Былатыан Ойуунускай аатынан литературнай түмэлгэ саха норуодунай бэйиэтэ, драматург, прозаик, Саха АССР искусстволарын, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Иван Михайлович Гоголев-Кындыл «Черный стерх» уонна «Путь орлов лежит на Север» кинигэлэрин биһирэмэ буолла.
Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын институтун фольклор уонна литература отделын научнай үлэһитэ, тыл билимин хандьыдаата Саргылаана Еремеевна Ноева:
— Мин Иван Михайлович Гоголев айар үлэтин сэргээһиним, сэҥээриим Бүлүүтээҕи педагогическай училищеҕа үөрэнэр сылларбыттан саҕаламмыта. Онон түгэнинэн туһанан, учууталларбар төрөөбүт тылга, литератураҕа умсулҕаны иҥэрбиттэригэр дириҥ махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын. Уонна Бүлүү улууһа суруйааччы сырдык аатын, талаанын үйэтитиигэ улахан үлэни ыытарын анаан бэлиэтиэхпин баҕарабын.
Салгыы суруйааччы айар үлэтигэр интэриэһим СГУ-гар үөрэнэр сылларбар салҕаммыта, күүһүрбүтэ. Биирдэ Национальнай бибилэтиэкэҕэ бэрт интэриэһинэй кинигэҕэ түбэстим. Ол суруйааччы, худуоһунньук, бөлүһүөк Николай Рерих туһунан кинигэ этэ. Бу кинигэҕэ арҕааҥҥы дойдулар култуураларыгар тарҕаммыт Монсальват Хайа, Грааль чашатын, үһүс харах өйдөбүллэрин туһунан Н.Рерих анаарыыларын олус сэҥээрэн аахпытым. Уонна Иван Гоголев «Үһүс харах» романыгар тэҥнии тутан, дьүөрэлэһиннэрэн ырытыы интэриэһинэй
түмүктэри биэриэн сөп эбит диэн санаабытым. Бу поэт айар үлэтигэр бүтүннүү курдаттыы иилиир уобарастар Аал Луук мас, Чочур Мыраан, Өлүөнэ очуостарын, Эбэ Хайа, Өлүөнэ өрүс о.д.а. Мировой древо, Мировой вертикаль, Мировой горизонталь архетип-уобарастарга ханыылыылар. Ити курдук аа-дьуо литератураҕа архетип көстүүтүн ырытыыны болҕойон,
научнай үлэм биир хайысхатын буллаҕым дии. Кэлин бу тиэмэ кэҥээн, кандидатскай диссертациябар, монографиябар М.Бахтин нуучча улуу классик суруйааччыларын Ф.Достоевскай, Н. Гоголь, Л. Толстой айымньыларыгар сыһыаннаан ырыппыт «хронотоп» (кэм уонна миэстэ сыһыаннаһыыта), «двойничество» (икки өрүттээх буолуу), «диалогизм» диэн хайысхалары чинчийбитим. Иван Гоголев айар үлэтэ билигин саҥалыы методологическай хайысханан ырытыллар, өссө да элбэх ааҕааччы, чинчийээччи болҕомтотун тардыан тардар.
Сергей Егоров аатынан бириэмийэ лауреата, кыраайы үөрэтээччи, хоһоонньут Айаал Сивцев-Хоту Уолан:
—Иван Михайлович Гоголев-Кындыл төрөөбүтэ 89 сылын көрсө, олус киэҥ хабааннаах, дириҥ суолталаах көрсүһүү буолан ааста диэтэхпинэ, арааһа сыыспатым буолуо. Бу тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар Иван Михайлович оҕолоро, биир дойдулаахтара бүлүүлэр, тэҥҥэ алтыспыт доҕотторо, саха норуотугар биллэр-көстөр бас-көс дьон, суруйааччылар, учуонайдар, Б.Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын артыыстара, М.К Аммосов аатынан ХИФУ устудьуоннара, кини суруйан хаалларбыт айымньыларыгар үрдүктүк сүгүрүйэр ааҕааччылара кэлэн бу дьоро киэһэни киэргэппиттэрэ олус улахан суолталаах буолан биэрдэ. Саха литературатын биир чаҕылхай суруйааччыта, үйэҕэ биирдэ бэриллэр айар куттаах үтүө киһи, саха саарына Иван Михайлович Гоголев-Кындылга аналлаах тэрээһин үрдүк таһымҥа ааста, тэрийээччилэргэ, мусуой үлэһиттэригэр барҕа махтал
буолуохтун! Үтүө киһи аата үйэлэр тухары Бүлүү өрүс курдук уста туруохтун, албан аата кэнчээри ыччаттарга үйэ-саас тухары ааттана сылдьыахтын.
Эдэр киһи бүгүҥҥү тэрээһини үрдүктүк сыаналаатым, инникитин даҕаны бу курдук ытык дьоммут ыллыктаах суолларын үйэтитэн, кэнчээри ыччаттарга элбэҕи кэрэхсии, кэпсии, үйэлээҕи сырдата туруҥ диэн баҕа санаабынан түмүктүүбүн. Бары дьоллоох,доруобай, чэгиэн буолуҥ! Суруйар бөрүөҕүт сыппаабатын, айар дьоҕургут сайда туруохтун.
Сардаана Омукова, ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн магистрана:
— Иван Гоголев айымньыларын тылбааһын кинигэтэ тахсыбытын сүрэхтиир киэһэ олус истиҥник ааста. Тэрээһини иилээн-саҕалаан ыыппыт литература түмэлин үлэһиттэригэр, суруйааччы кыргыттарыгар, аймахтарыгар, ырытыыны оҥорбут чинчийээччилэргэ, тыйаатыр артыыстарыгар барҕа махтал.
Ангелина КУЗЬМИНА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru саайтыгар анаан.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1