Москваҕа Уһук Илин күннэрэ ыытыллыаҕа

Бөлөххө киир:

Ахсынньы  3 – 15 күннэригэр Москваҕа  номнуо үгэскэ кубулуйан эрэр Уһук Илин эрэгийиэннэрин  күннэрэ ыытыллыахтара. Федеральнай таһымнаах бырайыак чэрчитинэн, дойду тэбэр сүрэҕэр  култуурунай тэрээһиннэр, быыстапкалар, дьыалабыай көрсүһүүлэр буолаллара күүтүллэр.

edersaas.ru

Тэрээһиннэр куорат араас была­һааккатынан барыахтара. Ахсынньы 3 – 9 күннэригэр Тверской болуоссакка «Уһук Илиҥҥи дьаарбаҥкаҕа» түөрт хайысханан бэйэбит өрөспүүбүлүкэбитин билиһиннэриэхпит. Манна култуурунай бырагыраамалар, саха төрүт аһын-үөлүн быыстапката, маастар-кылаастар уонна да атын тэрээһиннэр ыытыллыахтара.  Оттон ахсынньы 13 – 15 күннэригэр «Экспокииҥҥэ» «Уһук Илин бэстибээлэ» тэриллиэхтээх.

Бу бэлиэ күннэргэ бэлэмнэниигэ  туһуламмыт  сүбэ-мунньахха СӨ премьер-миниистирэ Владимир Солодов, ахсынньы 12 күнүгэр СӨ Бастайааннай бэрэстэ­биитэлистибэтигэр «Инвестируй в Якутию!» диэн дьыалабыай көрсүһүү, оттон ахсынньы  14 күнүгэр  РФ Бырамыысыланнаһын уонна атыытын-эргиэнин министиэристибэтигэр  «Экспортный потенциал Республики Саха (Якутия)» диэн кэпсэтии барыахтааҕын иһитиннэрдэ.

Маны таһынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ  Арассыыйа улахан тэрилтэлэрин, үөрэх кыһаларын кытары бииргэ үлэлээһиҥҥэ сөбүлэһии түһэрсиэҕэ.

Күннэри көрсө, бу ый саҕаланыыта Москва метрополитеныгар “Уһук Илиҥҥи экспресс” диэн сүрэхтэммит пуойас линияҕа номнуо тахсыбыта.  Манна сэттис вагон Саха сирин аатын сүгэр. Саха сирин Бастайааннай бэрэстэбиитэлин бастакы солбуйааччы Александр Сафронов, ахсынньы 3 күнүгэр аһыллыахтаах «Уһук Илиҥҥи экспресс» Москва ыалдьыттарын болҕомтотун тардыа диэн иһитиннэрдэ.

Москваҕа Уһук Илин күннэрин иитинэн ыытыллар пресс-кэмпириэнсийэлэр ССТА дьиэтигэр ыытыллыахтара. Онно Ил Дархан Айсен Николаев, РФ Уһук Илини сайыннарыыга миниистирин солбуйааччы Павел Волков, Москва куорат Атыыга-эргиэҥҥэ уонна өҥөнү оҥорууга департаменын салайааччы Алексей Немерюк кытталлара былааннанар.

Уһук Илин сайдыытыгар кэлиҥҥи сылларга федерация өттүттэн болҕомто күүһүрдэ. Экэниэмикэ бары салааларын сайыннарыыны сэргэ, демография, дьону олохсутуу боппуруостара инники күөҥҥэ сылдьаллар. Уһук Илин эрэгийиэннэрин сайыннарыы министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, кэлиҥҥи сылларга биһиэхэ уонна ыаллыы сытар субъектарга үлэ­лиэн баҕалаах киһи ахсаана эбиллэн иһэр. Онуоха бу эрэгийиэннэргэ  тэриллибит урутаан сайдар сирдэр улахан оруолу ылаллара биллэр.

Анивера Акимова, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0