Олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар хомунаалынай өҥө эйгэтигэр сыана үрдүүрүн нэһилиэнньэ хаһан баҕарар ыарыылаахтык ылынар. Ол эрэн, ис дьиҥэр биһиги хомунаалынай төлөбүр 30 эрэ бырыһыанын уйунабыт, оттон 70 бырыһыанын судаарыстыба дотация быһыытынан үбүлүүр.
edersaas.ru
«Ити сыалга сыл ахсын 25 миллиард үбү ыытабыт, оттон социальнай эбийиэктэри тутарга харчы тиийбэт. Онон тарыып төһө сөпкө ааҕыллыбытын бэрэбиэркэлиэх тустаахпыт», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев этэн турардаах. Кини Федерация монополияны утары сулууспатын салайааччытыгар Игорь Артемьевка киирэ сылдьан, СӨ сыана бэлиитикэтин кэмитиэтэ бигэргэтэр тарыыптарын бэрэбиэркэлиир уолдьаспытын эппитэ.
Бу сотору кэминэн Федерация монополияны утары сулууспата хомунаалынай өҥө төлөбүрэ хайдах ааҕылларын, ол төһө оруннааҕын тургутан көрүөхтээх. Ол иннинэ СӨ сыана бэлиитикэтин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Винокурованы кытта кэпсэтиини бэчээттиибит.
— Бэрт соторутааҕыта Ил Дархан Айсен Николаев Арассыыйа монополияны утары сулууспатын салайааччытын Игорь Артемьевы кытта көрсөн турардаах. Бу кэпсэтии кэнниттэн эрэгийиэннэр тарыыптара төһө оруннааҕын бэрэбиэркэлиир үлэ барыахтаах. Бу туһунан туох санаалааххыный?
— Бу көрсүһүүгэ антимонопольнай сулууспа салайааччыта Саха Өрөспүүбүлүкэтин хайҕаан турардаах. Саҥа оҥоһулла сылдьар сокуоҥҥа саамай элбэх этиини эһиги эрэгийиэҥҥит туруорсар диэбитэ. Онтон бэрэбиэркэ чааһыгар киирдэххэ, биһиги үлэбитин-хамнаспытын тургутар үлэ былаан быһыытынан ыытыллар. Ыам ыйыгар 10-тан тахса киһилээх бөлөх кэлэн, тарыып хайдах ааҕылларын чинчийиэҕэ. Маны таһынан, нэһилиэнньэни хомунаалынай өҥөнөн хааччыйар тэрилтэлэр тарыып оҥоһулларыгар ороскуоттарын кээмэйин төһө дьиҥнээхтии ыйбыттарын көрүөхтэрэ, кинилэри эмиэ бэрэбиэркэлиэхтэрэ. Онон улахан үлэ бараары турар.
— Антонина Борисовна, дойду монополияны утары сулууспата тарыыбы олохтуурга саҥа халыыбы туттар туһунан этии киллэрдэ. Бу операционнай уонна инвестиционнай диэн икки чааска арахсар. Ону быһааран биэриэҥ дуо?
— Бу саамай сөптөөх этии дии саныыбын. Тарыып операционнай чааһыгар сүрүн ороскуот киирэр. Ол эбэтэр айан, өҥөнү оҥорор тэрилтэ үлэһитин хамнаһа, күннээҕи ороскуота уо.д.а. Бу бастакы чааһын федеральнай таһымҥа таһааран, биир халыыпка киллэрэр сыал-сорук турар. Ол эбэтэр тэрилтэтиттэн көрөн, тарыып халбаҥнаабат. Арай эрэгийиэннэринэн көрөн коэффициент баар буолуон сөп. Иккис инвестиционнай чааһын, дьэ, бэйэбит испитигэр олохтуохтаахпыт. Манна тустаах тэрилтэ туох эбийиэги төһө сыанаҕа тутара, хантан харчы ылара барыта учуоттанар.
Маны сэргэ, тарыыбы олохтуур туһунан сокуон бырайыага билигин дойду таһымыгар оҥоһулла сылдьар. Итэҕэйиэххит суоҕа эрээри, күн бүгүҥҥэ диэри биһиги ууга, уокка, оттукка диэн тус туһунан сокуон ньыматын туттан тарыыппытын көрөбүт. Бу биллэн турар үлэни атахтыыр, онтон биир ситимнээх сокуон бигэргэннэҕинэ, үлэ биллэ тупсуо этэ.
— Быйыл тарыып эйгэтигэр улахан уларыйыы таҕыста. Хомунаалынай өҥө төлөбүрэ боростуой дьон өйдүүрүнэн, сылга иккитэ тоҕо үрдээтэ?
— Урукку өттүгэр биһиги тарыыбы сылга биирдэ олохтуур этибит, оттон билигин сылга иккитэ тарыып кээмэйин көрөбүт. Иккис уларыйыы от ыйын 1 күнүгэр олоххо киириэҕэ. Бу бастатан туран, дойду үрдүнэн табаарга, өҥөҕө эбии көрүллэр нолуок кээмэйэ 20 бырыһыаҥҥа диэри үрдээбитин кытта ыкса сибээстээх. Бу нолуок үрдээн, сыана ыараата. Ол курдук, тохсунньу 1 күнүттэн хомунаалынай өҥө төлөбүрэ 1,7 % үрдээтэ.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбит тайаан сытар сирэ киэҥинэн уонна айана, суола-ииһэ куһаҕанынан саамай ороскуоттаах эрэгийиэн быһыытынан биллэр. Нэһилиэнньэҕэ анаан чэпчэтии оҥоһуллубата буолар, тарыып сиэрэ суох үрдүк буолуо этэ. Уһук Илин уокурукка Саха сиригэр биир саамай кыра кээмэйдээх тарыып олохтонор. Маны сэргэ дьиэ кэргэн уопсай дохуотуттан хомунаалынай өҥө иһин биһиэхэ эрэ
7 % төлүүллэр. Итини таһынан, хамнас 15% хомунаалынай өҥө куоһарар түгэнигэр субсидия бэриллэр. Манна даҕатан эттэххэ, тыа сиригэр күөх төлөн төлөбүрэ куораты кытта тэҥнээтэххэ 20 %, ититиигэ уонна уокка 30% намыһах.
— Кытаанах бөҕү тиэйиигэ-таһыыга, ону харайыыга төлөбүр хайдах оҥоһулунна?
— Саҥа федеральнай сокуон олоххо киириэҕиттэн, нэһилиэнньэ бөҕүн-сыыһын өрөспүүбүлүкэҕэ эрэгийиэннээҕи оператордар харайаллар. Кинилэр ороскуоттарын ааҕан туран, оройуоннарынан көрөн тарыып олохтообуппут. Сахабыт сиригэр барыта 4 оператор баар, Арктика улуустарыгар ким үлэлиирэ өссө быһаарылла илик. Дьокуускай куоракка бу тарыып 846 солкуобайга тэҥнэһэр. Элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ олорор киһи сылга 1,86 куб. бөҕү таһаарар. Маны 12 ыйга түҥэтэбит уонна тарыыппытыгар төгүллүүбүт, оччотугар ыйга 131 солкуобай 13 харчы буолар. Оттон чааһынай дьиэҕэ олорор киһи сылга 1,97 куб. бөҕү таһаарар түгэнигэр, ыйга 138 солкуобай 88 харчыны төлүүр. Дьиэҕэ хас киһи олороруттан көрөн, кытаанах бөҕү хомуйуу төлөбүрэ ааҕыллар.
— Антонина Борисовна, уопсайынан бу бөх-сыыс сокуона инникитин тупсарыллан, уларыйыан сөп дуо?
— Олунньуга Госдуумаҕа нолуок чааһыгар чэпчэтиини көрөр туһунан сокуон барыла киирбитэ. Өскөтүн бу сокуон былаан быһыытынан муус устар ыйга олоххо киирдэҕинэ, тарыып кээмэйэ аччыа диэн эрэнэбит. Билигин ким төһө бөҕү таһаарарынан көрөн төлүөхтээх. Холобур, Японияҕа бөҕү харайыыга төлөбүр суох. Кинилэр бөхтөрүн анал мөһөөччүктэри атыылаһан ылан, онно тус-туһунан сааһылаан угаллар.
Марианна ТЫРТЫКОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru