Николай Константинов 60 сааһын туолла

Ааптар: 
15.03.2017
Бөлөххө киир:

Николай Элляевич Константинов бүгүн, кубулҕаттаах кулун тутар 15 күнүгэр, 60 сааһын томточчу туолла! Кини Нам оройуонун I-кы Хомустаах нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1974 сыллаахха орто оскуоланы, онтон 1983 сыллаахха Саха судаарыстыбаннай университетын нуучча тылын салаатын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ. 2006 сыллаахха Манчаары аатынан спорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр тренеринэн үлэлии сылдьан, СГУ физическэй култуураҕа уонна спорка институтун кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрэр.

Николай – боксаҕа ССРС спордун маастарыгар хандьыдаат, мас тардыһыыга Саха сирин спордун маастара.
Мас тардыһыытын түһүлгэтигэр аатын соргулаахтык ааттатан киириитэ, 1992 сыллаахха Чурапчыга, өрөспүүбүлүкэ бастакы чөмпүйэнээтигэр этэ. 62 киилэҕэ бочуоттаах бастакы миэстэни ылбыта. Кини биир дьулурҕа модун санаатын туоһута – 1994 сыллаахха Уус Алдаҥҥа Мас Мэхээлэ аатынан түһүлгэҕэ, 37 сааһыгар, спорт маастарын нуорматын толорбута буолар. Ити кэмҥэ Николай кыттар ыйааһыныгар өрөспүүбүлүкэ ааттаахтара: Михаил Черкашин, Дмитрий Кельциев, Николай Винокуров бааллара. Кинилэр икки ардыларыгар күрэхтэһии сүрдээх тыҥааһыннаахтык барара. Ол курдук, 62 киилэҕэ отуттан тахсалыы быыппастар былчыҥнаах, бачыгыратан тардыылаах мадьынылар кытталлара.
Николай өссө биир өһүллүбэт күүстээх модун кыаҕын 1998 сыллаахха Төҥүлүгэ буолбут Саха сирин бастакы кубогар көрдөрбүтэ. Онно ыйааһын аайы сыл түмүгүнэн рейтининэн уон бастыҥ мадьыны кыттара. Ити күрэхтэһиигэ биһиги дьоруойбут күннүү-күөнэхтии, саастарын оройугар сылдьар эдэр мадьынылары кыайталаан, бастакы миэстэни ылбыта сөхтөрөр.
Иллэрээ сыл Курскай куоракка паэурлифтиҥҥэ, ыарахан ыйааһыны көтөҕүүгэ аан дойду кубогын хаһаайынынан буолбута. Ити күрэхтэһиигэ бэйэтин саастыылаахтарыгар аан дойду рекордун олохтуур уонна эр дьоҥҥо Арассыыйа спордун маастарын нуорматын толорор.
Николай этэринэн, омук дойдутугар мас тардыһыытын олус сөбүлээбиттэр. Эккирэтэ сылдьан кэриэтэ ону-маны ыйыталаһаллар уонна сахалар бачча үчүгэй спорт көрүҥүн баччааҥҥа диэри ханна, тоҕо кистии сыттыгыт дииллэр…
Бүгүҥҥү суруйуум дьоруойа Н.Э.Константинов аҥаардас спорка эрэ ситиһиилээх буолбатах, кини СӨ физическэй култуураҕа уонна спорка туйгуна, “Гражданскай килбиэн” бэлиэнэн наҕараадаламмыта, Нам улууһун бочуоттаах гражданина, мас-рестлиҥҥэ Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тренерэ.
Николай Элляевич – күүстээх-уохтаах, дьулуруйар дьорҕоот модун санаалаах. Уол оҕото 100 сааскын ааһыаххар диэри сүһүөҕүҥ үрдүгэр сүүрэ сырыт, аны да спорт курдук эти-хааны чэбдигирдэр көрүҥҥэ дьону-сэргэни угуйа, түмэ, тарда тур диэҕи баҕарыллар. Алгыс баһа сыаланнын! Бары атастарыҥ, доҕотторуҥ ааттарыттан истиҥ Уруй, Айхал! Бу курдук модун күүстээх-уохтаах санаалан.

Р.СИВЦЕВ, Нам, I-кы Хомустаах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0