Моркуоп тоҕо хайыта барарый?

Бөлөххө киир:

Сайынын ардах эриэ-дэхси түспэт. Биир-икки күн ардыыр, 15-20 күн кураан турар. Ардаҕа суох кэмҥэ төрдүлэригэр астаахтар (моркуоп, сүбүөкүлэ, эрэдьиискэ) улааталлар. Ол эрээри, уу тиийбэтинэн, килиэккэлэрэ кыракый буолар. Ардах түстэҕинэ, ууну оборон, килиэккэлэрэ уунан туолаллар, ол түмүгэр хайыта бараллар.

edersaas.ru


Ол аата, сир биир тэҥник уонна кэмиттэн кэмигэр сиигирдиллибэтиттэн моркуоп, сүбүөкүлэ, о.д.а. хайыта барар. Өр буола-буола хойуутук ууну кутар буоллахха, эмиэ маннык хартыына буолар. Онон, төрдүлэригэр астаах үүнээйилэри кэмигэр сөбүн көрөн уу кутуллар. Ону сэргэ, моркуобу хомуйуоҥ биир ый инниттэн уу кутаргын тохтоторуҥ ордук. Оччоҕуна, минньигэс уонна өр хаһаанарга ордук буолар.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0