Москваҕа үөрэммит быраастар тугу кэпсээтилэр?
Бүгүн “Талбан” биэриигэ Москваҕа баран ковиды эмтииргэ үөрэммит — Дьокуускайдааҕы килиниичэскэй балыыһа реаниматолог-бырааһа Анна Дамакуш уонна Мэҥэ Хаҥалас киин балыыһатын терапевт бырааһа Юлия Кулаковская кытыннылар. Быраастар этэллэринэн, кинилэр Москваҕа сэтинньи 16-22 күннэригэр түөрт килиниичэскэй балыыһаҕа сылдьан эмтииргэ үөрэммиттэр. Ол курдук, быстах госпиталь курдук оҥоһуллубут Крылатскайдааҕы балыыһаҕа, онтон Склифосовскай килииникэтигэр, салгыы — Коммунаркаҕа.
Кинилэр Москваҕа уонна дойду үрдүнэн эмтиир базиснай терапия биирин бэлиэтииллэр. Саха сириттэн барбыт эмчиттэри теорияҕа да үөрэппиттэр, ыарыһах балыыһаҕа хайдах киирэр маршрутун көрдөрбүттэр, эмтээһин практикатыгар кытыннарбыттар.
“Талбан” биэриитигэр эмчиттэр ыйытыыларга иккиэн көхтөөхтүк хоруйдаатылар.
— Юлия, Майаҕа коронавирус дьаҥын хайдах эмтииллэрий?
— Мэҥэ Хаҥалас улууһа 31000 кэриҥэ нэһилиэнньэлээх. Онно үс инфекционнай балыыһалаахпыт (100 куойкалаах), ПЦР анаалыһын Майаҕа оҥоробут. Мэҥэ Хаҥаласка уопсайа 2360 киһи ыарыйда.
— Улахан куораттарга иккистээн ыалдьыы бэлиэтэнэр эбит дуо?
— Үтүөрэн баран иккистээн ыалдьыы аҕыйах түгэнэ тахсыбыт.
— ПЦР анаалыһын улахан куораттарга хайдах ылаллар эбитий?
— Москваҕа ПЦР анаалыһын ылан, 1 күн иһигэр, 4 чаас иһинэн түмүгэ биллэр эбит. Склифосовскай киинин лабораторията күҥҥэ 10000 ПЦР оҥорон, бастакы миэстэҕэ иһэр.
— Атын эрэгийиэннэр эмиэ кэлэн үөрэннилэр дуо?
— Биһигини бастакыгыт диэбитэ, Москва куораттан кураторбыт.
— Улуустарга Путин эппит босхо эмтэрин хаһан тарҕаталларый?
— Майаҕа босхо эмтэри амбулаторно эмтэнээччилэргэ биэрэллэр.
— Ремантадин диэн эмп ковиды эмтииргэ туттуллар дуо?
— Көннөрү ОРВИ-га ананыан сөп.
— Москваҕа 4 эрэ балыыһа ковиды эмтиир дуо?
— Биһиги бу түөрт сүрүн балыыһаҕа сылдьан үөрэммиппит.
— Ковидка хаптарыы ыарыһах омугуттан тутулуктаах дуо?
— Биһиги дьоммут ыараханнык аһарар курдуктар. Кавказ омуктарын эмиэ инньэ дииллэр. Чинчийии оҥороллор ини дии саныыбыт.
Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова
Хаартыска: интэриниэттэн