Кини аата Моойторук. Моойугар, икки илин атахтарыгар моойторук курдук иилии эргийбит маҥаннаах уонна барыта хара өҥнөөх ыт.
Ол иһин да кинини Моойторук диэтэхтэрэ. Сааһа биэһэ-алтата буолуон сөп. Кини бу икки этээстээх дьиэ таһыгар хаһан баар буолбутун, ким аҕалбытын чуолкай билбэт. Ол эрэн иккис сылын таһырдьа дьиэни ититэр турба үрдүгэр сытан кыстыырын бэлиэтээн суруйуохха сөп. Кэлэ-бара олохтоохтор аһаталлар. Онуоха кини аа-дьуо кэлэн сытырҕалаан-сытырҕалаан баран биирдэ сиир. Атын ыттары аттыгар чугаһаппат. Куруутун соҕотоҕун сылдьар. Туһугар эмиэ дьикти ыт.
Моойторук бу икки сыл иһигэр туһата элбэх. Кини үрэн моргуйар саҥатыттан куттанан дьиэ подъеһыгар «туох эрэ суолталааҕы бэлиэтээччилэр», бириэмэ атаарааччылар биллэ аҕыйаатылар. Онон эмиэ дьиэлээхтэргэ абыраллаах курдук. Олохтоохтор кини баарыгар үөрэнэн да хаалбыттар. Ордук оҕолор Моойторукка убаннылар. Кини оҕолорго ураты сыһыаннаах. Биирдэ маннык буолбуттаах.
Сайын этэ. Ыал ийэтэ, ахсыс кыбартыыра олохтооҕо, биир сарсыарда маҕаһыыҥҥа тахсаары аанын хатаабакка барбыт. Дьиэҕэ иккилээх уола соҕотоҕун хаалбыт. Утаакы буолбакка ийэтин кэнниттэн батыһааччы буолбут. Тахсан (дьиэ таһынан айан суола ааһара) суол диэки хараҕын хатаабыт да, бара турбут. Өлүү түбэлтэлээх, таһынааҕы ыаллара да, ааһан иһэр дьон да оҕо тахсан барарын көрбөтөхтөр. Ийэ уочаракка түбэһэн, төһө да ыксаатар, наадалааҕын ылан баран төннүбүт. Кэлбитэ — аана аһаҕас, уола суох. Малын быраҕаат, таһырдьа тахсан олбуор тула сүүрбүт. Онтон аттынааҕы дьиэлэри кэрийбит. Кини хаһыытын истэн ыаллара тахсыбыттар. Дьиэнэн кэрийэ сылдьан ыйыталаһыы буолбут. Ким эрэ суол уҥа, хаҥас өттүгэр сырсыбыт, ким эрэ сарайдарга сүүрбүт. Кыра оҕо, дьиҥэр, наһаа ыраах барымыан сөп этэ да, чугаһынан көстүбэтэх. Ол сырыттахтарына, суол диэкиттэн биир эр киһи уолу көтөхпүтүнэн тиийэн кэлбит. Бары кини тула түмсэн токкоолоһуу буолбут. Ол түмүгэр хартыына маннык ойууланан тахсыбыт: уол тахсыбытын кэннэ, Моойторук үгэһинэн оҕоҕо кэлбит уонна кэнниттэн батыспыт быһыылаах. Суол өттүгэр, уол барбыт сирин диэки, улахан ханааба хаһыллыбыт. Оҕо онно барыахтааҕын, хата, ыт бүөлүү турбут уонна таҥаһыттан ытырбыт. Аттынан ааһан иһэр киһи кыра оҕо ытыырын истэн кэлбит уонна уолу ылбыт. Дьэ, киһи өйө бааллар да эбит. Төһө эмэ бары ити ханааба баарын билэллэр эрээри, уол онно барбыта буолуо диэн ким да өйдөөбөтөх.
Моойторук туһата итинэн эрэ бүппэт. Кыһын Бөтүрүөбүһү быыһаан турардаах. Бөтүрүөбүс — дьиэ старостата, сэттэ уон хаарыгар үктэммит киһи. Биир үтүө күн, аһыы утаҕы амсайбакка, бырааһынньыктан үөрэ-көтө дьиэлээн иһэн олбуорун таһыгар атаҕын бүлгүрүппүт. Түүн. Хойуу туман. Тымныыта да сүр. Таһырдьа ким да суох. Хаһыытыыр да, онто ынчык буолан иһиллэр быһыылаах. Арай ол сыттаҕына атах тыаһа иһиллибит. Бөтүрүөбүс күүһүн мунньунан эмиэ ыҥырааччы буолбут. Туман быыһыттан кырыа буолбут Моойторук кэлбит уонна чочумча кини таһыгар туран баран төттөрү барбыт. Ол баран түннүк таһыгар тиийэн ыйылаа да ыйылаа буолбут. Онтон ааны тарбаабыт. Дьиэлээхтэр сөбүлээбэккэ гына-гына ааны арыйбыттар. Моойторук тахсыбыт киһи ыстааныттан ытыра-ытыра ханна эрэ соһо сатыыр үһү. Ол киһи иһиттэҕинэ, таһырдьа бүтэҥи баҕайытык ким эрэ хаһыытыыр эбит. Онон Бөтүрүөбүс быыһаммыт.
Ити курдук Моойторук олохтоох дьону барыларын хаһаайын оҥостон, кинини да олохтоохтор чугастык ылынан, бэркэ тапсан олорбуттар. Олоруох да эбиттэр. Ол эрэн, Моойторук кэлбитин курдук биир үтүө күн соһуччу суох буолбут. Олохтоохтор бастаан утаа суохтаан баран, кэлин кини суоҕар үөрэнэн да хаалбыттар. Хаһан эмэ туох эрэ буоллаҕына, «Моойторукпут баара буоллар» дэһэллэр, онтон эмиэ умнуллан хаалар. Олох устан баран иһэр…
Хас сарсыарда аайы үлэбэр баран иһэн кырдьаҕас эмээхсини көрсүбэтим буоллар, бу кэпсээни суруйуом суоҕа этэ. Кини ырыынакка атыыһыттыыр. Үлэ чааһа төһө да уон чаастан буоллар, кини тоҕус чаас саҕана ырыынак таһыгар икки улахан суумкатын туппутунан кэлэн олорор буолар. Хаар да түстүн, ардах да буоллун. Куруутун соҕотоҕун сылдьара, туораттан көмө да көрдөөбөт быһыылааҕа. Биир сарсыарда кини суох буолбутун бэлиэтии көрбүтүм. Кырдьаҕас киһи ыарытыйара да баар буоллаҕа. Ол күнтэн ыла кини көстүбэтэҕэ. Суох буолбутугар ким да аахайбатаҕа. Арай биир күн ааһан иһэр киһи алҕас «Манна моойторук атыылыыр эмээхсин баара дии» диэн аһарбыта уонна, эппиэти күүппэккэ, таһынан ааһа турбута.
Аграфена Кузьмина «Киһи сүрэҕэ бэрт чараас» (Бичик, 2015)
кинигэттэн быһа тардыы.