Саха сиригэр кутун туттарбыт Москва бэйиэтэ Алексей Полубота кэллэ

19.10.2017
Бөлөххө киир:

Норуоттар икки ардыларынааҕы «Үрүҥ хаар алгыһа» поэзия бэстибээлэ Саха сиригэр 2012 сылтан төрдүс төгүлүн ыытыллар. Быйыл Словенияттан, Азербайджантан, Татарстантан, Москваттан ыалдьыттар кэлэллэр. Кинилэр айымньыларын билиһиннэрэр сыаллаах бэчээттиибит.

Алексей Полубота (Москва)

Алексей Викторович Полубота 1975 сыллаахха Мурманскай куоракка төрөөбүтэ. 2000 сыллаахха Москваҕа А.М. Горькай аатынан Литературнай институту бүтэрбитэ. Мурманскайдааҕы балык пордугар, Москватааҕы социальнай-культурнай программалар институттарыгар, “Труд” уонна “Литературная газета” хаһыаттарга үлэлээбитэ. Билигин “Свободная пресса” интернет таһаарыы обозревателэ. Москва таһыгар баар Реутов куоракка олорор. Кэргэннээх, үс оҕолоох.

2000 сылтан Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Поэт, публицист. Баёв-Подстаницкай аатынан Мурманскай уобалас күбүрүнээтэрин поэзияҕа бириэмийэтин лауреата (2001), 5-с Москватааҕы “Кыһыл көмүс бөрүө” норуоттар икки ардыларынааҕы поэзия куонкуруһун дипломана (2008), “Литературная Россия” хаһыат (2012), “Литературная Балтика” норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурус лауреаттара (2016).

“Словороссия” кулууп хос бэрэссэдээтэлэ, поэт Н.И. Тряпкин литературнай нэһилиэстибэтигэр хамыыһыйа эппиэттиир сэкирэтээрэ, Николай Тряпкин аатынан Бүтүн Россиятааҕы “Неизбывный вертоград” поэзия фестивалын тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ, Донбасска анаммыт литературнай-гуманитарнай акциялары тэрийээччи.

***

Куппун туппут, сүрэх таптаабыт,

Сахам сирэ, көрсүөххэ диэри.

Чугдаар, дуорай, уста тур,

Күҥҥүн-дьылгын тиһэ-тиһэ.

Бэс чагдаҥ өрүүтүн санаттын

Поэттар айбыт хоһооннорун:

Халлааннаах соҕотох буолбатын,

Одуулуур күндүтүн туһунан.

Өссө кымыһынан туймаардар

Айыы тыыннаах сайын туһунан…

Көрсүөххэ диэри, Сахам сирэ,

Санаа сырдыыр ытык дойдута!

Дьоммор

Күлүк түспэт, кир сыстыбат

Сырдык, ыраас хаар ньуура.

Сүүрэн иһэр табалардыы

Үөр былыт нухарыйар.

Оҕо сааһым ахтылҕана!

Ирбэт ньуурдаах хоту сирим,

Ыт үрэрин түһээн көрөр

Үгүс күөллээх дойдукам!

Ыркый талах хаартан быгар,

Сымара таас аҕамсыйан,

Күнү-тыалы аахсыбакка

Аман өһүн омолуйар.

(Арчы Уолун тылбаастара).

Бэлэмнээтэ Ангелина Васильева.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0