Үүммүт сыл бастакы түһүлгэтигэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ киин куорат 3 №-дээх оҕо спортивнай оскуолатыгар РСФСР үөрэҕириитин туйгуна Егор Иннокентьевич Черкашин иитиллээччилэрин бириистэригэр көҥүл тустууга үгэс буолбут өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир буолла. Сыл бастакы түһүлгэтигэр Саха сирин араас муннуктарыттан-хоннохторуттан 223 эдэр бөҕөс кэлэн туһунна.


Ахсыс төгүлүн ыытыллыбыт күрэскэ сүүрбэ үс хамаанда тустууктара уон биир ыйааһыҥҥа күүстэрин холостулар. Турнир чулуу бөҕөһүнэн киин куорат 21 №-дээх оскуолатын үөрэнээччитэ Юра Винокуров ааттанна. Кини 31 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа 53 утарылаһааччытын кэннигэр хаалларан, пьедестал үрдүкү үктэлин дабайары ситистэ.

“Бастыҥ тиэхиньикэтин иһин” анал бирииһинэн Боря Иринеев (35 кг, ДЮСШ-3) бэлиэтэннэ. “Кыайыыга дьулуурун иһин” номинациянан Арсен Кондратьев (42 кг, Хаҥалас улууһа) биһирэннэ. Анал бириистэри сэргэ, тэрийээччилэр бары кыайыылаахтарга биэстии тыһыынча солкуобайы туттардылар.

РСФСР үөрэҕириитин туйгуна Егор Иннокентьевич Черкашин иитиллээччилэрин бириистэригэр үгэс буолбут өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир кыайыылаахтара уонна призердара:

 28 кг: 1. Кузнецов Кирилл (М.Е.Захарова аатынан оскуола) 2. Осипов Эльдар (СДЮСШ-3) 3. Голиков Антон (СДЮСШ-3), Михайлов Мирослав (СДЮСШ-3).

31 кг: 1. Винокуров Юра (СОШ-21) 2. Каримов Дархан (Амма) 3. Осипов Михаил (Уус Алдан), Максимов Эрсан (Үөһээ Бүлүү).

33 кг: 1. Княжев Олег (Уус Алдан) 2. Орлов Юра (Томпо) 3. Соловьев Айдар (СДЮСШ-3), Иванов Анатолий (Эдьигээн)

35 кг: 1. Иринеев Борис (СДЮСШ-3) 2. Стручков Эрчим (Амма) 3. Явловскай Эдик (Мэҥэ Хаҥалас), Гаврилов Максим (Эдьигээн)

38 кг: 1. Огородников Дима (ДЮСШ-5) 2. Саввин Артем (Уус Алдан) 3. Арьянов Данил (Мэҥэ Хаҥалас), Брызгалов Афанасий (Мэҥэ Хаҥалас).

42 кг: 1. Кондратьев Арсен (Хаҥалас) 2. Калачиков Никита (Мэҥэ Хаҥалас) 3. Винокуров Дмитрий (Бүлүү), Федоров Айаал (Мэҥэ Хаҥалас).

46 кг: 1. Макаров Артур (СДЮСШ-3) 2. Соловьев Саргыл (СДЮСШ-3) 3. Спиридонов Сандал (СДЮСШ-3), Егоров Сахамин (Чурапчы)

50 кг: 1. Степанов Федор (СОШ-21) 2. Васильев Айсен (СДЮСШ-3) 3. Захаров Алексей (Горнай), Абидулаев Дмитрий (Томпо)

56 кг: 1. Николаев Адам (Ньурба) 2. Тургунбаев Даниэль (СОШ-33) 3. Кондратьев Ньургун (СДЮСШ-3), Петухов Сергей (Уус Алдан)

60 кг: 1. Мкртчян Грачик (СДЮСШ-3) 2. Колодезников Евгений (СДЮСШ-3)

60 кг үөһэ: 1. Иванов Степан (Ньурба) 2. Темербаев Марат (СОШ-33) 3. Гермогенов Айтал, Черноградскай Иван (Уус Алдан).

Роман ПОПОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн ылылынна

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0