Мохулу Баһылай — учуутал, бэйиэт, суруналыыс

26.06.2023
Бөлөххө киир:

Мин 1951 сыллаахха Маалыкайга бэһис кылааска быстах интэринээккэ олорон үөрэнэ барбытым. Онно сырыттахпына, Маалыкай уолаттара биһигини, Малдьаҕардары, тута бэйэлэрин эргимтэлэригэр ылынан кэбиспиттэрэ.
Биһиги иннибитигэр сылдьыбыт, үөрэммит оҕолортон саамай Василий Ксенофонтов диэн уол туһунан ахтар этилэр. Ол курдук, туохтан да толлон турбат тыллаах-өстөөх, нэһилиэк да, колхуос да мунньахтарыгар тыл этэр эбит.
Интэринээт, оскуола эркинин хаһыаттарыгар хоһоон суруйарын эҥин туһунан кэпсииллэрэ. Оннооҕор, интэринээккэ иитээччинэн үлэлээбит киһи: «Кыраһыын лаампатын мэнээк уматаҕыт», — диэн элбэхтик этэрин Василий сөбүлээбэт эбит.
Ол киһи: «Кыраһыын Бакуттан хостонор ньиэптэн оҥоһуллан, биһиэхэ тиэллэн кэлэригэр төһөлөөх үп-харчы ороскуоттанарын билэҕит дуо?» — диэн сотору-сотору этэр эбит. Ону таһынан, аныгы оҕолор тугу да харыстаабаттарын туһунан дойҕохтоон тахсар эбит. Ньиэп, үп-харчы, ороскуот о.д.а. туһунан лэбэйдээн тахсарын туһунан хоһоон суруллубут. Ол айымньыны оҕолор кыттыһан, көмөлөөн суруйбуттар. Сүрүн айааччы Василий эбит. Айымньы, сонно тута, интэринээт фольклорун биир бэлиэ айымньыта буолбут. Ол хоһоону уолаттар өйдөрүттэн ааҕан субуруталлара. Ити курдук, Василий Ксенофонтов туһунан, аан бастаан, бэйэтин көрбөккө эрэ билбитим.
Тус бэйэтин кытта 1960-с сылларга чугастык билсибитим. Малдьаҕарга биир үөрэх дьылыгар саха тылын уонна литературатын учууталынан үлэлээбитэ. Онтон Маалыкайга үлэлээбитэ. Василий Кирилловиһы төрүт Малдьаҕар диэтэххэ даҕаны олуона буолбат: аҕата Сахсаа Кирииһэтэ диэн төрүт Мохулу, ийэтэ Таалаҕа, Ханчый аҕатын ууһугар төрөөбүт Ньылаах Уйбаан кыыһа (Степанов Николай Иванович эдьиийэ).
Василий Кириллович аҕатын бэрт сэдэхтик көрөр этим: кыра баҕайы оҕонньор быһыылааҕа.
Кини туһунан дьоннор: «Сытыары, сымнаҕас, дьоҥҥо -сэргэҕэ сөбүлэтэр үтүө киһи этэ» , — дииллэрэ.
Сыччыкы Сэмэнэ: «Кирииһэни тас көрүҥүн көрөн, ким да «тэтиэнэх киһи» диэбэт киһитэ» , — диэн эппит. Чахчы сэниэлээх киһи буоларын билэн турабыт. Биирдэ, уопсай сүөһүгэ хотон туппуппут. Онно биһиги кыайбат үөл бэрэбинэбит төрдүн сүгэр этэ диэн кэпсээн сөхтөрбүтэ.
Сыччыкы Сэмэнэ, Кыһылбата кыайан сүкпэт үөл бэрэбинэлэрин төрүт өттүттэн сүгэрэ сүрдээх. Сэмэннээх иккиэн бары өттүнэн кыахтаах, сэниэлээх дьоннорун малдьаҕардар билинэр буолуохтаахтар.

Василий Кириллович кэргэнинээн Еленалыын Маалыкайга олохсуйбуттара. Саха тылын, литературатын учууталын быһыытынан үгүс сүһүөх ыччаты үөрэппитэ, ииппитэ. Киниэхэ үөрэммиттэр учууталларын үөрэтэр ньыматын уратытын чорботоллор. Дьоҕурдаах оҕолору бэлиэтии көрөн, кылаас таһынан дьарыктаан, хоһоон, кэпсээн айалларыгар көҕүлээн, элбэх сыратын, кыһамньытын уурарын ахталлар. Ол туһунан Яков Тыасытов кэпсээбиттээх: «Хоһоон суруйарга учууталым Василий Ксенофонтов уһуйбута. Тылы имитэн-хомутан туттар, бүөм санааны ааҕааччыга тиэрдэргэ сонун уобарастары булар, хоһоон айар илбистээх, абылаҥнаах дьарыкка сирдээбитэ. Тугу эмит тыыппалааҕы суруйбут буоллахпына, ол — Василий Кириллович үтүөтэ».
Я. Тыасытов «Дойдум дьоно» диэн хоһоонугар Исай Брызгалов матыып айан, уостан түспэт ырыа буолла.

Василий Кириллович Мэгэдьэк түбэтиттэн өрөспүүбүлүкэ сахалыы тахсар хаһыаттарын соҕотох биллэр-көстөр кэрэспэдьиэнэ этэ. Барыта үлэ дьонун, кинилэр ситиһиилэрин туһунан суруйара. Булчуттар, отчуттар, сылгыһыттар о.д.а. хоһуун, үлэни өрө туппут дьон тустарынан төһөлөөҕү суруйбута буолла?

Учуутал-иитээччи быһыытынан элбэхтик В.А.Сухомлинскай педагогическай үлэлэрин тарҕатар суруйуулара тиһигин быспакка бэчээккэ тахсалларын, учуутал аймах эрэ буолбакка, төрөппүттэр кытта күүтэллэрэ. Оччолорго Сухомлинскай кинигэлэрин булан ааҕар кыах киһи аайы баар буолбатах этэ.
Урукку тыа учуутала олоҕун оҥостунар түбүктэрин билиҥҥи кэм дьонноро хоҥурууларыгар хоннорбот даҕаны буоллахтарына, хайыаҥ баарай? Тустаах үлэҥ таһынан эт, үрүҥ ас булунар туһугар сүөһү ииттиэхтээххин. Онтуҥ хотоно, күрүөтэ, дала, кыбыыта элбэх үлэни эрэйэр. Сайын күөх муора кытылыгар баран сынньанар кыаҕыҥ суох. Тарбыйахтаах биир ынаҕы кыстатаары колхуоска, сопхуоска бырыһыаҥҥа оттообутуҥ хайаан дьылы туоруур от тиксиэй? Онон, ол-бу өтөхтөрү, быраҕыллыбыт маардары оскуола аһыллыар дылы бугуллаһан, кыстыыргын булаҕын.
Василий Кириллович оннук кыһалҕаттан маппатаҕа. Сайын аайы от кэмигэр бэлэсипиэтинэн 20 килэмиэтирдээх сиртэн эргийэ сылдьан, Мохулутугар кэлэн, өтөхтөргө бугуллаһара. Ардыгар, хонон, Эбэтигэр илимнээн, дьиэтигэр балыктаах, эгэ-дьаҕа буолан, сүргэтэ көтөҕүллэн тиийэрэ, кэргэнин, оҕолорун үөрдэрэ. Мохулутугар сылдьан, ыраас көй салгынынан дуоһуйа тыынан, хатыҥ чараҥар дьаарбайан, хоһоон хомоҕой тылларын сааһылаан, наардаан-нарылаан, айар иэйиитэ киирэрэ. Ол да иһин, Мохулу Баһылай диэн суруйар ааты ылыннаҕа.
Саха тылыгар, литературатыгар биир идэлээх буолан бараммын, кини уруогар биирдэ даҕаны сылдьыбатаҕым. Биһиги саҕана, 1960-1970 сылларга, кустовой хардарыта аһаҕас уруоктар олус сэдэхтик ыытыллаллара.
Е. П. Жирков киллэрбит сахалыы үөрэтии-иитии тосхолун тутуһуу саҕана, Малдьаҕарга, миэхэ, Далан «Дьылҕам миэнэ» диэн айымньытыттан быһа тардыыга аһаҕас уруок ыыттарбыттара. Оройуон оскуолаларыттан уонна чугастааҕы Маалыкайтан, Хатыыттан кэлэн көрбүттэрэ-истибиттэрэ. Дьүүллэһиигэ суруйааччы колхуостааһын түмүгэр дойду үрдүнэн 16 мөлүйүөн киһи өлбүтэ диэбитин ахтыбыппар, Кириллович: «Ааптар итини хантан ылбыта биллибэт. Итини дьиҥнээх чахчы курдук оҕолорго тиэрдэр эрдэ буолуо», — диэн сэрэппитэ.
Сөпкө эппит эбит дии саныыбын. Билигин, оннооҕор, А. И. Солженицын дааннайдарын, архыыптар матырыйаалларын кытта тэҥнээтэххэ, «эбиилээх» дииллэр.

Биһиги, Малдьаҕардар, биэс биллэр-көстөр суруналыыстаахпыт, олортон түөрдэ Мохулулар: улаханнара — Дмитрий Николаевич Николаев, Савва Агафонович Егоров, Василий Петрович Еремеев, Василий Кириллович Ксенофонтов. Бэһис — Феодосий Семенович Донской.
Мохулу Эбэттэн түөрт киһи ити идэни баһылаабыттара — ураты көстүү! Мохулу барахсан — үтүө дойду. Күн бүгүнүгэр диэри балыгынан, куһунан-хааһынан малдьаҕардары аһата турар суос-соҕотох эбэлээтэр Эбэбит буолар. Улахан Эбэбит уолба буолан сытар.
Түмүкпэр, Василий Кириллович бэйиэсийэтин хомуйан, үчүгэй кинигэ оҥорон таһаарары, туйаҕын туура тэппит оҕото Максим Васильевич ситиһэригэр эрэнэ хаалабын.

Саха саҥата сатарыы турарыгар 52 сыл бары кыаҕын, хара көлөһүнүн харыстаабатах,
СӨ үтүөлээх учуутала
Николай Дмитриевич Данилов.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0