МОДУТТАР

14.11.2018
Бөлөххө киир:
White and black horse in winter

Модут нэһилиэгин (Нам) олохтооҕо Игнатий Иванович Кутуков оҕо сылдьан аҕата Иван Петрович элбэх кэпсээннээх кырдьаҕастан, Евстафьев Семен Петрович-Лээбэйтэн истибититтэн суруллубут.

Быһа барыллаан уон тохсус үйэ саҥатын диэки II Модукка Былатыан Иибэссэп (Эверстов) диэн, аатырбыт күүстээх-уохтаах киһи кинээстээн олорбут. Кини Модуттарга, Лөглө Мэхээлэ диэн киһиэхэ сылдьар эбит. Лөглө бэйэтэ, билигин кини аатынан күөл таһыгар олорбут. Алта бууту сүгэр эмиэ күүстээх киһи эбит. Онон кини Лаамыга таһаҕас таһыытыгар сылдьыбыт.

Эверстов бу Лөглөнү кытары боруобалаһыан наһаа саныыра үһү. Онон биирдэ ыһыах саҕана ааттаах атын миинэн, анаан-минээн оҥостон тиийэн кэлбит.

Бастаан, албаһынан, Лөглө күүһүн холуурга санаммыт. Ата айаннаан, тиритэн, утаппыт. Аны туран, бу ат уулууругар хайдахтаах да киһини ньылбы соһон, кэһэн киирэн уулуур адьынаттаах эбит. Кинээс киһи онон албастанан Лөглөнү атын уулатарыгар соруйбут.

Лөглө тойон соруйбутугар туруо дуо, аты сиэтэн уулата киирбит. Ата уу чугаһаабытыгар тохтоло суох дьулуруйуу кытаанаҕа буолбут. Лөглө мааныга кэтэр түнэ этэрбэстээх эбит, онтукатын сытытымаары өһөспүт да, ата тохтооботох. Лөглө онтон ыксаан, кыдьыктанан да буолуо, биирдэ түллэ түһэн баран, кыл көнтөһү быһа тардан ылбыт. Оттон ата уулуу бара турбут. Итини барытын Эверстов кытыыга киирэн көрөн турбут эбит. Лөглө көнтөһү быһа тардыбыттан, Былатыан Иибэссэп күрэстэһэр санаатын тохтотон төннүбүтэ үһү диэн кэпсииллэр эбит.

II

Акка ымсыылаах, ат сүүрүүтүнэн дьарыктанар Боодьук диэн Модут киһитэ аатыра сылдьыбыт. Боодьук харса-хабыра суох, ороспуонньук аҥардаах киһи эбитэ үhү.

Кини киһи билэринэн, биирдэ кыһыҥҥы тумаҥҥа түбэһиннэрэн, таһаҕас тиэйэн иһэр атыыһыты халаабыт. Илии-атах буолар дьоннордоох, олортон биирдэстэринэн —Кыскын диэн киһи баар эбит.

Боодьук дьаһалынан,  бу Кыскын Уус-Алдан улууһугар биир аатырбыт сүүрүүк сылгы үөскээбитин уоран аҕалбыт. Бу сылгыларын түүтүн-өҥүн араастаан кырыйан, кырааскалаан, киһи билбэт гына оҥорон, куоракка киирэн, ат сүүрдүүтүгэр элбэхтик кыайан, байбыт.

Мин аҕам Боодьукка ат сүүрдээччинэн сылдьыбыт эбит. Уус-Алданнар кэлин сибикилээн, бу кинилэр сылгылара буоларын билбиттэрэ үһү.

“Бичик” кинигэ кыһатыгар тахсыбыт «Намский улус. История. Культура. Фольклор»кинигэттэн ылылынна.

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0