыы сатаабытын иннигэр, хас биирдии киһи олоҕун олуга ураты эбит.
Дьахтар сиэнин утутан баран сөбүлүүр сурунаалын ааҕа сыттаҕына, суотабайын тыаһа өрө тырылыы түспүтэ. Оҕо уһуктуо диэн сүр ыксалынан: “Алло” диэбитэ.
— Оҕобун көрүөм этэ. – диэн урукку күтүөтүн Саша куолаһа иһиллибитэ. Марина Тимофеевна тугу этиэн билбэккэ, саҥата суох олорбута…
Олунньу 1 күнэ. 2016 сыл, Дьокуускай.
Ульяна ЗАХАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска — интэриниэттэн.