Эдэр сааскытын санаан, Светлана Габышева ахтыы-кэпсээнин ааҕыҥ:
Сайыҥҥы сессиябын этэҥҥэ хаачыстыбаҕа сабан, иккис куурус буолан, дьоллоно сылдьабын. Тахсан дойдубар сайылыыр санаалаахпын, дьоммун да ахтыбытым сүрдээх. Оҕолор үксүлэрэ араас тутар этэрээттэргэ киирэннэр, медосмотру ааһан, кэлээри- бараары аҕай сылдьаллар. “Ээ, мин дьиэбэр, дьоммор тахсан көмөлөһүөм, эмиэ тугун ССО-тай,”- дии сылдьыбытым. Арай сайын үлэлээбэтэх оҕолору уопсайга ылбаттар үһү диэн буолла. Ырааппакка уопсай өрөмүөнүгэр үлэлиир биригээдэ дуу, туох дуу баар эбит, онно суруттардым, уопсайбытыгар үрдүттэн олорон үлэлиир эбиппит. Бастакы күммүттэн чуурбун биэрдим, буора- быыла бэрт, баттаҕыҥ туран хаалар, күөмэй ыарыйда, уопсайынан кэһэйдим. Киэһэ суунар сиргэ Антипина Шейна диэн 4-с кууруһу бүтэрбит кыыстыын кэпсэттим, төһө да улахан куурус буоллар, Мэҥэ буолан билсэрбит дуу, эдьиийим Наташалыын бииргэ үөрэнэрэ. Өрөмүөн үлэтэ куһаҕан баҕайы эбит, таах сибиэ манна хааламмын, диэтим быһыылаах. Кыыһым: “Биһигини кытта Мохсоҕоллооххо барыс, “Дьүкээбил” ССО-ҕа”, — диэтэ. Штукатурдарбыт хас да миэстэ баар дииллэр этэ, диэтэ, “Хамандыырбыт Иванова Иза, биһиги однокурсницабыт, мин этиэм, хата, ким эмит өссө барсар дуо, ыйыталас”, — диэтэ. Ол буолан мин, Готовцева Света, Капитонова Ия, Колосова Клава , бары бастакы кууруһу бүтэрбиттэр, Мохсоҕоллооххо барсар буоллубут. Кыргыттарбын тугу гына сылдьалларын, кимнээхтэн хаалбыттарын бу диэн өйдөөбөппүн, барыбыт бары түргэн баҕайытык сатанна, анализ туттардыбыт, медосмотр аастыбыт, туох эрэ тэрээһин мунньаҕар сырыттыбыт, форма ыллыбыт, биир сарсыарда “Икарус” автобустарга тиэллэн айаннаатыбыт.
Этэрээппит наһаа барыта 4-с курсу бүтэрбиттэр буолбатах эбит, 3-с кууруһу бүтэрбит Илларионова Груня баар, 2-с кууруһу бүтэрбит хас да кыргыттар бааллар, олортон Горохова Нина диэн Уус-Алдан кыыһын өйдүүбүн (билигин Нина 14-с оскуолаҕа математиктыыр) уонна биһиги түөрт кыыс. Хамандыырбыт Иза диэн, куорат кыыһа быһыылааҕа, хамыһаар – Аля диэн культпросвет училище студентката, олох гитаратын сүгэ сылдьар. Таня диэн нуучча маастардаахпыт, ИТФ студентката, эмиэ Таня диэн медфакультет студентката медиктээхпит, онтубут эмиэ нуучча. Ырыа-тойук бөҕөнөн ,аспаал суолунан астаран, Мохсоҕоллоох диэн Өлүөнэ өрүс үрдүк таас биэрэгэр турар оробуочай бөһүөлэккэ тиийэн кэллибит. Пионердар дьиэлэригэр олохтообуттар, барытын бэлэмнээбиттэр. Икки киэҥ хоско утуйар ороннор бэлэм тураллар, атын хостор бары хатааһыннаахтар. Чэпчэтинэр, суунар сирдэр- таһырдьа, краны астыҥ да тымныы уу кэлэ турар. Аһыырбытыгар, тэйиччи остолобуойга баран аһыыр эбиппит. Улахан КПД таас дьиэлэргэ, куоракка курдук, маҕаһыыннар, остолобуой, ресторан бааллар эбит. Үлэлиир эбийиэкпит – саҥа тутулла турар таас бэкээринэ. Бэкээринэ ис өттүн штукатуркалыахтаах эбиппит. Бөһүөлэк биир өттүгэр аһыы барабыт, онтон төттөрү кэлэн, аны биир өттүгэр- үлэлиибит. Пионердарбыт дьиэлэрэ бөһүөлэк ортотугар турар, аттыгар таас кулууп баар.
Бастакы күннэргэ үөрэнии буолла, суурадаһыны мастерогунан быраҕаҕын, онтон туох эрэ диэн тэрилинэн тэнитэҕин, онтон өссө туох эрэ диэн тэрилинэн затиркалыыгын, чэ, уопсайынан эриэн-быраан үлэ саҕаланна. Ким эрэ киэнэ сатанар, ким эрэ киэнэ оллур-боллур, ордук муннук сатаммат. Аны дьиэбит үрдүгэ, лесаларга ырычаахтаһыы, ып-ыарахан биэдэрэлээх раствордары үөһэ-аллараа көтөҕөлөөһүн, быһата “не жизнь, а Колыма”. Үлэһиттэр биһиги эрэ буолбатах, киһи үөмэхтэс. Сарсыарда “ПАЗ” оптуобуһунан күп-күөх спецтаҥастаах үлэһиттэр кэлэллэр, сахалар. Керамзит таһаллар, тэлгэтэллэр, сорохторо раствор оҥороллор, чэ араас үлэ элбэх. Эбиэккэ эмиэ автобустарыгар тиэллэн ханна эрэ бараллар. Клава биһикки лесаҕа растворбутун кыайан таһаарбакка турдахпытына, биир аҕамсыйбыт киһи кэлэн таһааран биэрдэ, онтон ыла аны ол киһибитин кытта кэпсэтэр буоллубут, кэлин олох да кыргыттар растворбутун ол күөх таҥастаах дьоннорунан тастарар буоллубут, төрдүөммүтүгэр аара кэлэ-бара аҕалан биэрэллэр. Биир киэһэ, сууна сылдьан, улахан куурус кыргыттара күлэллэр, бу кыргыттар ЛТП-лары булсаннар, бэркэ табылыннылар, оҕонньоттор раствордарын таһыы да таһыы”,- дииллэр. ЛТП-лар диэн ол туохтарый диибит.”Алкаштар, дэриэбинэ арыгыһыттара эмтэнэ-үлэлии кэлэ сылдьаллар ити,”-диэн харахпытын астылар. Ээ, ким да буоллуннар, биһиэхэ көмөлөстүннэр эрэ диэн, улахаҥҥа уурбатыбыт. Кэлин олох да барыбытыгар таһар буолбуттара, бары да доҕордоспуппут. Барахсаттар, оттон эмиэ ким эрэ кэргэнэ, аҕата, убайа, быраата буоллахтара. Дьон курдук дьон этилэр. Наһаа сылайар этибит, киэһэ төбөбүн сыттыкка ууран эрэр буолабын, эчи, сарсыарда буолара түргэнэ дии саныырым. Биирдэ түүн баһарынай аанын олуйаннар нуучча уолаттара киирбиттэр, олох ороннор быыстарынан хаама сылдьаллар үһү, биһиги хоспутугар, хата, хайа эрэ кыыс уһуктан, айдааран, быччаччы тутан ылбыттар, милиция ыҥырбыттар, айдаан, киирии-тахсыы бөҕө буолбут. Ол тухары биһиги, түөрт”первачтар”, утуйуу да утуйуу үһү, сарсыарда кэпсээбиттэригэр соһуйабыт.
Стройэтэрээт үлэнэн эрэ муҥурдаммат, араас тэрээһиннэри ыытыахтаах эбиккин, сэрии бэтэрээнин кытта көрсүһүү, агитбиригээдэнэн үлэ тэрилтэлэрин кэрийии, субуотуннуьуктар. Саҥа тутуллан, үлэҕэ киирээри турар икки этээстээх таас балыыһаҕа биир күнү быһа түннүк сууйдубут. Мохсоҕоллооххо биир эрэ сэрии бэтэрээнэ баар эбит, нуучча оҕонньоро. Кинини тыа быыһыгар турар, Улуу Кыайыыга аналлаах сквергэ ыҥыраннар көрсүһүү тэрийдилэр. Оҕонньорбут улаханнык тугу да кыайан кэпсээбэтэ. Монтаж бэлэмнээбиппитин аахтыбыт, Алябыт гитаранан доҕуһуоллаан хас да ырыаны толордо.
Субуотаҕа арыый эрдэ бүтэбит, өрөбүлгэ олох да өрүүбүт, онно Орджоникидзевскай (Хаҥалас оройуонун урукку аата) оройуон араас дэриэбинэлэрин кэрийэбит. Аан бастаан Булгунньахтаахха тиийдибит. Дэриэбинэ ортотугар таҥара дьиэтэ быраҕыллан, көрүүтэ-истиитэ суох буолан, түннүк-үөлэс баранан тураахтыыр эбит. Аана суох, сылгы үөрэ киирэн сөрүүкүү тураллар. Билигин ол таҥара дьиэтэ баара дуу, билбэппин. Хортуоппуй сыыһын ыраастыыгыт диэннэр, буолаҕа илтилэр. Олох омуннаатахха, киһини ортотунан үрдүктээх эрбэһин быыһыгар, хортуоппуй уга баара да көстүбэт. Итии да итии. Күнү быһа төҥкөрөҥнөөтүбүт да, улаханы өнүппэтибит.
Киэһэ кулуупка нэһилиэнньэни кытта көрсүһүү буолла. Нэһилиэнньэ нуучча аҥардаах эбит. Бастаан Булгунньахтаах оскуолатын өр сылларга үлэлээбит математикаҕа учууталын чиэстээһини тэрийдилэр. Хомойуох иһин, аатын өйдөөбөппүн. “Биир эрэ сылынан республика араас муннуктарыгар учууталлыы барыаххыт, математиканы үчүгэйдик билбит оҕолор республикаҕа наадалаах идэлэри баһылыахтара, онон кытаатан үчүгэйдик үөрэниҥ”, — диэн эппитин билигин да өйдүүбүн. Факультеппытын, киирии экаменнары, үөрэнэр, олорор усулуобуйалары кэпсээтилэр. Концерпыт кэнниттэн, Булгунньахтаах ыччаттарын кытта доҕордоһуу биэчэрэ тэрилиннэ. Онтон ыалларынан тарҕаһан хоннубут.
Булгунньахтаахха дьэдьэн үүнэр эбит, биһигини хоммут ыалларбыт минньигэс баҕайы дьэдьэн барыанньатынан күндүлээбиттэрэ. Биир өрөбүлгэ, өрүһү туораан, Дьөппөннөргө тиийдибит. II Дьөппөҥҥө эмиэ биир таҥара дьиэтэ быраҕыллан турара, эмиэ алдьанан-кээһэнэн эрэрэ. Архитектура пааматынньыктарын сөргүтүү кэмигэр симэлийбэккэ тиийэннэр, бу тутуулар “иккис тыыннарын” ылбыттара дуу, суоҕа дуу, билбэппин, кэлин бу дэриэбинэлэргэ сылдьа иликпин. Украинецтар “шабашник” биригээдэлэрэ хотон тута сылдьаллар эбит, олорго аҕаллылар. Уп-улахан, бытыктаах дьээдьэлэр. Мас сыыһа эҥин хомуйтардылар, улахан киһи сылайар үлэтин үлэлээбэтибит. Эмиэ концерпытын көрдөрдүбүт. Били, бэтэрээммит монтаһынан саҕалыыбыт, быыһыгар ырыалар, икки кыыс туох эрэ современнай үҥкүүнү толороллор, икки хас сценка, уонна дьэ финалбытыгар “Листья желтые” диэн ырыаны Алябыт гитаранан ыллыыр, припевын бары тардан кэбиһэбит, хаһыытыы-хаһыытыы ыллаа да ыллаа “Листья желтые над городом кружатся,
Тихим шорохом нам под ноги ложатся ,
И от осени не спрятаться, не скрыться,
Листья желтые, скажите, что вам снится”
Ырыа бүттэ диэннэр таһыныы да таһыныы, бүтэн да бэрт, аны сахалыы тылбааһын ыллыыбыт. Украинецтарбыт ас бөҕөнү тардан аһаттылар. «Бу кып-кыра кыыс хайдах учууталлыай» дии-дии Аня диэн Нам кыыһыттан сөҕөллөр, “сама совсем ребенок” дии-дии аһыммыт харахтарынан көрөллөр. Икки Анялар дьүөгэлиилэр этэ, Нам Анята кып-кыра уҥуохтаах, саҥата аҕыйах, Төхтүр Анята – уһун кыыс, эмиэ аҕыйах саҥалаах. Киэһэ үлэттэн кэллэ да, гитаралаан аралдьыйар, биһигини үөрэтэ сатаабыта да, хайабыт да сатаабатахпыт.
От ыйын куйаас күннэрэ тураллар. Биир өрөбүлгэ ханна да барбатыбыт, эбиэттээн баран пляжка барабыт диэн буолла. Туохха эрэ тардыллан, лааҕыртан саамай кэнники таҕыстыбыт. Өрүс кытыытынан баран иһэн кэпсэтэбит, оо, дьэ, ыраах баҕайы, манна да сөтүөлүөҕүҥ дэстибит. Онтон син ууга киирбэккэ, пляжпытыгар тиийдибит. Пляж диэн син иһирдьэ диэки сиэккэнэн бэлиэ тардыллыбыт сирэ эбит, онтон салҕыы барыа суохтааххын быһыылаах. Киһи бөҕө, оҕо бөҕө. Биһиги кыргыттарбыт ууттан тахсан күн уотугар сыламныы сыталлар эбит. Төрдүөн тыа оҕолоробут, өрүс диэни билбэппит, хомо эҥин буолбатах, өрүс, мотуоркалар, катердар, баарсалар быыстала суох ааһаллар. Арай киирээккин кытта дириҥ эбит. Мин сатаан харбаабат киһи кытыы соҕус туран көрдөхпүнэ кыргыттарым үһүөн тутуһан аҕай тураллар, төбөлөрө көстөр, онтон Клава эттэ: “Света, илиигин уунууй”, -диэтэ. Илиибин уунан эрэрим, биирдэ уу анныгар буолан хааллым, булумахтаныы, олох ким эрэ туппут илиитин араарбат, арааһынайдаан араара сатыыбын. Хайдах, бу аата ууга былдьанан эрэбин дуо, суох ити чуп-чугас сылдьар дьон көрүөхтэрэ, быыһыахтара, ама хайаан, — диэн кыл түгэнэ санаталаан ыллым, хаста да үөһэ төбөм быга сырытта, биирдэ өйдөммүтүм, соҕотохпун, илиибинэн атахпынан булумахтана сатыыбын, арай үөс диэкиттэн биир киһи харбаан аҕай иһэр эбит, миигин тиэрэ эргитэн биэрэккэ таһаарда.
Дьэ. айманан кыргыттар өрө сүүрэн кэллилэр, умса сытыаран хачайдаатылар, уу бөҕөнү испиппин, хас да киһи ууга ыстаннылар, Светаны, Ияны тута таһаардылар, Клаваны балайда буолан баран буллулар. Кыргыттарбыт массыына кэпсэтэ охсон лааҕырга илтилэр. Медик Танябыт барыбытын көрдө-иһиттэ. Клавабыт олох уоскуйбата, саныы-саныы ытаахтыыр. Иза дьонугар биллэрбит быһыылааҕа. Сарсыныгар аҕата кэлэн илдьэ барбыта. Оттон ол быыһаабыт нууччаларбытыгар махтаммакка да хаалбыппыт, биһигини массыынаҕа уган баран, дьэ өйдөнөн, махтанаары гыммыттара, баран хаалбыттар үһү. Хаһыакка суруйуоҕуҥ эҥин дэһиспиттэрэ да, хайаабыппыт эбитэ буолла. Онто ыла билбэт уубар олох киирбэппин, сөтүөлээбэппин да диэххэ сөп, дьиэм таһыгар бассейҥҥа сөрүүкүүбүн. Мин ол кыргыттарым ууга былдьанан эрэллэрин өйдөөбөккө илиибин уунаммын, бэйэм былдьана сыспыппын. Уоскутан: “Аргыый аҕай хааман тахсыҥ, паникалаамаҥ”, — диэхтээх үһүбүн, оччоҕо аа-дьуо тахсан кэлиэхтээхтэр эбит. Ону билбэт буоллаҕым. Арай , хаамыахпытын сүрэҕэлдьээн, пляж диэн ааттыыр сирдэригэр тиийбэккэ, бэйэбит түбэһиэх ууга киирбиппит буоллар, олох да бары былдьаныах эбиппит, иэдээн дии. Ууга түһэ сыспыппын сотору-сотору түүлбэр көрөр этим, кистээн ытыырым.
Атырдьах ыйа үүннэ, үлэбит син ортолоото. Тас өттүттэн аналлаах штукатурдар биригээдэлэрэ —аймаммыт нуучча дьахталлара кэлэн үлэлээн эрэллэр. Туттуу-хаптыы мааны, биһигини киирэ-киирэ кириитикэлииллэр, үлэбитин сирэллэр, хайыыр да кыах суох. Баҕар, барбыппыт кэннэ иккистээн штукатуркалаабыт да буоллахтарына, көҥүллэрэ, оннук мөҕүттэллэр этэ. Син туох эрэ тутуу тойотторо кэлэллэр-бараллар этэ да, сирэллэрин истибэтэҕим.
Өрөбүлгэ Тутааччы күнүгэр Нөмүгүгэ бырааһынньыктыы барабыт диэн буолла, оройуоҥҥа үлэлии сылдьар стройэтэрээттэр бары мусталлар үһү. Ыһыахтыыр сирдэригэр үөрүүлээх чаас, парад буолла. ИТФ -тан геофизиктар, МЛФ -тан, Эстонияттан Тарту государственнай университетыттан стройэтэрээттэр уонна биһиги математиктар үлэлии сылдьар эбиппит. Уолаттар этэрээттэрэ буоланнар, уол кырыы кырыытынан. Кыргыттар сэргэхсийии бөҕө. Уһун киэҥ күрэхтэһиилэр буоллулар, биһиги — көрөөччүлэрбит. Хапсаҕай, мас тардыһыыта, ыстаҥа, сүүрүү. Ыһыах курдук, үтэһэлээх эт, ас-үөл, кымыс дэлэй. Киэһэ доҕордоһуу биэчэрин оскуола спортзалыгар тэрийдилэр. Этэрээттэрбит визиткаларын көрдөрдүбүт. Онно, баҕас, өрөбүл аайы агитбригадаалаабыт дьон, биһиги былааһы ыллыбыт. “Листья желтые”ырыаҕа эстонецтар олох ойон турдулар, нууччалыытын, сахалыытын кэнниттэн аны эстониялыы тардан кэбистилэр. Раймонд Паулс эстонец этэ дуо, олох сүрэхтэрин ортотунан киирдэ. Медиктэр визиткалара үчүгэй этэ уонна “Улыбка” диэн биллэр этэрээт эбит. Дьэ уонна үҥкүүнү, оонньууну оройуттан тутуу буолла. Бастаан медиктэр айаннаатылар, хайа, дэриэбинэттэн кэлбиттэрин умнубуппун. Бары тахсан атаардыбыт. Онтон биһиги оптуобуспут кэллэ, ордук эстонецтар хомойдулар, уһун-киэҥ атаарсыы буолла, биир кыыспыт олох хаалаары гынар, нэһиилэ оптуобуска киллэрдилэр. “Листья желтые над городом кружатся…” ырыанан астаран айанныы турдубут. Онтон икки нэдиэлэ элэҥнээн ааста. Киэһэ аайы “закрытиебыт” айдаана, кимнээҕи ыҥыралларын мөккүһэллэр. Бээтинсэ күн лтп-ларбытыгар махтанан бэкээринэбитигэр концертаатыбыт, барахсаттар үөрүү бөҕө. Субуотаҕа лааҕырбытын сууйдубут-тараатытыбыт, эбиэттэн киэһэ ас астааһына саҕаланна. Өрөбүлгэ биир хос ороннорун, утуйар таҥастарын барытын хомуйан туттара илтилэр. Биир хоско ким утуйар утуйуо диэн ороннору хааллардылар. Кураанахтаммыт хоспутугар лтп-ларбыт кэлэннэр остуол, ыскамыайка бөҕө оҥоро сылдьаллар эбит. Иза хамандыыр, дьэ, кэпсэтиилээх кыыс эбит. Ол буолан эстонецтары уонна грф-лары ыҥырбыттар, киэһэ тигинээн кэллилэр. Тутуу тойотторо – хамандыырга, маастарга, хас да уһулуччутук үлэлээбит байыастарга грамота туттардылар. Наһаа махтаммыттарын өйдөөбөппүн, бэйэм да куһаҕан баҕайытык штукатуркалаатыбыт диэн кэтэх санаалаах этим. Эдэр саас аргыстара — ырыа, үҥкүү түүн хойуккааҥҥа диэри пионердар дьиэлэригэр салҕаммыта. Мин эрдэ сылла биир түгэх орону булан, сарсын дойдулуурбун санаан манньыйа сытан, утуйан хаалбыт этим.
Сарсыарда уһуктан кэлбитим биир ороҥҥо кимнээх үстүү, кимнээх иккилии буолан утуйан буккураһа аҕай сыталлар эбит. Анараа хоско иһит-хомуос тыаһа иһиллэр. Иза Алялыын иһит сууйа сылдьаллар эбит. Баран көмөлөспүтүнэн бардым. “Иза, оптуобуспут хаска кэлэр,”- диэбиппэр, “Күнүс 3 ч сакаастаатым”,- диэбитигэр “матан” хааллым. Санаан көрдөххө, эмиэ да сөп, ити саҥардыыта утуйбут кыргыттар хаһан тураллара, хомуналлара, ити ороннору, таҥастары илдьэн туттараллара, тойук эбит. “Мин рейсовай оптуобуһунан бараары гынабын, ону кэтэспэппин”, — диэбиппэр: “Ээ.бар-бар”, — диэн көҥүллээтэ. Автовокзал чугас, оптуобус куоракка күҥҥэ 4 –тэ сылдьар. Хостон киирэн үрүксээкпин таһаардым. Арай Иза “Света, бу эстонецтар бэлэхтэрин эйиэхэ биэрэбин, этэрээппит саамай эдэр байыаһыгар, наһаа үчүгэйдик үлэлээтибит, туохха барытыгар көхтөөххүн,” –диэн баран туох эрэ кыһыл таҥаһы туттаран кэбистэ. Эстонецтар бары кыһыл дьүһүннээх, кэннигэр “Тартунский Государственный Университет” диэн суруктаах футболкалаахтар этэ. Оннук футболка эбит уонна эмиэ кыһыл дьүһүннээх, суруктаах значок эбит. Үөрдүм аҕай, уктан кэбистим. Көхтөөххүн диэн, оттон агибиригээдэҕэ кыттыбытым уонна редколлегияҕа баар этим, ону эппитэ буолуо. Сайын устата хаста да Шура диэн кыыстыын хаһыат таһаарбыппыт. Сааспынан этэрээккэ саамай кыралара этим. Ия, Света, Клава производствоҕа үлэлээн баран киирбит буоланнар, миигиттэн аҕа этилэр. Хамнаспытын бэҕэһээ биэрбиттэрэ, уубун хана утуйбутум, өлүүбүн иһит сууйан көмөлөстүм, барарым көҥүл, мантан киэһэ табылыннаҕына, дьиэбэр тиийиэм диэн санааҕа уйдаран, айаннаатым. Сэбиэскэй Сойууска ыччат биир улахан хамсааһыныгар бастакы кыттыым итинник этэ.
Светлана Габышева