«Модуҥҥа» быһахтаах киһи киирдэ

Бөлөххө киир:

Бүгүн, сэтинньи 27 күнүгэр, Дьокуускайга баар «Модун» спорт киинигэр быһахтаах киһи соһуччу киирэн оҕолору куттаата.

Хата, оҕолору дьарыктыы сылдьар тириэньэр уолуйан хаалбакка, оҕолору биир сиргэ түмэн, полиция үлэһиттэрэ кэлбиттэрин кэнниттэн оҕолору дьиэлэригэр ыыталаатылар. Биир да киһи эмсэҕэлээбэтэ. Быһахтаах киһи бэйэтин бэйэтэ быһаҕынан эчэтиннэ. Кинини «суһал көмө» массыыната илдьэ барда.

Билигин спорт кииҥҥэ полиция үлэһиттэрэ буолбут быһыы-майгы тула үлэлээн эрэллэр.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0