Москваҕа — Пушкин хоһоонун ааҕа!

06.06.2017
Бөлөххө киир:

Бүгүн – улуу бэйиэт Александр Пушкин төрөөбүт күнэ уонна Нуучча тылын күнэ!

Бэс ыйын 3-6 күннэригэр Москваҕа ыытылла турар “Кыһыл болуоссат” Бүтүн Россиятааҕы кинигэ бэстибээлин бастакы күнүн биир саамай суолталаах, чаҕылхай уонна киэҥ далааһыннаах тэрээһининэн “Россия норуоттарын поэзиятын антологията” дьоһуннаах кинигэ сүрэхтэниитэ уонна презентация кыттыылаахтарын билиһиннэрии буолла.

edersaas.ru


Бу, кэнники отучча сыл иһигэр аан бастаан бэчээттэнэн тахсыбыт  хомуурунньукка Россия 57 тылынан суруйар-айар бэйиэттэр хоһоонноро киирбиттэр. Манна, уопсайа, 700-тэн тахса айымньы нууччалыы тылбаастаах бэриллибит.

Кинигэ сүрэхтэниитигэр Россия 20-тэн тахса регионуттан чулуу бэйиэттэр кэлэннэр, бэйэлэрин омуктарын тылларынан сүрэхтэрэ сөбүлүүр хоһооннорун аахтылар.

Оттон Саха поэзиятын бэстибээлгэ саха норуодунай бэйиэттэрэ Наталья Харлампьева, Иван Мигалкин уонна бэйиэт Наталья Михалева-Сайа билиһиннэрдилэр. Кинилэр хоһоонноорун аахтылар, саҥа антология улахан суолтатын бэлиэтээтилэр.

Наталья Харлампьева, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, саха норуодунай бэйиэтэ:

—Россия 20 араас омугун бэйиэттэрэ дойдубут тэбэр сүрэҕэр – Москваҕа, Кыһыл болуоссакка түмсэммит, улуу нуучча бэйиэтэ Александр Пушкин “Пааматынньыгын…”  бары бэйэбит омукпут тылынан дорҕоонноохтук, киэн тутта аахтыбыт.

Олус үчүгэй бэстибээл буола турар. Бу – литература инники сайдыытыгар туһуламмыт улахан тэрээһин. Манна биһиги саҥа доҕоттордонобут, издателлэри кытта сибээс олохтуубут. Инникитин кинилэр, арааһа, биһиги айымньыларбыт тылбаастарын бэчээттиэхтэрэ турдаҕа.

Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0