Москва суруйааччылара Саха сиригэр ыалдьыттаатылар

19.11.2019
Бөлөххө киир:

«Курск 43» диэн кинигэҕэ Сахабыт сирэ сырдатыллыа. Сэтинньи саҥата  Дьокуускай куорат Национальнай бибилэтиэкэтигэр дьоһун көрсүһүү буолла. Арассыыйа таһымнаах суруйааччылар бэйиэт, историк идэлээх,  маршаллар Рокоссовскай, Жуков туһунан айымньылары суруйбут Сергей Михеенков уонна прозаик, кибернетик идэлээх суруйааччы Игорь Шумейко ыалдьыттаатылар. Тэрээһини иилээн-саҕалаан Сахабыт сирин бөдөҥ суруйааччыта, П.А.Ойуунускай аатынан литературнай мусуой дириэктэрэ Николай Лугинов ыытта. Суруйааччылартан Николай Винокуров-Урсун, Степан Сивцев-Хамалҕа, Елена Слепцова — Куорсуннаах, Гаврил Андросов, Данил Макеев, ону сэргэ, биллэр көстөр учуонайдар Зоя, Прокопий Башариннар, Афанасий Мигалкин о.д.а кыттыыны ыллылар. Сергей Михеенков уонна Игорь Шумейко бэйэлэрин айар үлэлэрин туһунан сырдаттылар.

edersaas.ru

Чукотка ахтылҕана

Сергей Михеенков уонна Игорь Шумейко бэйэлэрин айар үлэлэрин туһунан сырдаттылар.  “Чукоткаҕа аармыйаҕа сулууспалыы сырыттахпына, буурҕа түспүтэ. Биһиги сылаас сиртэн кэлбит саллааттар тоҥобут-хатабыт. Арай ол күн сулууспатын болдьоҕо бүтэн дойдулаары сылдьар саллаат эттэ: “ Чукотка тымныытын, буурҕатын дойдугутугар тиийэн суохтуоххут, ахтыаххыт. Тымныы дойду тардылыктаах, — диэн биир тылынан эппитигэр, оччолорго эдэрим, оҕом бэрт буолан күлэн кэбиспитим”, —   диэн Сергей Михеенков кэпсээнин саҕалаата. – Чахчы, сааһыран, олох олорон истэҕим ахсын, Чукоткабар ахтылҕаным күүһүрэн, түүлбэр киирэрэ элбээн барбыта. Саха сирэ барахсан эмиэ ол курдук тардылыктаах эбит.

Тымныы аргыйар уһун кыһыннаах үтүө да дойдуга олороҕут. Онтон сиэттэрэн эбитэ дуу, Семен Дежнев олоҕун анааран, ырытан, үлэлэһэн барбытым. Абакаяданы кэргэн тоҕо ылбытын онно дьэ, өйдөөбүтүм. Онон Семен Дежнев сахаларга бастакы нуучча күтүөтэ буолар”, — диэн этэн,  нуучча норуотун кытта саха омуга ыкса, быстыспат ситимнээхтэрин холобурдаата.

“Билигин «Курск 43» диэн үлэни бэлэмнии сылдьабын. Ол үлэм биир баһын Саха сиригэр аныахпын баҕарабын. Хайаатар даҕаны, Иван Кульбертинов туһунан сырдатар санаалаахпын. Сахалар, эһиги маладьыастаргыт, бэйэҕит дьоруойдаргыт туһунан элбэх кинигэни суруйан, бэчээттээн үйэтиттигит. Мин Иван Кульбертинов туһунан матырыйаал хомуйарбар, ол үлэлэр көмө буолалларыгар саарбахтаабаппын”.

Валентин Распутин итэҕэйэр, эрэнэр киһитэ этэ

Кибернетик идэлээх Игорь Шумейко Сахабыт сиригэр хаһыс да сырыыта. Кини туһунан саалаҕа мустубут дьоҥҥо, чуолаан усту­дьуоннарга норуодунай суруйааччы Николай Лугинов маннык билиһиннэрдэ: “Арассыыйа бөдөҥ суруйааччыта Валентин Распутин тыыннааҕар саамай итэҕэйэр уонна эрэнэр киһитэ Игорь Шумейко  этэ”. Ити биир этиинэн билиһиннэриитэ Игорь Шумейко туһунан элбэҕи этэр. Валентин Распутин туһунан билбэт, кини айымньыларын аахпатах олох аҕыйах буолуо. Оттон Игорь Шумейко бэйэтин суруйууларын, олоҕу анаарыытын туһунан үгүһү кэпсээтэ. Ол курдук, Нуучча сиригэр аан бастаан монгол-татаардар кэлиилэриттэн саҕалаан, устуоруйа чахчыларыгар олоҕурар кэпсээнин ордук устудьуон аймах сэргээтэ.

Айар эйгэ ситимэ

Историк идэлээх Афанасий Мигалкин Уус Алдан улууһун төрдө буолбут  Лөгөй тойон туһунан архыыптан көстүбүт чахчылары сырдатта. Онно сурулларынан, нуучча норуотун кытта чугасаһыыга көмөтүн, сүҥкэн үлэтин иһин уонна дьаһаах хомуйуутугар күргүөмнээх үлэтин иһин үрдүк аттестационнай наҕарааданан бэлиэтэммит эбит. Кини сиэнэ Абакаяда Семен Дежневка кэргэн тахсан, бастакы нуучча күтүөтү аҕалбытын туһунан устуоруйа дааннайдарыгар олоҕуран кэпсээтэ.

“Улуу дьон оҕолоро интеллектуальнай эйгэни уонна норуоту ситимнииллэр”, — диэн Николай Лугинов мустубут ыччакка туһаайан эттэ. “Бу мин утары Ойуунускай сиэн балта Куорсуннаах олорор, аҕыйах хонуктааҕыта улуу киһи Авксентий Мординов сиэнэ биһигини  биэрии оҥороругар хаамыраҕа устубута. Эһиги кэккэҕитигэр эмиэ биллэр-көстөр дьон сы­­дьааннара баар буолуохтарын сөп. Бэйэлэрин кэмнэригэр олус ыараханнык олорбут улуу дьоммутун кытта быстыспат, көстүбэт ситими ол сыдьаан үөскэтэр. Манна мустубут ыччат мээнэҕэ кэлбэтэх буо­луохтааххыт, эһигини туох эрэ интэриэһиргэтэн манна аҕаллаҕа…”, — диэн эрэммиттии этиитэ улахан суолталаах. Чахчы, ким эрэ сиэнэ, балта, быраата, аймаҕа диэн өйдөбүл сахаларга былыр-былыргыттан баар. Айар, интеллектуальнай эйгэ ситимэ быстыбатын.

Кистэлэҥ эбийиэктэри  уруһуйдуура

Сааһын тухары устудьуоннарга билиитин иҥэрбит учуонай Зоя Башарина буойун бэйиэт Тимофей Сметанин туһунан сырдатыыта үгүс сэҥээриини ылла. Мэктиэтигэр устудьуон аймах чөрбөҥнөһө түстэ. 1942 сыллаахха уоттаах сэриигэ ыҥырыллыбыт Тимофей Сметанины, үчүгэй уруһуйдьутун иһин, сэрии сылларыгар кистэлэҥ эбийиэктэри уруһуйдата элбэхтэ разведкаҕа ыыталлар эбит.  Афанасий Осиповтыын устудьуоннуур сылларыгар билсэр буолан, кини туһунан улахан худуоһунньук маннык эппиттээх: “Тимофей Сметанин талааннаах уруһуйдьут этэ, атын идэни талан, худуоһунньук идэтин баһылаабатаҕа”.

Төһө да искусство эйгэтигэр үлэлээбэтэҕин иһин, бэйиэт буолар сырдык талаана сэрии толоонугар арыллыбыта. «Босхоломмут дэ­­риэбинэ», «Хааннаах хара баттах» курдук сэрии тиэмэтигэр анаммыт хоһооннорун билигин даҕаны уйадыйа ааҕабыт. Кистэлэҥ эбийиэктэри уруһуйдуур кэмиттэн саҕалаан, «Егор Чээрин» айымньытын суруйбута.

«Өрүс устун айаннаабыт тууйастаах арыы”

Елена Слепцова-Куорсуннаах санаатын  үллэстэн, Арассыыйа таһымнаах суруйааччылары кытта көрсүһүүгэ устудьуон аймах, ыччат хото мустубутун бэлиэтээтэ: “Улахан суруйааччылар манна кэпсээбит сорох тиэмэлэрин  ыччат өйдөөбөтөх түгэнэ баар буо­луон сөп. Ол эрээри, эһиги манна кэлэн, Арассыыйа суруйааччыларын кытта көрсөн, кинилэр ааттарын да өйдөөн хааллаххытына, ол улахан туһа буолуоҕа”, —  диэн этиитин саҕалаата.

Куорсуннаах кэп­сээнэ мустубут ыччакка сэрии сыллары­нааҕы фронтовик суруйааччыларын тустарынан, холобур, суруйааччы Сэмэн Тумат,   Дьуон Дьаҥылы туу­йастаах арыытын сэриигэ барарыгар өйүөлэммитин уонна ол үтэтин сиэн  баран туу­йаһыгар сурук суруйан ыыппыта өрүс устун устан дойдутун дьонугар тиийбитин туһунан суруйбутун, онтон да араас түгэннэри кэпсээтэ. Мантан сиэттэрэн кини, биллиилээх дьон сырдык олоҕун сырдатыыга суру­йааччылар ахтыылара туһалааҕын ыйда уонна тута, маршаллар, дьоруойдар тустарынан киинэ усталларыгар, бу киһи тус олоҕун сорох өрүттэрин сиһилии көрдөрөрү ахсарбатын бэлиэтээтэ. Дьоруой буоллун, маршал буоллун, но­­руокка хайдах өйдөбүллээҕинэн киинэ уһуллуохтаах диэн санаатын үллэһиннэ.

Суруйааччы олоҕо эмиэ туспа айымньы. Сахабыт сирин, Арассыыйа суруйааччыларын айымньыларын эрэ буолбакка, кинилэр тус олохторун, көрдөөх, дьоллоох түгэннэрин билии ­туохха да тэҥнэспэт сүҥкэн билии  кылаата буолар. Киһи олох олорорун тухары билии эбинэр, сайдар таһымын үрдэтэргэ дьулуһар. Ол да иһин маннык сырдык эйгэлээх тэрээһиннэр ыытыллар ­буоллахтара.

Ульяна ЗАХАРОВА, edersaas.ru

Ойуур Уйбаан хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0