Москваҕа үөрэнэр саха устудьуоннара сериал уһуллулар

Бөлөххө киир:

«Мэлдьи эдэрбин» диэн ааттаах сериалы Москва куоракка үөрэнэр саха устудьуоннара устан саҕалаатылар. «Уот» диэн айар бөлөх тэринэн, номнуо бастакы-иккис сиэрийэни устан, үһүстэригэр үлэлии сылдьаллар.

3

Интернет ситиминэн сериал режиссерынаан Туйаара Копыловалыын кэпсэттибит: «Сериалбытыгар алта сүрүн оруол баар. Москваҕа үөрэнэ кэлбит саха устудьуоннарын олохторун, үөрэхтэрин, бэйэ-бэйэлэрин сыһыаннарын туһунан сериал. Үөрэхпит быыһыгар мустан устабыт, урут киммит даҕаны киинэ эйгэтигэр үлэлээбэтэх дьон буоламмыт ыарахаттар бааллар», – диэн суруйар.

«Мэлдьи эдэрбин» сериалы Интернет ситимигэр «Вконтакте» саайтка бөлөххө көрүөххэ сөп.

Айтана АММОСОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0