Молдова ультрамарафонеһа Өймөкөөн Тымныы полюһа буоларын бигэргэттэ!

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, тохсунньу 14 күнүгэр, Тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө Молдоваттан сылдьар ультрамарафонец Дмитрий Волошин -60°C кыраадыс тымныыга 6 чаас устата 50 км сүүрдэ.

edersaas.ru

Тымныы полюһугар экстремальнай сүүрүүнү, бастатан туран, ультрамарафонец Дмитрий Волошин Кишинев куорат кырачаан олохтооҕо, ДЦП-нан ыалдьар Ева Письменюк эмтэниитигэр анаата.

Аһымал аахсыйаны ыытааччы кырачаан кыыс ыарыытыгар болҕомто туһаайыллан, үтүө санаалаах дьон көмө оҥороллоругар эрэнэр эбит. Аһымал бырайыага Unfrozen диэн ааттаах. Спортсмен бэйэтэ остуоруйа суруйбут, Ева кыыһы үтүөрдээри аһыныгас сүрэхтээх сүүрүүк Улуу Тойон диэн тымныы хаһаайынын дойдутугар, Өймөкөөҥҥө тиийиэхтээҕин туһунан. Биллэн турар, бу остуоруйа наһаа үчүгэйдик түмүктэнэрэ чахчы.

Хорсун санаалаах ультрамарафонец Дмитрий Волошины кытта Томтортон төлөпүөнүнэн кэпсэттибит.

Сүүрүүҥ туһунан кэпсии түһэриҥ буоллар, Дмитрий…

— Аһаҕас космос куйаарыгар тахсыбыт курдук сананным! Киһи тыына хаайтарар тымныыта эбит… Бэрт элбэх сиринэн араас уустук түбэлтэҕэ барытыгар түбэһэ сылдьыбытым да, бу Өймөкөөҥҥө курдук -60°C кыраадыс тымныыга сүүрүүм тугу да кытта тэҥнэспэт эбит. Ону ордук 40 км кэнниттэн биллим.

— Олохтоохтор эйигин олох тохтообокко сүүрдэ дииллэр дии.

— Тохтообокко буолумуна. Кыратык тохтоотум да, тоҥор буоллаҕым дии. Аны камера барытын уста иһэр. Онно хас мүнүүтэм, сөкүүндэм барыта ааҕылла турар.

6 чаас устата аччыктаабатыҥ, хабаҕырбатыҥ дуо ?

— Космонавтар курдук астаахпын, тюбиктаах паастаны оборон сэниэ киллэрэбин, Сүүрэн иһэн чэй ыймахтаабыта буолабын. Ол кэмҥэ түргэнник сатыы хаамабын.

Түүн биллэ тымныйара буолуо?

—  -60°C кыраадыс тымныы этэ. Сүүрэн истэхпинэ күнүс (!) сорох сиргэ  -67,8°C кыраадыс тымныыны көрдөрбүтэ.

Илиибэр тута сылдьар мини-метео-ыстаансыйалаахпын. Онтон “скриншоттаан” ылбытым. Сүүрэр кэммэр олох -67°C кыраадыс тымныыта биллэр этэ.

Эн 50 км чысхаан тымныыга биир да эмчитэ, быыһыыр дьоно суох сүүрдүҥ. Марафон хайдах түмүктэнэрэ биллибэт этэ. Ыксаллаах түгэн баара дуо?

— Наһаа ыараханнык сүүрдүм. Тыыным хаайтарар, салгын суох. Олох киһи тулуйбат тымныыта эбит! Мааскам мууһуран хаалбыта, көрөрбөр эмиэ мэһэйдиир. Ол эрээри тохтуур туһунан санаа биирдэ да киирбэтэҕэ.

Олох уустук кэмҥэ дьиэ кэргэммин санаан кэлэрим. Дьонум мин туспар өрүү наһаа ыалдьаллар, өйүүллэр. Хайа уонна аһымал сүүрүү буолан, икки бүк эппиэтинэс буоллаҕа. Кырачаан ыалдьар кыыс миигин эрэнэ кэтэһэрэ санаабар күүс эбэрэ. Онуоха эбии “фридайверскай” уопутум туһалаата (уу анныгар тыыммакка устуу).

Уонна саамай ыарахан түгэҥҥэ ип-итии баанньыкка паарданыахпын олуһун да баҕарбытым! Сүүрэн бүтэрим икки чаас хаалбытын кэннэ: “Дымилась роща под горою, и вместе с ней горел закат, нас оставалось только трое из восемнадцати ребят…” диэн ырыаны ыллыы испитим күүспэр күүс эппитэ! Биллэн турар, үгэс быһыытынан, дойдум Молдова былааҕын бүрүммүтүнэн фиништээбитим.

— Сүүрүүгүн ким бэлиэтээтэ?

6 чаас 50 км -60°C кыраадыс тымныыга сүүрбүппүн туоһу буолан Саха сиринээҕи чэпчэки атлетика федерацията, Томтор нэһилиэгин баһылыга Никифор Протопопов уонна кини солбуйааччыта Екатерина Винокурова бэлиэтээбиттэрэ. Иккис массыынаҕа доҕотторум видеоҕа уста олорбуттара.

— Атын сүүрэр дьоҥҥо тугу сүбэлиэҥ этэй?

— -60°C кыраадыс тымныыга мин соҕотоҕун сүүрэн рекорд олохтоотум. Тохсунньу бастакы күннэригэр Саха сирин марафонецтара -48°C сүүрбүттэр этэ. 16 кыттааччыттан Амма улууһун Эмис нэһилиэгин баһылыга Илья Пестерев 38 км 3 ч. 53 мүн. сүүрбүт этэ.

Бэлэмэ суох киһи кыайан сүүрбэт тымныыта эбит. Мин улахан бэлэмнээх да киһи тыыным хаайтара сырытта. Өссө төгүл этэбин — наһаа ыарахан сүүрүү буолла. Бу сүүрүүбүн олоҕум устата умнуом суоҕа буоллаҕа.

Дмитрий, Өймөкөөҥҥө эн -60°C кыраадыһы кэтэһэн алта хоннуҥ. Бу кэм устата тугу гынныҥ?

— Өймөкөөҥҥө туризм сайдыытыгар туһуламмыт эбийиэктэри көрөн баран олус да астынным! Маннык ыраах, тымныы сиргэ туристары угуйар эбийиэктэр ис хоһоонноро баайын, туруктара аныгы ирдэбилгэ эппиэттииллэрин сөхтүм. Холобура, Чысхаан резиденцията — оһуобай! Аны айылҕата киһи сөҕөр гына кыраһыабай. Ханна да маннык дьикти кыһыҥҥы кэрэ көстүүлээх, хайалаах дойдуну көрө иликпин. Ол иһин аны сайыҥҥы кэмҥэ хайаан да кэлэн барарга сананным.

Өймөкөөн Томторун дьонун ыалдьытымсахтарыттан наһаа үөрдүм, долгуйдум. Сүүрэр күммэр: “Айаныҥ аартыгын аһат”, — диэн, Томтордооҕу кыраайы үөрэтэр мусуой дириэктэрэ Розалия Дягилева сып-сылаас алаадьыны буһаран аҕалбыт этэ. Саха норуотун сиэрин-туомун тутуһаммын, ытык Өймөкөөн сирэ миигин ылынна быһыылаах. Кулуупка Эргэ Саҥа дьылы Томтор нэһилиэгин олохтоохторун кытта бииргэ көрсүбүппүт.

— Тымныы полюһа — Өймөкөөн дьонугар-сэргэтигэр туох этэрдээххин?

— Күндү Өймөкөөнүм дьоно-сэргэтэ (мин эһигини итинник эрэ ааттыыбын)! Эһиэхэ миигин уонна мин хамаандабын олус истиҥник уонна итиитик көрсүбүккүт иһин барҕа махталбын тиэрдэбин. Төһө да чысхаан тымныылаах сиргэ олордоргут, эһиги бэйэ-бэйэҕитин дууһаҕыт сылааһынан сылытар эбиккит. Өймөкөөҥҥө туризм муҥутуурдук сайдар кэскиллээх. Кытаатыҥ, төрөөбүт дойдугутун — Тымныы полюһун сайыннарар туһугар күүскүтүн, кыаххытын ууруҥ. Бачча кэрэ дойду туристары угуйар дьикти айылгылаах. Мин эһиэхэ өссө да кэлиэҕим, көрсүөхпүт!

… Тымныы полюһун — Өймөкөөнү Хорсун быһыы Полюһа диэххэ сөп. Кэлиҥҥи сылларга тымныыны пропагандалааччы элбээтэ. Ол курдук, иллэрээ сыл Кытайтан уонна Францияттан бэлэсипиэттээх туристар, былырыын Кытайтан, Германияттан сылдьар ыччаттар өйүмүгэ сөтүөлээһиннэрэ, быйыл аны марафонецтар сүүрүүлэрэ (Саха сириттэн, Молдоваттан, Италияттан) Өймөкөөҥҥө улахан болҕомтону тарта. Дьиктитэ баара, араас дойду туристара биир сылга, дьыл биир кэмигэр биир хайысханы талаллар эбит.

Аны эмиэ биир дьикти холобур. Сарсыарда бэрт эрдэттэн, Өймөкөөн батсаап-бөлөхтөрүгэр: «Биһиэхэ бу сарсыарда -60°C, уонна -57°C” – диэн термометрдарын хаартыскаларынан бигэргэтэн, иһитиннэрии бөҕө кэлбитэ.

Үгүс нэһилиэккэ -60°C кыраадыс тымныы  этэ.

Онтон “киһилэрэ” сүүрбүтүн истэн соһуйуу бөҕө буолбуттара: “Уу, бачча тымныыга хайдах сүүрбүтэ буолла!” – диэн. Ол да иһин буолуо, ультрамарафонец Дмитрий Волошин сүүрүүтүн өймөкөөннөр күнү быһа кэтии олорбуттара.

Дмитрий Волошин марафонун түмүктээбит күнүгэр Томторго  сүүрүүтүн өйөөбүт дьонун ыҥыран анаан чэйдэттэ уонна махтанна.

Н.М. Заболоцкай-Чысхаан аатынан Томтордооҕу кыраайы үөрэтэр мусуой дириэктэрэ Розалия Дягилева ультрамарафонец Дмитрий Волошины биир бастакынан өйөөбүт киһи буолар. Кини санаатын маннык үллэһиннэ:

Дмитрий Волошин Эбэ Хайатыгар баар Чысхаан резиденциятын доҕотторун кытта 5 чаас устата уһулла. Наһаа сөбүлээбиттэр: “Маннык ыраах сиргэ итинник кэрэни көрүөхпүт диэн күүппэтэх буолан, соһуйдубут аҕай”, — дииллэр. Истэргэ үчүгэйэ сүрдээх. Марафонец мусуойбутун эмиэ бэрт уһуннук көрдө-иһиттэ, киинэҕэ уһуллулар. Сүүрбүт киэһэтигэр түспүт гостиницатыгар кини ыҥырыытынан тиийэн,  чаастан ордук кэпсэттибит. Өймөкөөн улууһун туһунан кинигэлэри бэлэхтээтибит. “Сарсын, баҕар, өйүмэҕэ сөтүөлүөхпүт”, — дииллэр. Дойдуларыттан Молдоваттан эҕэрдэ бөҕө үһү. “Итальянеһы кытта билсиэхпин баҕарабын да, ол киһи ханна баара биллибэт, сураҕа, эмчиттээх, элбэх киһилээх сылдьар, өссө Ыксаллаах быһыы-майгы сулууспатын исписэлиистэрэ арыаллыыллар үһү. Тоҕо элбэх киһилээх сылдьара буолла?” – диэн соһуйар”, — диэн кэпсиир Розалия Тимофеевна.

Томтор нэһилиэгин олохтоохторо ультрамарафонец Дмитрий Волошины боростуойун, дьоҥҥо эйэҕэһин, сиэри-туому тутуһарын иһин олох бэйэлэрин киһилэрин курдук ылыннылар. Манна диэн эттэххэ, кэнники кэмҥэ томтордору кытта олус чугастык алтыспыт киһинэн Молдова экстремал-туриһа Дмитрий Волошин буолар диэтэхпинэ, арааһа, сыыспатым буолуо.

Дьэ, онон Өймөкөөнү аан дойдуга аатырдар өссө биир олус суолталаах тэрээһин этэҥҥэ уонна ситиһиилээхтик түмүктэннэ!

Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ”, edersaas.ru

 

Хаартыска – Дмитрий Волошин архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0