Москваҕа — Саха сирин күннэрэ

Бөлөххө киир:

Москваҕа Саха сирин күннэрин бэлиэтээһин бастакы түһүмэҕэ номнуо саҕаланна. Быйылгы күннэр Саха сирэ Арассыыйа судаарыстыбатыгар холбоспута 385, Саха АССР тэриллибитэ 95 уонна конституция ылыныллыбыта 25 сылларыгар ананар.

edersaas.ru

Сэтинньи 3 күнүгэр Ил Дархан Егор Борисов Кириэмилгэ Биллибэт саллаат уҥуоҕар сибэкки дьөрбөтүн уурда.

Бу тэрээһиҥҥэ СӨ уонна Москва куорат бырабыыталыстыбатын бэрэстэбиитэллэрэ, Москваҕа олорор бэтэрээннэр, биир дойдулаахтарбыт кыттыыны ыллылар.


Мустубут дьоҥҥо: «Москваҕа Саха сирин күннэрэ үгэс быһыытынан Биллибэт саллаат уҥуоҕар сибэкки дьөрбөтүн ууруунан саҕаланар. Эйэлээх олох, кыайыы иһин олохторун уурбут сэрии кыттыылаахтарыгар дириҥ ытыктабылбытын биллэрэбит» — диэн Егор Афанасьевич этэн туран Саха сирин күннэрин чэрчитинэн ыытыллар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥырда.
Күннэр сүрүн тэрээһиннэрэ ахсынньыга ыытыллыахтаах.
Бүгүн Кириэмиллээҕи Успенскай Собуорга аан бастакытын сахалыы тылынан таҥара сулууспата ыытыллыаҕа.

 

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0