Моруос оҕонньор уонна Хаарчаана. Кинилэр кимнээхтэрий?

Ааптар: 
06.12.2016
Бөлөххө киир:

Саҥа дьыл бырааһынньык сүрүн өйдөбүлэ тымныы Моруос оҕонньор.  Тоҕо эрэ бу сырдык өйдөбүл оҕо сааһы кытта ыкса ситимнээх. Таайыллыбат таабырын, саҥа дьыл саҕана дьиктини кэтэһии, оннооҕор сааһырбыт да дьону долгутар. Оҕо эрдэххэ, Моруос оҕонньортон бэлэх тутуу, кэмпиэт, сакалаат дэлэйэ оҕо сүрэҕэр үлүскэн үөрүүнү аҕалар буоллаҕа. Оттон улахан дьон олохсуйбут үгэһинэн, харыйа симииллэригэр хайаатар даҕаны баҕа санааларын этэллэр. Саҥа дьыллааҕы харыйа күлүмүрдүүр уотугар оҕолуу итэҕэйэллэр…

Кини киһи дуу, атын дуу?

Нуучча сиригэр христинство итэҕэлэ кэлэ илигинэ, өлбүт дьон дууһатыгар итэҕэйэн, дьон кинилэри араҥаччылыылларыгар бүк итэҕэйэр этилэрэ. Кинилэр араҥаччылаан сүөһү-ас этэҥҥэ кыстыгы туоруура, бурдук, от өлгөмнүк үүнэрэ. Бу айыылар санааларын табаары, кинилэр дууһаларын амаҕаччылаары бэлэх-туһах аныыллара. Саҥа дьыл түүн ыччат халыҥнык таҥнан, маскараат оҥостон ыаллары кэрийэн бэлэх-туһах хомуйаллара. Ону нууччалыы колядование диэн ааттыыллар. Кинилэри үүрбүт эбэтэр ас бэрсибэтэх ыалга ол сыл соччото суохтук ааһыахтааҕа. Онтон куттанан, түннүгүнэн, аанынан тоҥсуйбут дьону хайаан да манньалаан, кэһиилээн ыыталлара. Бу сүрүн өйдөбүлэ, түүннэри илэ сүүрэр маскарааттаах ыччат өлбүт дьон дууһаларын ааттарыттан сылдьыылара буолара. Кинилэри кытта хайаатар даҕаны биир эмит кутталаах маскарааттаах киһи сылдьыһар. Бу киһи саҥарбат. Кинини эһээ диэн ыҥыраллар. Баҕар, бу өйдөбүлтэн буолуо, Моруос оҕонньор уобараһа үөскээбитэ буолаарай?

Дьиктини аҕалар Ньукулай

Оттон бүгүҥҥү күҥҥэ, Моруос оҕонньор бэлэх көрдүү буолбакка, кини бэйэтэ бэлэх-туһах туттара торуоскаланан тиийэн кэлэр. Моруос оҕонньор идэлээх бырааһынньыга атырдьах ыйын бүтэһик баскыһыанньатыгар бэлиэтэнэр эбит.  Россияҕа сэтинньи 18 күнүгэр кыстык хаар номнуо хаачыргыырынан сылыктаан, бу күнү Моруос оҕонньор күнүнэн биллэрбиттэрэ.

 Моруос оҕонньор уобараһын төрүттээччинэн сибэтиэй Ньукулай (чудотвореһы) ааттыыллар эбит. IV үйэҕэ Азияҕа Ньукулай диэн киһи олорбут. Католическай эбэтэр лютеранскай итэҕэлинэн, кини аата Николас эбэтэр Клаус дэнэр эбит. Былыр Ньукулай эдэр сылдьан, биир олус дьадаҥы бааһынай айманар саҥатын истибит. Олус кыамматыттан-түгэммэтиттэн оҕолорун дьоҥҥо түҥэтэр туһунан быһаарыммытын истэн, Ньукулай олус аһыммыт. Кини бу ыал дьиэлэрин турбатынан мөһөөччүктээх харчыны таммалаппыт. Ол кэмҥэ, оһох таһыгар кыргыттар наскылара, атахтарын таҥаһа куура турбут. Саҥа дьыл сарсыардата, тобус толору манньыатынан туолбут наскылар уонна бачыыҥкалар оҕолору улаханнык үөрдүбүт. Онтон ыла Ньукулай саҥа дьыл саҕана кыаммат-түгэммэт дьоҥҥо көмөлөһөн, атахтарын таҥаһыгар манньыат хааллартыыр идэлэммит  Хаатыҥкаҕа бэлэҕи хаалларар сырдык өйдөбүл мантан үөскээбит буолуон сөп. Кэлин, Ньукулай өлбүтүн кэннэ, кинини сибэтиэйдэр уобарастарыгар киллэрбиттэр.

 Хас биирдии дойдуга тус-туспа Моруос оҕонньордоохтор. Америкаҕа уонна Англияҕа Санта-Клаус, Францияҕа Пэр Ноэль, Финляндияҕа Йоллупуке, оттон биһиэхэ тымныы Моруос оҕонньор. Ол эрээри, Россия Моруос оҕонньоро эрэ сиэнин Хаарчаананы көмөлөһүннэрэн бэлэх-туһах ындыыланар. Оттон Хаарчаана хантан кэлбитэй?

Хаарчаана кистэлэҥэ

Хаарчаана 19-с үйэ бүтүүтэ баар буолбут. Хаарчаана төрөөбүт дойдутунан Кострома диэн куораты ааттыыллар. Оттон бу тыл төрдө костер (кутаа) диэнтэн тахсар курдук. Хаар кыысчаан диэн өйдөбүлтэн үөскээбит уобараһы А.Н.Островскай «Снегурочка» айымньытыгар сиһилии көрдөрбүтэ. Кэлин нуучча улуу худуоһунньуктара Врубель, Рерих, Васнецов бу кэрэ уобараһы ойуулаан киэҥ эйгэҕэ таһаарбыттара. Островскай суруйарынан, Хаарчаана аҕата Моруос оҕонньор, оттон ийэтэ сандал Саас. Оттон нуучча итэҕэлинэн, Сибэтиэй Троица  – Моруос оҕонньор, Хаарчаана уонна Хаар киһи буолуохтарын сөп. Кострома куорат Хаарчаана төрөөбүт эрэ сирэ буолбатах, бу кини бэйэтэ буолуон сөп. Былыр Костромаҕа сааһы атаарыы уонна русалка кэмин арыйыы саҕана оҥоһуллар сиэр-туом уларыйан, кэлин Кострома Хаарчаанаҕа кубулуйбут буолуон сөп. Маны сэргэ, Кострома куоракка саҥа дьылы көрсө соломоттон оҥоһуллар чуучалаларын саас кэлэн кутааҕа уматар үгэстээхтэр эбит. Ити аата кинилэр кыһыны атаара, кыһынныын быраһаайдаһар эбиттэр. Бу былыргы төрүт үгэстэн Хаарчаана үөскээн тахсыбыт.   Хаарчаана түөрт төгүл Костроматтан төрүттээҕин туоһулуур Костроманы көмүү уобараһын арыйыыга, иккиһинэн, А.Н.Островскай айымньытыгар Хаарчаана үөскээһинэ. Үсүһүнэн, Павел Кадочников Кострома чугаһыгар «Хаарчаана» киинэни устуута. Төрдүһүнэн, Костроматтан төрүттээх кыыс Хаарчаана оруолун толоруута буолар. Нуучча норуотун остуоруйатыгар оҕото суох оҕонньордоох эмээхсин хаары төкүнүтэн кыыс оҕо оҥороллор. Сааһыары ол кыыстара кутааны ойоору былыт буолан устарын мультикка даҕаны, кинигэҕэ даҕаны үгүстүк көрбүппүт. Мифологическай уобарас быһыытынан хаалбыт кэрэ кыыс Хаарчаана билигин даҕаны таабырын.

Олох уонна остуоруйа

Остуоруйа баар буолан олох баар. Хас биирдии олох туспа остуоруйалаах. Киһи туохха эрэ итэҕэйэр, эрэнэр буоллаҕына, ол хайаатар даҕаны туолар. Этэргэ дылы, ыраламмыккын ытыскар тутаҕыҥ диэн мээнэҕэ эппэттэр. Саҥа дьыл саҕана баҕа санааны олоххо киллэрээри, бу аптаах түүн суруллубут санаа туолар буоллаҕа. Төһө да күннээҕи олоххо үтүрүйтэрдэрбит, киһи хаһан баҕарар оҕо курдук дьиктини күүтэр сырдык эрэллээх буолар. Ол эрэл баар буолан олох салҕанар…Бургучуйар туманы быыһынан, түннүккүн баҕар кэлэн тоҥсуйуо, кырыа оһуору хаалларан Моруос оҕонньор баарын биллэриэ…

Ульяна ЗАХАРОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0