Модельер-устудьуоннар Петр Яковлевы кытта быраактыкаланаллар

Ааптар: 
15.01.2020
Бөлөххө киир:

Аҕыйах хонуктааҕыта Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн кэллиэһин дизайнер-устудьуоннара уонна модельердар арт-эбийиэктэринэн билсиһиннэрэр экскурсияҕа Москваҕа көттүлэр. Кинилэр галереяларынан, айар үөрэх кыһаларынан, муода көрдөрүүлэринэн, аттаах-суоллаах дизайнердар быыстарын кэтэҕин көрдөрөр мастарыскыайдарынан, уо.д.а. туһалаах тэрилтэлэринэн сылдьар былааннаахтар.

edersaas.ru

Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн кэллиэһин дириэктэрэ Елена Яковлева:

Талааннаах устудьуоннарга Москваҕа фэшн-быраактыканы тэрийии туһунан дизайнер Петр Яковлей идиэйэтин үөрүүнэн өйөөтүм. Биһиги кэллиэспитигэр үгүс талааннаах устудьуон үөрэнэр. Ол эрээри, өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр тахсыы барыларыгар кыаллыбат. Ахсынньыга айар сэбиэт 16 устудьуон бөлөҕүн тэрийбитэ. Кэллиэс устудьуоннар айаннарын, түһэр уонна экскурсияҕа сылдьар ороскуоттарын олоччу уйунна. Быраактыка бырагырааматын Петр Яковлев оҥорбута, оҕолору эмиэ кини бэйэтинэн арыаллыыр. Бу сырыы устудьуоннарга саҥа айар кыахтарын арыйарга кынаттыырыгар эрэнэбин, — диэн иһитиннэрдэ.

Москваҕа устудьуоннар дизайнер,  Fashion Factory муода эйгэтигэр биисинэс-үөрэх оскуолатын тэрийбит Людмила Нарсояны кытта көрүстүлэр. Дизайнер,  бүгүҥҥү fashion-индустрия диэн тугун, Арассыыйаҕа хайдах сайдан эрэрин кэпсээтэ.

Салгыы тохсунньу 19 күнүгэр диэри Москва куоракка баар дизайн үрдүк үөрэҕин кыһаларын кытта билсэр, Вячеслав Зайцев түмэлигэр сылдьар, Валентин Юдашкин быыстапкатын, тус дизайнынан таҥас оҥорор фабриканы көрөр, уо.д.а. соруктардаахтар.

Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн кэллиэһин пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0