Тааттаҕа моҕол ураһаны тутуохтара

29.01.2020
Бөлөххө киир:

Таатта улууһун Баайаҕа нэһилиэгин баһылыга Роман Романов Дьокуускайга сүбэ мунньах тэрийдэ. Мунньах төрүөтүнэн, Баайаҕа нэһилиэгин томторугар этнокултуурунай комплексы тутуу буолла.

Нэһилиэк томторун чөлүгэр түһэрэр сыалтан, 600-тэн тахса «КАМАЗ» массыына буор куппуттар. Комплекс биир сүрүн тутуутунан моҕол ураһа буолар. Бэлиэтээн этэр буоллахха, бу ураһаны  аҕыс улуус бастыҥ маастардара кыттыылаах үөрэтии үлэтэ бара турар. Ураһа тас өттө Сахабыт сирин туоһуттан тигиллэр, оттон ис өттө анаан Омскай куораттан сакаастаныллыбыт туостан оҥоһуллуоҕа. Ураһа тас өттө өр сыллар усталара өлбөөдүйбэккэ турарын туһугар,  «Бигэ» тэрилтэ оҥорон таһаарбыт саҥа кыраасканан кырааскалыахтара. Мандар Уус уонна Николай Егоров сүбэлэринэн-амаларынан оҥоһулла сылдьар этнокултуурунай комплекс, төрүт саха итэҕэлин, олоҕун-дьаһаҕын көрдөрөр биир бастыҥ мусуойунан буолуохтаах.

Ытык киһи Мандар Уус 75 сааһын көрсө бу тутуу этэҥҥэ үлэҕэ киирэрин ситиһээри, баайаҕалар дьулуһаллар. Бу ый 31 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Мандары Ууһу көрсө Баайаҕаҕа тиийэрэ былааннанар.

Ульяна ЗАХАРОВА.

Хаартыска — интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0