Алтынньы 18 күнүгэр Москваҕа СӨ бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин дьиэтигэр ювелир оҥоһуктарынан дьарыктанар икки биллэр-көстөр фирма: «Уран Саха» (генеральнай дириэктэр Лука Егоров) уонна «Киэргэ» (Александр Павлов) солуон-маҕаһыыннары арыйдылар.
Көмүс киэргэллэри атыылыыр солуоннары аһыы сиэригэр-туомугар СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, РФ Президенин иһинэн СӨ бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин салайааччы Юрий Куприянов, СӨ уопсастыбаннай эргиэн палататын бэрэссэдээтэлэ Владимир Членов, СӨ бастакы президенэ Михаил Николаев кытыннылар.
Кэлбит ыалдьыттары Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Александр Дьячковскай-Саарын сахалыы тойугунан эҕэрдэлээтэ.
Быйыл алтынньыга үбүлүөйүн бэлиэтээбит «Уран Саха» ахсынньы 13-17 күннэригэр Арассыыйа икки ювелирнай дьаарбаҥка-быыстапкатыгар ситиһиилээхтик кытынна. Ол эбэтэр экспо-кииҥҥэ ХХIII «Ладья», ВДНХ-ҕа «Арассыыйа бастыҥ киэргэллэрэ» JUNWEX уонна Москваҕа «Ирбэт тоҥ сылааһа» Саха сирин быыстапкаларыгар Москва олохтоохторо уонна ыалдьыттара сахалыы киэргэллэри олус сэҥээрдилэр уонна атыыластылар.
Онтон «Киэргэ» ювелирнай фирма 2018 с. эмиэ үбүлүөйүн бэлиэтиэ. Ол да иһин, солуон-маҕаһыын бастакы атыылаһааччытыгар саха бриллианын бэлэх уунна.
Мантан инньэ ким баҕалаах кыһыл уонна үрүҥ көмүстэртэн оҥоһуллубут сахалыы киэргэллэри бу солуоннартан атыылаһан, чугас дьонноругар бэлэх оҥорор кыахтаныахтара.
Солуон-маҕаһыыннар аадырыстара: «Красные ворота» метро, Мясницкай проезд, СӨ бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин дьиэтэ.
Юрий Куприянов, Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ:
«Биһиги бэйэбит предпринимателларбытын өйүүбүт. Саха сирин дьиктилээхэй киэргэл оҥоһуктарын Москваҕа уонна тас дойдуларга билиэхтэрин баҕарабыт. Билигин бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэ үгүс ахсааннаах ыалдьыттара уонна Москва олохтоохторо биһиги үгэстэрбитин билсиэхтэрэ. Саха маастардарын көмүс оҥоһуктарын быыстапкаларга эрэ буолбакка, биһиги маҕаһыыммытыгар көрөн атыылаһар буолуохтара».
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru