Кэлиҥҥи сылларга дойду киин куораттарыгар саха ыччаттара бэйэлэрин олохторун булунан, кэскиллээх дьыаланы тэринэн, Саха сирин дорҕоонноохтук ааттаталлар.
edersaas.ru
Хаҥалас Покровскайыттан төрүттээх эдэр урбаанньыт Марина Абраменко Москваҕа олохсуйбута 15 сыл буолла. Москва курдук улахан мегаполиска саха кыыһа бэйэ дьыалатын тэринэн, төрөөбүт дойдутун дьонугар-сэргэтигэр улахан өйөбүлү оҥоро сылдьарыттан, киһи, кырдьык да, киэн туттар, холобур оҥостор.
Хаҥаластан — Москваҕа
— Москва курдук дойду тэбэр сүрэҕэр туох санааттан гостиница биисинэһигэр ылсар санаа киирбитэй?
— Хаҥалас улууhун Покровскайыттан сылдьабын эрээри, оҕо сааhым аҕам дойдутугар Мэҥэ-Хаҥалас Маттатыгар ааспыта. Онон икки киин улууһунан аймаҕым, доҕорум, билэр дьонум үгүс. Ол дьоммуттан үгүстэрэ Москваҕа чаастатык сылдьааччылар. Кинилэри көрсөн, түһэрэр сир көрдөөһүнүгэр күммүт баранара. Оттон мин уруккуттан баҕарар баҕа санаам – гостиница аһан үлэлэтии этэ. Ол эрээри хайдах биисинэс тэринэри, ол ыалдьыттары көрсөр дьиэни үлэлэтэри олох билбэт буолан, ыарырҕатан, ылса сатаабат этим. Онуоха биирдэ дьоммун көрсөрбөр өрүү бэйэтин массыынатынан өйөбүл буолар нуучча табаарыһым уол өй укпута. Мин бу дьыаланы үөрэтэн көрөөрү саҕалаабытым эрээри, сотору кэминэн ыарырҕаппытым. Онуоха табаарыһым Павел: «Эн барытын саба тута сатаама. Биир хайысханы таба тутус. Тоҕо гостиницаҕар атын эригийиэннэри түһэрэ сатыыгын? Чопчу Саха сирин олохтоохторун эрэ кытта үлэлэс. Дьиҥэр үлэҕин бэркэ саҕалаатыҥ ээ. Мин салгыы көмөлөһүөм», — диэбитэ. Онно кини этиитин истэн, биир хайысханы тутуспутум. Дьон бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэн, кэлэн түһэр буолбуттара. Мин аны биисинэспин хаҥатар аатыгар барбытым. Урал Челябинскайын уола Павел Абраменколыын дьолбутун холбоон, ыал буолбуппут.
Онон олоҕум аргыһыгар, таптыыр кэргэммэр билигин миэхэ уустук кэммэр, биисинэс аартыгар бастакы хардыыбын оҥорорбор өйөбүл буолбутугар муҥура суох махтанабын.
Биэс сылга – биэс ыалдьыт дьиэтэ
— Москва курдук бөдөҥ куоракка биэс сыл устата биэс ыалдьыт түһэр дьиэтин үлэҕэ киллэрдигит. Ити дьиэлэри хантан булаҕытый?
— Куорат тендеригэр кыттабыт. Өрүү биллэриилэри көрөн, интэриэһинэй эбийиэктэри кэтиибит. Атын дьон маннык биисинэһинэн үлэлиир уопуттарын үөрэтэбит. Онон киин сир урбаанньыта утуйан эрэ ылар, күнү быһа тииҥ курдук сүүрэн-көтөн, тохтобула суох үлэлиир.
— Ыалдьыт түһэр дьиэтин аадырыһын туохха олоҕуран талаҕытый?
— Москва саамай хабыллар киинигэр – Кыһыл Болуоссат аттыгар хас да дьиэлээхпит, Тверской, ВДНХ уонна «Чистые пруды» оройуоннарга бааллар. Саха сириттэн сылдьар биһиги биир дойдулаахтарбытыгар киин сир олус табыгастаах. Туох барыта чугас буолан, сатыы сылдьан, куорат киин аатырбыт миэстэтин барытын ыксаабакка, холкутук көрөллөр-истэллэр. Сүрүн сорукпут – саха киһитэ Москваҕа бэйэтин дьиэтин курдук сылдьарын тэрийии.
Биир аан сабылыннаҕына…
— Саха киһитэ Москва курдук мегаполиска бэйэ дьыалатын арыйара туох ыарахаттардааҕый уонна туох үчүгэйдээҕий?
— Биисинэскэ үлэлиир киһи барытыгар бэлэм буолуон наада. Эмискэ аллараа сууллан түһүү да баар, үөһэ күөрэйэн тахсыы да баар. Нууччалыы эттэххэ, кыралаан «авантюризмҥа» киирэн ылар наада. Туохтан да кэтэмэҕэйдээн ылбакка, тохтобула суох инниҥ диэки баран истэххэ эрэ, барыта табыллар. Үчүгэйэ диэн, таба тайаннахха, манна киһи кыаҕын түргэнник туһанар, санаатын олоххо киллэрэр. Биллэн турар, киһи санаата түһэр, ыһыктынан кэбиһэр түгэнэ баар. Холобура, олох да түһээн баттаппакка сырыттахпытына, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ гостиницаны аһыыга сокуон уларыйбыта. Бастаан утаа сүөм түһүү баара. Ол эрээри дьыаланы олохтоохтук үөрэтэн, билэн көрөн бардахха, өрүттэр суол баар. Этэллэрин курдук, ханан эрэ биир «аан сабыллар» буоллаҕына, атын сиргэ хас да «саҥа аан арыллар».
— Бу эһиги курдук атын өрөспүүбүлүкэлэр маннык ыалдьыт түһэр дьиэлэрин тэрийэллэр дуо? Холобур, Тываттан, Хакасияттан, Бурятияттан? Баҕар, уопуккутун атастаһаргыт буолуо?
— Оннук суох. Арай аймахтыы көрөн Тываттан, Бурятияттан дьон биһиэхэ кэлэн түһэллэр. Саха сиригэр олорор билэр дьонноро аадырыспытын биэрбит буолаллар.
— Өрүү кэлэн түһэр килийиэн төһө элбэҕий? Ордук ханнык улуустартан кэлэллэрий?
— Тэриллиэхпититтэн ыла биһигини ааттаан кэлэн түһээччи үгүс. Бэйэ-бэйэбитин билсэр буолан, аймахтар курдук көрсүһэбит.
Араас улуустан барытыттан кэлэллэр: Тикситтэн, Өлөөнтөн, Тааттаттан, Өймөкөөнтөн, Чурапчыттан, Орто Халыматтан, Нерюнгри уонна Мииринэй куораттартан. Ити курдук, аттаатахха, Саха сирин улууһун барытын холобурдуохха сөп.
— Саха сириттэн төрүттээх ыалдьыты түһэрэр дьиэни тэрийбит киһи төһө элбэҕий? Конкуренция күүстээх дуо? Билсэҕит дуо бэйэ-бэйэҕитин?
— Сахалар бааллар эрээри, аҕыйахтар. Сайын киһи элбээтэҕинэ бэйэ-бэйэбитигэр килиэйэннэрбитин атастаһабыт. Онон өйөһө олоробут.
— Ордук ханнык-туох идэлээх дьон кэлэн түһэллэрий?
— Дьиэ кэргэнинэн кэлэллэр. Командировкаҕа кэлээччи үгүс. Эстрада сулустара кэнсиэртии, сынньана баран иһэн элбэхтэ сылдьаллар.
Үөрэнээччилэр, спортсменнар бөлөҕүнэн кэлэллэр. Быһата, биһиги килийиэннэрбит – дойдуларын киэҥ сураҕырда кэлэр Саха сирин бастыҥ дьоно.
Коронавирус сонун идиэйэни «төрөттө»
— Сыстыганнаах дьаҥ – коронавирус пандемията эһиэхэ хайдах дьайда?
— Пандемия саҕаланыан эрэ иннинэ тендэринэн икки ыалдьыт түһэр дьиэтин ылбыппыт. Онон дьаҥ саҕана ол өрөмүөнүгэр сырыттыбыт. Ол кэнниттэн, син эмиэ дойду бары урбаанньыттарын тэҥэ, олохпут тэтимэ тохтоон хаалбыта. Ол да буоллар, санаабытын түһэрбэппит. Хайыахпытый, олох тахсыылаах да, түһүүлээх да. Кэргэмминээн дьиэҕэ олоруу кэмигэр дьоҕус биисинэспитин сайыннарыыга сонун идиэйэни тобуллубут.
«Саха сиригэр оҥоһулунна» диэн бырайыак чэрчитинэн, Москва уонна Санкт-Петербург куораттар устун туристическай маршруттары тэрийэргэ былаанныыбыт. Ол инниттэн аны Санкт-Петербурга ыалдьыт дьиэтин арыйар соруктаахпыт. Саха сиригэр аҥардас ас-үөл, иһит-хомуос, таҥас эрэ оҥоһуллубат буоллаҕа дии. Интеллектуальнай уонна духуобунай табаар эмиэ киирсэр. Оттон туризм – духуобунай баай. Кылаабынайа, биһиги Сахабыт сирин кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиибит, саха дьонугар өйөбүл буолабыт.
… Ити курдук сахалыы толкуйдаах эдэр урбаанньыт Марина Абраменко, төһө да ыраах сырыттар, төрөөбүт дойдутун дьонун өйүү сылдьар.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru