Монголлар мас тардыһыы былаһааккатыгар ыалдьыттаатылар (ВИДЕО)
Сочи куоракка ыытылла турар XIX аан дойдутааҕы ыччат бэстибээлигэр мас тардыһыы былаһааккатыгар Монголия делегацията ыалдьыттаата. Бэстибээлгэ Саха сирин ыччата Монголия уонна Соҕуруу Африка Лесото делегацияларын кытта сибээс олохтуохтаахтар.
2020 сылга норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» оонньуу Монголияҕа ыытыллыахтаах. Ол иһин, билигин Монголияны кытта Саха Өрөспүүбүлүкэтэ ыкса алтыһар. Ыччат бэстибээлин бырагырааматынан мас тардыһыы былаһааккатыгар Монголия делегацията кэлэн ыллаан-туойан, араас музыка үнүстүрүмүөнүгэр оонньоотулар. Ол кэннэ, туох баар көрөөччүлэр уонна ыалдьыттар тэтимнээх оһуохайы оройуттан туттулар. Оһуохайы киинэ уонна тыйаатыр артыыһа Гаврил Менкяров эттэ. Ыалдьыттарбытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин делегацията чорооннору бэлэх уунна.
Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru