Аан дойдуга биллибит уруһуйдьут уол

09.11.2020
Бөлөххө киир:

Бу сайын сэргэ аттыгар сылгы умайан эрэр хаартыската социальнай ситимнэринэн тарҕаммыта. Дьөһөгөй оҕотун уолуһуйбут ойуута үгүстэри ыксаппыта. Ол эрээри, бу хаартыска буолбатах, эдэр худуоһунньук Николай Мочкин уруһуйа этэ.

edersaas.ru

Кини киистэнэн, кыраасканан холустаҕа буолбакка, көмпүүтэргэ аныгы ньымалары туһанан уруһуйдуур. “Инстаграмҥа” сирэйигэр 152 тыһыынча сурутааччылаах, аны туран, айар үлэтин сэҥээрээччилэр үксүлэрэ атын дойдуларга олорор дьон эбит. Ол иһин онно барбах английскай тылынан эрэ кэпсэтэллэр. Онон Николай аныгы үйэ ньымаларын туһанан, омук дойдуларыгар быһа тахсан, айар үлэтин көрдөрөр.

Кыра эрдэҕиттэн киинэ, мультик дьоруойдарын үтүктэн уруһуйдуур идэлээҕэ. Ол сөбүлүүр дьарыгын сайыннаран, кини олоҕун сүрүн дьыалата оҥоһунна. Былырыын уруһуйдарын анал бырагырааманан хамсыыр киинэ курдук оҥорон, “ютубка” укпуттарыгар, 10 мөлүйүөнтэн тахса киһи көрбүтэ, сэҥээрбитэ. Мөлүйүөнүнэн сурутааччылаах аан дойдутааҕы порталлар кини үлэлэрин таһаарбыттара. Билиҥҥэ диэри “Король Лев” киинэни бүтүннүү мультик курдук уруһуйдаабаккын дуо диэн үгүстүк ыйыталлар.

Хайдах саҕаламмытай?

Николай Таатта Баайаҕатыттан төрүттээх. Норуот маастара Анна Васильевна Мандарова художественнай кылааһыгар дьарыктанан, оҕо эрдэҕиттэн уруһуйдуур дьоҕура арыллыбыта. Оскуола кэнниттэн Намнааҕы педколлеһы, онтон педакадемияны бүтэрэн, уруһуй, черчение учуутала уонна худуоһунньук идэлэрин баһылаабыта. Дойдутугар технология учууталынан үлэлээбитэ, онтон Дьокуускайга эбии үөрэхтээһин киинигэр куруһуогу салайбыта.

Салгыы идэтин уларытыан баҕаран, 2013 сыллаахха үлэ көрдүү сылдьан, оонньуу оҥорор хампаанньаны булан киирбитэ. Ол “Мytona” этэ. Онно аан бастаан көмпүүтэргэ уруһуйдуурга үөрэммитэ. “Фотошоп” бырагырааманан уруһуйдуур буолбута. “Цифровое искусство” диэн саҥа хайысханы сэргээн, истииллэрин үөрэтэн, бэйэтин холонон барбыта. Үлэтигэр оонньуулар интерфейстэрин оҥороро, киэһэ кэлэн уруһуйдуура, дьарыгын сайыннарара.

Үлэлэрин “Инстаграмҥа” @ellejart диэн туспа сирэй арыйан укпута, ол эрээри, ол саҕана улаханнык аахайбат этэ. Сыыйа омук дьоно сурутар буолан испиттэрэ. Кинилэргэ киинэ эйгэтэ чугас, үксүгэр анал “хэштегинэн” булан ылан, кэлэллэрэ. Ордук “Король Лев” киинэни мультик курдук уруһуйдаабытын кэннэ эбиллибиттэрэ. Аудиториятын үгүстэрэ – эр дьон, орто саастара – 25-35. Билигин Николайга сакаастаан уруһуйдаталлар: музыкальнай альбом сирэйиттэн саҕалаан, мэтириэккэ тиийэ.

Кыраныысса суох”

— Айар псевдонимыҥ быһыытынан Эллэй диэн ааты тоҕо ылыммыккыный?

— Сахалыы аат халандаарыгар төрөөбүт күммүнэн талан ылбытым. Бэйэбэр сөп түбэһэр дии саныыбын.

— Сахалыы тиэмэлээх уруһуйдары айаҕын дуо?

— Сахабыт сирин айылҕатын уруһуйдуохпун баҕарабын: кыталыктар үҥкүүлүү сылдьалларын, күн тахсыытын… Хас биирдии киһи үлэтиттэн сынньанар, сөбүлүүр дьарыктаах буолуохтаах. Мин хаартыскаҕа ордук дьону түһэрэрбин сөбүлүүбүн. Араастаан уларытан, “эффектэри”, фотомонтаһы эбэн биэриэхпин сөп. Билигин үрүҥ-хара өҥнөөх хаартысканы интэриэһиргии сылдьар кэмим. Бэйэм айар үлэлэрбин уонна хаартыскаларбын тус-туспа аккаунт оҥорон, арааран угабын. Киистэни, холустаны туппатаҕым ырааппыт эбит.

— Николай, инникитин бу көмпүүтэринэн уруһуй, дизайн, “цифровое искусство” төһө сайдан иһиэ дии саныыгын?

— Өссө сайдан, салгыы бара туруо, эйгэтэ кэҥээн иһэр. Аныгы үйэҕэ олоххо-дьаһахха дизайнер оҥорон таһаарар бородууксуйата киэҥ эйгэҕэ ирдэнэр. Информационнай технологиялары туһанар киһи олоҕу кытары тэҥҥэ хардыылыыр. Манна кыраныысса диэн суох. Ол эрээри үгэстэргэ олоҕурбут ускуустубаны умнар эмиэ сатаммат дии саныыбын.

Английскай тыл аан дойдуну арыйар”

— Дьиҥэр, английскай тылы билбэппин ээ. Ол иһин көмпүүтэр “тылбаасчытынан” туһанабын. Бастаан чахчы эрэйдээх этэ – этэргэ дылы, “куоппуйалаа-туруор” диэни туһанан, “тылбаасчыт” нөҥүө кэпсэтэрбит. Билигин үөрэнэн хаалбыппын, сороҕун өйдүүр буолбуппун. “Тылбаасчыппыт” да сылтан сыл тупсан иһэр. Английскай тылы үөрэтиэхпин баҕарабын. Аныгы олоххо наһаа наада эбит. Этэргэ дылы, бу тылы билэрим буоллар, баҕар, Эмиэрикэҕэ олорор буолуом этэ.

Ол иһин саха ыччатыгар туһаайан этиэхпин баҕарабын: сөбүлүүр дьарыккытын эрдэттэн булан, сайыннарыҥ, үөрэниҥ. Инники олоххутун былааннааҥ. Төһөнөн эрдэ саҕалыыгыт да, соччонон үчүгэй. Табыллыбатаҕына, хаһан да санааҕытын түһэрбэт буолуҥ, бу алҕас киһини өссө сайыннарар. Биир эйгэҕэ хааллыбакка, ыыргытын кэҥэтэртэн куттанымаҥ. Киһи бу олоххо сөбүлүүр дьарыгынан эрэ дьарыктаныахтаах дии саныыбын.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: суруйуу дьоруойун архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0